Оленегорскайтан сэргэх сонуннар
Аллайыаха улууһун ырыаҕа ылламмыт Оленегорскай сэлиэнньэтигэр (баһылык Г.Кривошапкина) “Таба” пааматынньыгын саҥардан оҥордулар.
Сэбиэскэй кэмҥэ таба иитиитинэн биллибит уонна билигин төрүт дьарыгы тилиннэрэргэ үлэлэһэр сэлиэнньэҕэ бэртээхэй хамсааһын. Пааматынньыгы саҥардыыны “Олохтоох көҕүлээһиннэри өйүүр бырагыраама” Саха Өрөспүүбүлүкэтин көҕүлээһини үбүлүүр бырагырааматын чэрчитинэн ыытылынна.
Олохтоохтор баҕа санааларын учуоттаан, таба скульптуратын оннунан хаалларбыттар. Сивцев Иван Гаврильевич диэн маастар үлэтэ үйэлэргэ Оленегорскайы киэркэтэ туруоҕа. Пааматынньыгы саҥардыыны тендергэ кыайбыт “Рим” ХЭТ бэрт хаачыстыбалаахтык ыыппыт, онон олохтоохтор астыналлар.
Аны иккис үтүө сонун – таба иитэр ыстаадаҕа маассабай төрүөх саҕаланна.
Үһүс үтүө сонун – ыам ыйын 17 күнүгэр Оленегорскайга бөртөлүөт кэлэрэ күүтүллэр. Оскуола оҕолоро эксээмэн туттара көтөллөр. Онон тиһэх чуораан быйыл ыам ыйын 16 күнүгэр буолуоҕа.
“Ити курдук олус сэргэхсийэн олоробут”, — диэн бу сонуннарын кытта үллэһиннэ Оленегорскай сэлиэнньэтин Уопсастыбаннай сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Виктория Трофимова.
Хаартыскалары: В.Трофимова ыытта.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: