Салгыы
Октябрина Пухова: «Эн ааккар махтана!»

Октябрина Пухова: «Эн ааккар махтана!»

Ааптар:
24.10.2022, 12:11
Бөлөххө киир:

“Саха сирэ” хаһыат (sakha-sire.ru) хорсун-хоодуот буойуттарбытыгар анаан, дойдуга бэриниилээх буолууга иитэр соруктаах хоһоон куонкуруһун биллэрбитэ.

Куонкуруспут 36-с кыттааччыта Уус Алдан Майаҕаһыттан  Пухова Октябрина Дмитриевна:

Эн ааккар махтана!

Сирдээҕи олоҕу өстөөх күүһэ аймаабыта,

Сүтүү-өлүү дойдуга ааҥнаабыта.

Саха чулуу уола Өлөксөөн,  ыал амарах аҕата

Сэриигэ ыҥырыллар бэбиэскэ туппута.

Алааска атаара хаалбыт аймахтара,

Аҕаларын сайыһан ытаспыт кыргыттара,

Айан суолун көрбөт ийэтэ

Аймана-уйадыйа эргиллээр диэбиттэрэ.

Ийээ, Аҕа дойдубут туһугар барабыт!

Ити эппит санаатын бигэтик ылынан,

Ол уоттаах кыргыһыы уотугар

Олоҕун уурбута Смоленскай сиригэр.

Кырачаан кыысчаана кырдьан да олорон,

Кыргыстаах сэриигэ сүтэрбит аҕатын

Туус маҥан атыгар олорон барбытын,

Тыыннааҕын көрөрдүү саныыра-ахтара.

Сураҕа суох сүппэтэх эбиккин Өлөксөөн,

Кэнчээри ыччатын кэпсээнэ буолбуккун.

Салгыыллар утумҥун сиэннэр, хос сиэннэр,

Кинилэр эн дьоһун олоххун кэриэстииллэр.

Кыайыы күнүгэр парадка хаамтыбыт,

Киэн тутта мэтириэккин өрө көтөҕөн,

Көрдүннэр, биллиннэр эдэркээн бэйэҕин

Кэскили тутуспут, Эн ааккар махтана!

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
11 октября
  • 2°C
  • Ощущается: 2°Влажность: 93% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: