Олег Колесов: «Бүгүҥҥү телемарафоҥҥа дьон көхтөөхтүк кытынна»
Саха сиригэр бүгүн НКИХ «Саха», «Якутия 24» ханаалларыгар, «Тэтим» араадьыйатыгар «Барыта кыайыы туһугар» диэн телемарафон буолла.
Телемарафон Бүтүн Арассыыйатааҕы норуодунай фронт «Все для победы» бырайыагы уонна Донбасс, Херсон, Запорожье олохтоохторун, Арассыыйа аармыйатын байыастарын өйүүр аналлаах ыытылынна. Телемарафон сүрүн сыала — уопсастыбаны сомоҕолуур уонна тустаах дьоҥҥо көмө харчыны хомуйуу.
Марафон туһунан «Саха» телеханаал дириэктэрэ Олег Колесов-Талбан санаатын үллэһиннэ:
— Бу марафону биһиги бэрт суһаллык тэрийэн оҥордубут. Тэлэбиидэнньэ үлэһиттэрэ суһал үлэҕэ үөрүйэх дьон буоллахпыт, ол да иһин, хата, бары кэлиэхтээх дьон кэлэн санааларын этиннилэр. Үөрүөм иһин, бу марафон буоларын көрөн-истэн элбэх киһи биһиэхэ сибээскэ тахса сырытта, көхтөөхтүк кытынна. Быстах хомуурга барбат да буоллахпытына хайдах көмөлөһүөхпүтүн сөбүй диэн сүбэлэттэрээччи элбэх этэ. Инньэ гынан счекка ыытар гына QR-куод ыыппыппыт. Сорохтор устуудьуйаҕа кытта кэлэн бэйэлэрин өйөбүллэрин биллэрдилэр.
Марафоҥҥа элбэх киһи үлэлээтэ. Ол курдук, икки эрэдээктэр тэҥҥэ тутан барытын ааҕан-суоттаан, учуоттаан, ким ханан киириэхтээҕин-тахсыахтааҕын барытын быһаарсан, режиссердар эмиэ миэстэбитин уларыта охсоммут хаһааҥҥытааҕар даҕаны түргэнник, суһаллык үлэлээтибит. Түөрт чаас эпиирдиир диэн манан дьыала буолбатах.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: