Оленегорскай табаһыттара хараалга бэлэмнэнэллэр
Аллайыаха улууһун ырыаҕа ылламмыт, хоһооҥҥо хоһуллубут Оленегорскай бөһүөлэгэр “Илкан” табаһыттар общиналара быйыл сайыны этэҥҥэ аһарда. Табаһыттар табаларын үүрэн Оленегорскайтан 40-ча км сиргэ аҕаллылар.
“Быйыл сайын этэҥҥэ сайылаатыбыт. Хата, наһаа куйааһа суох сайын буолан абыраата. Бу алтынньы 27 күнүгэр хараалбыт саҕаланыаҕа. Хараалы бэйэбит күүспүтүнэн ыытабыт. Өрүс тура илик буолан, улуус кииниттэн бэтэринээр кэлэрэ кыаллыбат. Хараал кэмигэр тыһы табалары, тугуттары уонна атыырдары тус-туһунан араартыахпыт, — диэн кэпсээтэ төлөпүөнүнэн быһа сибээскэ тахсан, табаһыттар настаабынньык-биригэдьиирдэрэ Валерий Алексеевич Трофимов.
Алта табаһыт общиналарын табатын сүтэрбэт, энчирэппэт туһугар кыһанар. Астара-үөллэрэ баар, ол да буоллар, билиҥҥитэ балаакканан олороллор эбит. Биригэдьиир бэнсииммит татым соҕус диэн этэр.
Хаартыскаҕа: общинаттан бу сайын кэлбит хаартыска.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: