Салгыы
“Оленек-Торг” кыыл этин тутар

“Оленек-Торг” кыыл этин тутар

24.11.2022, 10:15
Бөлөххө киир:

Киин улуустарга, Дьокуускайга олорор дьон үксүн ынах уонна сылгы этинэн хааччыйыыны интэриэһиргииллэр. Оттон бүгүн кылгастык кыыл этин тутуу туһунан кэпсиэхпит.

Өлөөн улууһугар кыыл этин тутуунан “Оленек-Торг” МУП дьарыктанар. 2014 с. хайа тэриллиэ­ҕиттэн ыла улуус олохтоохторун этинэн хааччыйар. Улууска сүрүн соҕотуопкаһыт быһыытынан бүддьүөт тэрилтэлэрин – уһуйааннары, оскуолалары, балыыһалары этинэн хааччыйан абырыыллар. Эрдэттэн бу тэрилтэлэртэн сайаапкалары ылаллар. Онуоха быһа холуйан 10 т эти хаһааналлар. Хаһаайыстыба 13 аҕа ууһун общинатыттан, ИП-лартан кыыл этин билиҥҥитэ 250-нуу солкуобай тутар. Дуогабар түһэрсэннэр, “Чымаара”, “Өрөкүнэ”, “Тааннаах”, “Сопко”, “Эҥээн”, “Силигир”, “Бэлгэр” уо.д.а. аҕа ууһун общиналара,  “Спиридонов” ИП бултаабыт кыылларын этин балачча элбэҕи туттараллар. Онон хаһаа­йыстыба сылга уопсайа 80 т кэриҥин тутар.  Бу общиналары, ИП-лары сэргэ Өлөөн, Дьэлиҥдэ, Харыйалаах, Ээйик булчуттара бултаабыт кыылларын этин туттаран, үптэнэр кыахтаммыттар. 20-чэ булчут кинилэри кытта дуогабардаһар. Хаһаайыстыба бэйэтэ эмиэ биригээдэлээх. Онон кинилэри бултуу баралларыгар тэрийэн, ботуруонунан, бородууктанан эрдэттэн хааччыйар. Бу хоту дойду тыйыс усулуобу­йатыгар олорор-үлэлиир дьоҥҥо олус көмөлөөх. Тэрилтэни улуус үбүлүүр, субсидия биэрэр. Онон улуус дьаһалтатын хайгыаҕы баҕарыллар. Улууһун этинэн хааччыйыыны өрө тутарын иһин.

– Билэргит курдук, Өлөөммүт олус киэҥ сирдээх-уоттаах. Онон булду эккирэтэн ырааҕынан тэлэһийэр байанайдаах булчуттарбыт кэннилэриттэн тилэх баттаһан барабыт.  250-тан саҕалаан 500-чэ км тиийэ сиринэн  сылдьаллар. Холобура, Ээйиктэн Өлөөҥҥө диэри 1000 км айанныахха наада. Мантан Удачнайга тиийэн бултуур булчуттарбытыгар тиийдэхпитинэ табыллар буоллаҕа. Биһиги бултуур учаас­тактарга күһүн баарсанан тиийэн тутабыт. Онон тырааныспар уматыгар ороскуоттары көрсөбүт. Көрүүчэйбитин оройуон бүддьүөтүттэн ылабыт, ол улахан көмө буолар. Кыыл эрдэ – атырдьах ыйыгар киирэр буолан, сылаас кэмҥэ эт аһыйыан сөп. Онон биһиэхэ катердаахпыт буоллар, абыраныа этибит, күһүн эппит хаачыстыбата олох үчүгэй буолуо этэ. Оччоҕуна эти миэстэтигэр тутан баран, тута астаан-үөллээн (ыыһаан эҥин) таһаарыа этибит. Кыыл тириитин эмиэ туһаҕа таһаарбыт киһи. Билиҥҥи туругунан иистэнэр сыахтаах  “Өлөөннөөҕү” МУП-ы кытта сибээстэһэн эрэбит.

“Оленек-Торг” тэрилтэ аҥаардас Өлөөн улууһун бүддьүөтүгэр олорор. Онон биһигини өрөспүүбүлүкэ Тыатын хаһаа­йыстыбатын уонна Арктикаҕа министиэристибэлэрэ өйүүллэригэр эрэнэбит. Оччоҕуна улуус­пут олохтоохторун сэргэ улуус таһыгар кытта хааччыйар кыахтаныа этибит, – диэн кэпсээ­тэ МУП дириэктэрэ Никан Николаевич Николаев.

“Оленек-Торг” материальнай-тиэхиньиичэскэй баазатын туһунан кэпсээтэххэ, Дьэ­лиҥдэҕэ, Ээйиккэ рефрижератордаахтар. Ону бу нэһилиэктэр олохтоохторо булуус курдук эмиэ туһаналлар. Бу рефрижератордары Санкт-Петербуртан атыыласпыттар эбит. Тэрилтэ туппут этин батарыынан, атыылааһынынан эрэ муҥурдаммат эбит. Ол курдук, аны олохтоох бородууксуйаны оҥорууга ылсыбыт. Халбаһы оҥороллор, хаппыт эти, эриллибит эти, ыыһаммыт эти бэлэмнииллэр. Бу сонун саҕалааһыны олохтоохтор сэҥээрбиттэр, маҕаһыыннарыгар киирдэ даҕаны былдьаһыгынан атыылаһаллар. Онон сыахтарыгар 4 киһи үлэлиир.

Өссө айылҕа бэрсэр бы­­йаҥын хомуйууну нэһилиэнньэҕэ көҕүлүүллэр. Онон морошканы, сугуну, күөх луугу туталлар. Быйыл күһүн 500 киилэ отону туппуттар. Морошканы киилэтин балтараалыы тыһыынча, сугуну – 400 солк. Өссө күстэҕинэн дьарыктаныахтара. Инникитин сыахтарын кэҥэтэн, оҥорон таһаарыыны өссө тупсарар бүччүм санаалаахтар. Ол курдук, нэһилиэнньэттэн туппут морошкаларыттан морс, сироп эҥин оҥорон таһаардахтарына, атыы-эргиэн да тэнийиэ этэ.

Түмүккэ, дириэктэр Никан Николаевич “Өлөөн эбэҥки национальнай оройуона” МТ баһылыгар Лена Ивановаҕа, аҕа ууһун общиналарын баһылыктарыгар, ИП-ларга, биирдиилээн булчуттарга уонна кэлэктиибигэр махталын тириэртэ.

Төһө кыыл таба баарый?

Иннокентий Семенов, “Био­логия ресурсаларын ураты харыстанар сирдэрин уонна айылҕа пааркаларын дириэксийэтиндириэктэрин солбу­йааччы:

– Өлөөҥҥө кыыл таба улахан популяцията баар. Ирбэт тоҥ биологическай кыһалҕаларын үөрэтэр института “АЛРОСА-лыын” кыттыһан аҕыйах сыллааҕыта авиа-учуот  ыытан, 85 тыһыынча кыыл таба баарын аахпыттара. Уонна таарыйа бу ыстаада структуратын, төһө атыыр, тыһы баарын чопчу­лаабыттара. Билиҥҥи туругунан бу улууска кыыл таба ахсаана аччыы да, элбии да илик диэххэ сөп.  Булчуттар кубуотаҕа олоҕуран бултууллар.

“Рефрижератор абыраата”

Ольга Павлова, Дьилиҥдэ нэһилиэгинТугутчаануһуйаан сэбиэдиссэйэ:

– “Тугутчааҥҥа” быйыл 1-тэн 7 диэри саастаах 61 оҕо сылдьар. Хоту дойду олохтоохторугар сүрүн аһылыгынан эт уонна балык буолар. Оҕо күннээҕи рационугар иҥэмтиэлээх төрөөбүт астара хайаан да баар буолуохтаах. Уһуйааммыт “Оленек-Торг” тэрилтэни кытта үлэлээбитэ ыраатта. Бу МУП көмөтүнэн эккэ кыһалҕаны олох көрсүбэппит. Сылга 700-чэ киилэ эти ылабыт. 1 т диэри сороҕор тиэрдээччибит. Сыллааҕы сиир эппитигэр харчыны тута төлөөн кэбиһэбит уонна хаһан наадыйарбытынан тиийэн рефрижератортан ылабыт. Тоҕо диэтэххэ, элбэх эти харайар усу­луобуйа уһуйааҥҥа суох буол­лаҕа. Онон бу рефрижераторы туруоран абыраатылар. Онно үлэһит Алена Христофороваттан докумуоннаһан ылааччыбыт. “Саха сирэ” хаһыат нөҥүө МУП дириэк­тэригэр Никан Николаевка истиҥник махтанабыт. Үлэтин таптыыр, кэскиллээх салайааччы быһыытынан сыаналыыбыт. “Оленек-Торг” тэрилтэҕэ ситиһиилэри, сайдыыны баҕарабыт!

Хаартыскалар “Оленек-Торг” тэрилтэ тиксэриилэрэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
3 декабря
  • -29°C
  • Ощущается: -29°Влажность: 76% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: