Олег Омин – намнар күндү күтүөттэрэ
Былыргы көс биистэр: гуннар, сарматтар, скифтэр, түүрдэр, монголлар, джунгардар быһаччы удьуордарынан биллэр алтай омук бэрэстэбиитэллэрэ Саха сиригэр аҕыйаҕа суохтар. Олег Васильевич Омин Нам улууһун Нам сэлиэнньэтигэр олохсуйан, ыал буолан, оҕо-уруу төрөтөн, «бэйэ сахата» буолбута быданнаата.
Олег Васильевиһы үгүстэр олоҕу кытта тэҥҥэ хардыылыыр (инникилиир да диэххэ сөп), ыччаты иитиигэ тус бэйэтин санааларын олоххо киллэрэр, ураты дьарыгынан дьонун-сэргэтин биһирэбилин ылар, уонна, биллэн турар, үтүө үлэһит киһи быһыытынан билэллэр.
Оччотооҕу ыччат кимтэн да тутулуга суоҕа…
– Мин ханнык эрэ өбүгэлэрим ХХ үйэ саҥатыгар Кытай диэкиттэн Алтайга көһөн кэлбит курдуктар.
Мин 1965 сыллаахха Алтайга төрөөбүтүм. Оскуола кэнниттэн Арменияҕа саперынан сулууспалаабытым. Сулууспам кэнниттэн Хайалаах Алтайга тиэхиньикумҥа тэлэбиисэр оҥорор маастар идэтигэр үөрэммитим. Кэргэн ылыахтаах Татьяна Илларионовнам эмиэ ити тиэхиньикумҥа модельер-конструкторга үөрэммитэ (Саха сириттэн үс буолан кэлбиттэр этэ). Сэбиэскэй кэмҥэ дьиэ-уот, олох-дьаһах исписэлиистэрин анаан-минээн бэлэмнииллэрэ. Инньэ гынан, элбэх туһалаах идэни биэрэр үөрэххэ дойду араас муннугуттан кэлэн үөрэммиппит, хомойуох иһин, кэлин сабыллыбыта. Татьяналыын биир уопсайга, атын-атын этээстэргэ олорбуппут. Аҕата Нам улууһун Намыттан, ийэтэ Үөһээ Бүлүү Намыттан төрүттээхтэр, онон иккиэн намнар. Кэргэмминиин төрөөбүт күммүт – ахсынньы 8 күнэ. Онон, ханан эрэ дьылҕа бэлиэлэрэ баар курдуктар.
Үөрэхпитин бүтэрбиппит. Мин дойдубар үлэ суоҕа. 1990 сыллаахха ыал буолар уруубут киэһэтин дойдубар тэрийбиппит. Бары билэрбит курдук, ити кэмҥэ ыарахан сыллар этилэр: харчы уларыйбыта, фабрикалар, собуоттар сабыллан барбыттара. Онон сыбаайбабытын кыл мүччү оҥорбуппут. Сыбаайбабыт алтай омук үгэһинэн барбыта. Олоҕум эрэллээх аргыһа буолуохтаах кыыспар сиэҕэ суох куппаайка уонна кийиит кыыс бэргэһэтин кэтэрдибиттэрэ.
– Ыал улахан оҕото атын сиргэ олохсуйа бараргын төрөппүттэриҥ көҥүллээбиттэр эбит дии?
– Төрөппүттэрбит биэс оҕолоохтор: түөрт уол уонна биир кыыс. Мин саамай улаханнарабын. Биһиги үгэспитинэн ыал улахан оҕото дойдутуттан тэлэһийэн, атын сиргэ барыан-кэлиэн сөп, оттон кыралар хаалаллар. Төрөппүттэрбит эдэрчи этилэр. Ийэбэр ыраах Саха сиригэр барабын диэбиппэр сөбүлэспитэ. Биһиэхэ 18 сааскын туоллуҥ да: “Эн олоҕуҥ, бэйэҥ быһаарынаҕын”, – дииллэр.
Урут оскуолабыт 8 эрэ кылаастааҕа. Ол иһин, ыаллыы сытар Барагаш диэн сэлиэнньэҕэ оскуоланы бүтэрбитим. Онон, дьиэбиттэн эрдэ тэйбитим, урукку ыччаттар бэйэбитин бэйэбит быһаарынар, кимтэн да тутулуга суох этибит. Сэбиэскэй аармыйаҕа сулууспалаан баран, тута атын куоракка үөрэнэ бардаҕым дии. Оччолорго дойду хайа баҕарар муннугар тиийэр, сири Сибиири кэрийэр кыах барыбытыгар баара. Ол олох күннээҕи көстүүтүн курдуга, киһи соһуйара да, куттанара да суоҕа. Чыҥыс Хаан: “Ханнык баҕарар дьахтар Араҕас муораттан саҕалаан, ханна баҕарар тиийэр кыахтаах, кинини ким даҕаны тарбаҕынан да таарыйбат”, – диэн мээнэҕэ эппэтэҕэ. Оттон билигин атын, кутталлаах соҕус кэм…
«Туундара, табалар ханна баалларый?»
– Баҕар, наар хатылыыртан сылайбытыҥ буолуо да буоллар, Саха сиригэр аан бастаан кэлбитиҥ хайдах этэй?
– Саха сиригэр күтүөттүү кэлиэм иннинэ Саха сирин эһэ-бөрө дойдутун, туундараҕа олороллорун курдук уопсай эрэ өйдөбүллээҕим. Оччолорго тэлэбиисэр биэриилэригэр үксүн Орто Азияны, Кавказ дойдуларын, Прибалтиканы, Монголияны уо.д.а. көрдөрөллөрө. Онтон Саха сирин туһунан соччо кэпсээбэт этилэр.
Мин туох-ханнык дойдуга баран эрэрбин улаханнык удумаҕалаппакка да, сөмөлүөккэ билиэт атыыласпытым, билиэт аһара сыаната суоҕа.
1990 сыллаахха муус устар 4 күнүгэр Саха сиригэр аан бастаан кэлэн баран, харахпар табалары көрүөм диэн санаалааҕым. Ити кэмнэргэ үгүс киһи таксистыыр быһыылааҕа, “Запорожец” массыыналаахтара. Сөмөлүөттэн түһэн баран 3 солкуобайы төлөөн (оччолорго элбэх харчы этэ), таксига олорон биир билэр киһибэр илтэрбитим. Онтон сарсыныгар дьиэ хаһаайына автовокзалга аҕалбыта. Автовокзалтан Намныыр оптуобуска олорон аспаала суох, буор бурҕачыйар суолунан сахсыллан, быыл бөҕөтүн «сиэн» айаннаабытым. Айанныырым тухары хараҕым туундараны, табалары көрө сатыыр. Онтум баара, тулам барыта ойуур буолан соһуппута. Намҥа түһэн баран, сэбиэскэй кэмнээҕи сиэринэн биир милиционерга чугаһаан: “Табаарыс милиционер, Полевая уулусса ханна баарый?” – диэн быһаччы ыйытааччы буолбутум. “Атын сиргэ көрдүү сылдьар эбиккин. Олор, илдьэн биэриэм», – диэн тиийиэхтээх сирбэр аҕалбыта. Уопсайынан, айаным тухары үтүө санаалаах дьон түбэспитэ. Татьянам төрөппүттэрин дьиэтигэр кэлэн баран, кыбыстан таһырдьа тэпсэҥнии сылдьыбытым. Онтон биир киһи кэлэн дьиэҕэ киирэрбэр ыҥырбыта. Ол кэргэним аҕата эбит этэ. Ити курдук, кэргэним төрөппүттэрин дьиэтигэр күтүөт уол киирэн кэлбитим.
Намҥа кэргэммин тута педагогическай училищеҕа иистэнньэҥнэри үөрэтэр преподавателынан, миигин мастарыскыай лабараанынан ылбыттара. Үлэлии сылдьан училищеҕа үөрэххэ киирбитим. Онон эбиэккэ диэри – устудьуон, эбиэт кэннэ – үлэһит, киэһэ араас тэрээһиннэри ыытааччы этим (аппаратууралааҕым). Дьиэ кэргэммин аһатыахпын-таҥыннарыахпын наада этэ. Ол гынан баран, олох үөһүгэр сылдьар олус интэриэһинэй этэ. Кэлин гаас тэрилтэтигэр үлэлии барбытым.
Онтон булгуччу саха тылын үөрэтиэхтээхпин диэн бигэтик быһаарыммытым. Тоҕо диэтэххэ, сахалыы тылы билбэккэ эрэ, норуокка кыайан чугаһаабаккын, чугастык алтыспаккын. Саха уонна алтай тыла кыратык майгыннаһар эрэ. Саха тылын үөрэтэрбэр миэхэ «Ленагаз» учаастагын начаалынньыга Роман Семенович Шапошников улаханнык көмөлөспүтэ, киниэхэ улахан махталлаахпын. Кинилиин уонна кини доҕотторунуун бултуу, балыктыы барарбыт. Дьэ, айылҕаҕа эр дьону кытары бииргэ сылдьан тылга түргэнник үөрэммитим. Туох баар боппуруос кутаа тула олорон сэһэргэһиигэ быһаарыллара. Билигин күннээҕибин сахалыы кэпсэтэбин, ааҕабын, арай алҕастардаах суруйабын, дифтоннары ыарырҕатабын. Дьиэбитигэр оҕолорбутунуун нууччалыы кэпсэтэбит. Үс уол уонна биир кыыс оҕолоохпут. Икки улахан уол хайыы үйэ ыаллар, Дьокуускай куоракка олороллор. Кыыспыт – 9-с, кыра уолбут 6 кылааска Намҥа үөрэнэллэр.
– Дойду ахтылҕанын таһаара Алтаайга төһө элбэхтик сылдьаҕын?
– Дойдубун оннук улаханнык ахтабын диэбэппин эрээри, үптэн-харчыттан көрөн син баран кэлэбит. Бүтүн дьиэ кэргэнинэн барар ороскуоттаах даҕаны. Кырдьыгынан эттэххэ, бэйэм да бардахпына, биир нэдиэлэ буолаат төннөн кэлэбин. Тоҕо диэтэххэ, санаабар, онно сылдьан, күндү бириэмэни халтайга ыытар курдукпун. Сайын эбэтэр күһүн бардахпына, манна дойдубутугар Саха сиригэр сир аһын хомуйуу, балыктааһын, кустааһын саҕаланар буоллаҕа. Этэргэ дылы, биир күн дьылы аһатар. Урут куобах дэлэй эрдэҕинэ, куобах үүрэр этибит. Атын дьон курдук, араас дойдуларга, муораларга сынньана бара да сатаабаппын. Манна бэйэбитигэр киһи ордук үчүгэйдик, туһалаахтык сынньанар. Куһаҕан үчүгэйэ суох буолбат дииллэринии, Турцияттан ураты кыраныыссалары саптылар дии. Дьэ, ити кэмҥэ туризмы да сайыннарыахха сөп. Сайын Буотама үрэххэ устубуппут, киһи олус элбэх этэ. Биллэн турар, хааччыйыы өттө (сиэрбис) итэҕэһэ-быһаҕа элбэх. Ол да буоллар, айылҕаҕа сынньанар саҕа үчүгэй суох. Өрөспүүбүлүкэни барытын кыайан кэрийэ иликпин, оттон Нам улууһун кэрэ-бэлиэ миэстэлэригэр сылдьа сатаатым. Сайын аайы сайылыкпытыгар да сынньаныахпын сөп. Бултуурбун, балыктыырбын олус сөбүлүүбүн.
Байыаннай-патриотическай иитии ханнык баҕарар кэмҥэ наада
– Эйигин социальнай ситимнэртэн көрөн, дьикти уонна сэдэх да диэххэ сөп, дьарыктааххын билэбин. Араас кырасыабай хаартыскаларыҥ биһирэнэллэр. Ол туһунан кэпсии түһүөҥ дуо?
– 2017 сылтан сэбиэскэй кэмнээҕи малы-салы, араас туттар тэрили мунньан барбытым. Билигин тохтоотум. Тоҕо диэтэххэ, наһаа элбээтэ, бэйэтэ мусуой эспэнээттэрин саҕа элбэх. Ол кэнниттэн байыаннай дьыалаҕа көспүтүм, чуолаан байыаннай таҥастары мунньан, ону кэтэн, хаартыскаҕа түһэн көрдөрөбүн, таах сытыахтара дуо (күлэр). Мин галифе ыстаан ылан кэтэн, дьаарбаҥкаларга хаамыталааччыбын. Соторутааҕыта Дьокуускай куоракка «Арассыыйа – мин устуоруйам» мусуойга киирэн сэрии кэмин көрдөрбүппүт. Кэлин кэтээн көрдөхпүнэ, сорох уолаттарбыт, эр дьоннорбут хайдах эрэ дьиҥнээх эр киһиэхэ маарыннаабаттар, таҥастара-саптара да уларыйда. Уопсайынан, уолаттары эр дьон гына, байыаннай-патриотическай тыыҥҥа иитэргэ кыһаллабын. Ол да буоллар, сорохтор «сэриини ыраланар» диэн мөҕөллөр. Мин сэбиэскэй кэми хайдах да төннөрбөппүтүн билэбин, өйдүүбүн. Билигин ханнык балаһыанньаҕа олорорбутун бэйэҕит билэ-көрө сылдьаҕыт. Оскуолаларга начаалынай байыаннай бэлэмнэнии уруогун суох гыммыттара ыраатта. Онон, байыаннай-патриотическай тиэмэ оскуолаларга баар буолуохтаах, ыччат дьон ханнык баҕарар кэмҥэ дойдуну көмүскүүргэ үөрэниэхтээх, бэлэм буолуохтаах. Холобур, баһаары умулларыыга үлэлэспитим. Онно көрдөххө, үгүс дьон ыксаллаах быһыыга-майгыга хайдах дьаһаныахтааҕын, туох тэриллээх, таҥастаах-саптаах буолуохтааҕын да билбэт. Тоҕо диэтэххэ, ким да үөрэппэтэх.
Нам улууһугар ДОСААФ суох. Мин саныырбынан, хас биирдии нэһилиэккэ үс сүрүн тэрилтэ хайаан да баар буолуохтаах. Бастатан туран, ЗАГС кыраһыабай дьиэтэ, тоҕо диэтэххэ, мантан инники олоҕуҥ саҕаланар. Иккиһинэн, баанньык, ыраас буолуу – доруобуйа төрдө. Үсүһүнэн, ДОСААФ дьиэтэ. ДОСААФ-ка ыччаттары массыына ыытарга босхо үөрэтиэхтээхтэр дии саныыбын.
Биир кэмҥэ оҕолору бэлисипиэтинэн похуодка илдьэ сылдьыбытым. Манна бэлисипиэккэ олордуҥ да похуоттуу сылдьаҕын диэн буолбатах. Ыччаты ийэ айылҕаҕа чугас буоларга, ыксаллаах быһыыттан-майгыттан хайдах тахсарга, түҥ тыаҕа хайдах дьаһанан олоруохха сөбүн үөрэтэҕин.
2008 сыллаахха уолум үөрэнэр гимназиятын 7-с кылааһын оҕолоруттан талан, кылаас салайааччыта Людмила Николаевна Павлованы кытары биир тылы булан, бэлисипиэтинэн айаны тэрийбиппит. Нам ыраах сытар Хатырык сэлиэнньэтигэр тиийбиппит. Икки уолу ылан маҥнай Булууска баран кэлбиппит. Эһиилигэр бүтүн кылааһынан Хачыкаакка уонна Уус Алдан улууһун Суоттутугар бэлисипиэтинэн тиийбиппит. Онтон оҕолорбут 9-с кылааска тахсыбыттара, улааппыттара, эксээмэннэр кэмнэрэ, хайыы үйэ айанныыры, барары-кэлэри интэриэһиргээбэт буолбуттара. Уопсайынан, 7-9 кылаастарга эрэ оҕо барытын ылынар, наадалааҕы бэйэтигэр иҥэринэр сааһа, кинилэри ити кэмҥэ үөрэтиэххэ, такайыахха наада. Кистэл буолбатах, билигин үгүс оҕо, ыччат социальнай ситимнэргэ олорорун ордорор буолла…
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: