Салгыы
Олбохтоох суудуна дьону 350 солкуобайга таһан саҕалаата

Олбохтоох суудуна дьону 350 солкуобайга таһан саҕалаата

01.08.2024, 12:27
Хаартыска Мэҥэ хаҥалас улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспатыттан
Бөлөххө киир:

Бүгүҥҥүттэн, атырдьах ыйын 1 күнүттэн, «Дьокуускай – Аллараа Бэстээх – Дьокуускай» хайысханан «Ленатурфлот» ХЭТ салгын олбохтоох суудуналарын сырыытын саҕалаата.

Салгын олбохтоох суудуналар маннык бириэмэнэн сылдьыахтара:

Дьокуускайтан (203 мкр) 09:15, 10:10, 14:45, 15:30, 18:30 ч.;

Аллараа Бэстээхтэн («Саха сирин тимир суоллара» кэтэһэр саалатыттан) 09:40, 10:30, 15:10, 16:00, 19:00 ч.

Төлөбүрэ: 10 үөһэ саастаах оҕолорго уонна улахан дьоҥҥо 350 солк., 7-10 саастаах оҕолорго 175 солк., 7-гэр диэри саастаах оҕоҕо  (көтөхтөрөн олорооччуларга) босхо.

Биир киһиттэн 10 киилэҕэ диэри илии тутуурун босхо ылаллар, улахан таһаҕаска 1 киилэтэ 30 солкуобайынан сыаналанар. Биир олорор миэстэни ылар таһаҕаска төлөбүр 250 солкуобай буолар диэн  Мэҥэ Хаҥалас улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

+1
10
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
1
+1
1
Бары сонуннар
Салгыы
31 октября
  • -20°C
  • Ощущается: -26°Влажность: 84% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: