Ольга Балабкина анал байыаннай эпэрээссийэ кыттыылаахтарын уонна дьиэ кэргэттэрин кытта көрүстэ
Сэтиньи 7 күнүгэр Саха сирин Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Ольга Балабкина байыаннай эпэрээссийэҕэ ыҥырыллыбыттар, баҕа өттүлэринэн-хантаараагынан кыттааччылар уонна “Боотур” этэрээт байыастарын кытта көрүстэ.
“Саха сирин баһылыга Айсен Николаев биһиэхэ сорук туруорда – байыаннай сулууспалаахтар дьиэ кэргэттэригэр болҕомтону ууран, өрөспүүбүлүкэҕэ олохтоммут өйөбүл бары миэрэлэрин түргэнник тиэрдэргэ”, — диэтэ Ольга Балабкина.
Үгүс дьиэ кэргэттэр хайыы-үйэ биир кэмнээх уонна атын төлөбүрдэри ылбыттара. Саамай уустуга – байыаннай чаастары кытта сибээстэһии.
“Өйөбүл эрэгийиэннээҕи миэрэлэрэ ыҥырыыга хабыллыбыт киһи тиийбит байыаннай чааһын биэрбит сибидиэнньэлэригэр олоҕуран оҥоһуллар. Чаастартан испииһэги араас ньыманан ылабыт, ол иһигэр быһаччы байыаннай чааска министиэристибэ үлэһиттэрин командировкаҕа ыытабыт”, — вице-премьер.
Анал байыаннай эпэрээссийэҕэ баҕа өттүлэринэн барбыт байыастар тустарынан сибидиэнньэлэри ылыы ураты бэрээдэгэ уһун кэми ылар. Билиҥҥи туругунан баҕа өттүлэринэн кыттааччылар испииһэктэрин чуолкайдыырга Ростов куоракка Саха сириттэн өрөспүүбүлүкэ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын Дьаһалтатын уонна Байыаннай Хамыһарыйаатын үлэһиттэрэ бардылар.
Саха сиригэр ОНФ эрэгийиэннээҕи исполкомун салайааччыта Валерий Лютай байыаннай сулууспалаахтарга уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэригэр өйөбүл миэрэтин анааһыны ыйытыга уонна докумуоннары эбии хомуйуута суох быһалыы (проактивный) анааһын наадатын бэлиэтээтэ. “Кырдьык, РФ Оборуонаҕа министиэристибэтин, байаҥкамааттары кытта бииргэ үлэлэһиигэ үгүс боппуруостар бааллар. Бииргэ үлэлээһин ньыматын, суһаллык үлэлэһии суолун тобулуохха”, — диэтэ кини.
Көрсүһүүгэ байыаннай сулууспалаахтарга уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэригэр кирэдьиит уонна ипэтиэкэ каникулун олохтооһуҥҥа, иэһи уһулууну тохтотууга, ОДЬХ төлөбүрүгэр чэпчэтиилэргэ сыһыаннаах эбии чэпчэтиилэр туһунан ыйыттылар. Хас биирдии ыйытыыга хардардылар. Ол курдук, ыйытыыга хоруйдууругар Ольга Балабкина сураҕа суох сүппүт Саха сирин байыаннай сулууспалаахтарын көрдөөһүҥҥэ Арассыыйа Федерациятын байыаннай борокуруоругар суругу ыытарга этии киллэрдэ. Ону тэҥэ вице-премьер чааһынай байыаннай хампаанньалар (ЧВК) үлэһиттэригэр өйөбүл миэрэлэрэ тарҕаныахтарын сөбүн эттэ.
Эчэйиини ылбыттарга төлөбүрдэргэ сыһыаннаах кэккэ боппуруостар киирдилэр. Ол курдук, госпиталь байыаннай сулууспалаах эмсэҕэлээһинин истиэпэнин сороҕор ыйбат, оттон төлөбүр суумата эчэйиини ылыы истиэпэниттэн тутулуктаах. Ону тэҥэ эчэйбити көрө барар аймахтарыгар уонна чугас дьонугар төлөбүрдэр бэриллэллэр. Ольга Балабкина эчэйии истиэпэнин бигэргэтиигэ байыаннай госптиаллары кытта Саха сирин Үлэҕэ министиэристибэтэ быһаарсыаҕа, диэтэ. Чуолаан, Москва госпиталларыгар бу боппуруостары сүрүннээһиҥҥэ Дьокуускай куораттааҕы 3 №-дэх балыыһа кылаабынай бырааһа Светлана Давыдова командировкаҕа барар буолла.
“Байыаннай сулууспалаахтар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрэ көрсөр кыһалҕаларын таба өйдүүргэ сөптөөх кэпсэтии буолла. Сорох кыһалҕалары миэстэтигэр быһаарбыппыт үчүгэй, сорохторо федеральнай таһымҥа көрүүнү ирдиир боппуруостар. Хас биирдии дьиэ кэргэн боппуруоһун анал бэрээдэгинэн көрүөхпүт, оттон маннык көрсүһүүлэри байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыттан уонна кинилэр чугас дьонноруттан ыйытыктар хайдах киириилэринэн көрөн ыытарга бэлэммин”, — диэтэ Ольга Балабкина.
Көрсүһүүгэ өрөспүүбүлүкэ үлэҕэ уонна социальнай сайдыыга миниистирэ Елена Волкова, доруобуйа харыстабылын миниистирэ Лена Афанасьева, “Боотур” этэрээт хамандыыра Александр Колесов, борокуратуура уонна Байыаннай хамыһарыйаат бэрэстэбиитэллэрэ кытыннылар.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата
Мария Васильева түһэриитэ
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: