Ольга Балабкина: «Байыаннай эпэрээссийэ кыттыылаахтарын чугас дьоннорун кытта ыкса сибээстээхтик үлэлиибит»

Share

Бүгүҥҥү брифиҥҥэ СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Ольга Балабкина байыаннай сулууспалаахтар дьиэ кэргэттэрин кытта үлэ туһунан билиһиннэрдэ.

Бүгүҥҥү күҥҥэ биһиги 3 тыһыынча кэриҥэ байыаннай эпэрээссийэ кыттыылаахтарын чугас дьоннорун кытта ыкса сибээстээхтик үлэлиибит. Суһаллык төлөбүр, үөрэх министиэристибэтин кытта өйөбүл боппуруостарын, гуманитарнай көмө оҥоһуллуутун  быһаарабыт. Маны таһынан, кирэдьииттээх тэрилтэлэрин кытта моблизациялаахтарга каникул көрөрү уонна приставтар сулууспаларын кытта араас дьыаланы тохтотуу боппуруостарыгар үлэлэһэбит, – диэн эттэ Ольга Балабкина.

Вице-премьер сүрүн ыарахаттар бэйэлэрин баҕаларынан барбыт саллааттар этэрээттэригэр докумуоннарын оҥоһуутугар баалларын, бүгүҥҥү күҥҥэ ити боппуруос эмиэ быһаарыллыбытын  бэлиэтээтэ.

Саха сириттэн Москва уонна  Санкт-Петербург байыаннай госпиталларыгар сытар дьоҥҥо көмө оҥоһуллар. Аны Ростов  госпиталын кытта сибээс олохтонор.

«Араас өйөбүлү оҥорууга тахсар дьаһаллары уонна Федеральнай сокуоннарга уларыйыылары кэтээн көрүүгэ эмиэ туспа үлэ барар. Бүгүҥҥү күҥҥэ мобилизацияҕа түбэспит дьиэ кэргэттэргэ өйөбүлү оҥорууга кэккэ федеральнай сокуон ылылынна. Ол курдук, анал  байыаннай эпэрээссийэҕэ кытта сылдьар дьоҥҥо оҥоһуллар өйөбүл  төлөбүргэ  НДФЛ ааҕыллыбат.  Хас биирдии улууска баһылыктары социальнай боппуруостарга солбуйааччылар салайыыларынан мобилизацияҕа түбэспит байыаннайдар  чугас аймахтарыттан киирбит ыйытыыларга, этиилэргэ суукка иһигэр суһал быһаарыыны ылынар бөлөхтөр тэрилиннилэр. Бу маннык соругу Ил Дархан Айсен Николаев туруорда », – диэн быһаарда Ольга Балабкина.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Аллараа Бэстээх сыанатын киин куораты кытта тэҥнээтэххэ…

Бу күннэргэ Саҥа дьыл сүпсүлгэнэ саҕаланаары турар буолан, ас ырыынактарыгар испииһэк тутуурдаах дьон үксээбит. Өрүс…

10 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

“Дьоруойдар кэмнэрэ” бырагыраамаҕа сайаапкалары ылыы иккис түһүмэҕэ саҕаланна

“Дьоруойдар кэмнэрэ” бырагыраамаҕа кыттар сайаапкалары почтанан ылыы саҕаланна. Бу -- бырагыраама иккис түһүмэҕэ. Сайаапкалары билигин…

10 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьоруой Федор Поповка пааматынньык туруоҕа

LETO куорат эйгэтин тупсаҕай оҥоруу киинэ Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Попов пааматынньыгын эскииһин оҥорууга күрэс…

11 часов ago
  • Сонуннар

Төрөөбүт, биһикпин ыйаабыт сирим — сүрэхпэр

Бу сыл ахсынньы 11 күнүгэр Былатыан Ойуунускай аатынан судаарыстыбаннас түмэлигэр киэн туттар биир дойдулаахпыт, комсомольскай,…

11 часов ago
  • Сонуннар

Соҕуруу дойду спортсменнара хаары уонна мууһу сонурҕуу көрдүлэр

Филиппиныттан уонна Таилантан ахсынньы 14 күнүгэр ыытыллар «Вызов Севера» күрэхтэһиигэ кыттар боксердар бүгүн Дьокуускайга  саамай…

11 часов ago
  • Сонуннар

«Забота» электроннай сервиһинэн 3474 киһи туһанна

Саха сиригэр анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр анаан "Е-Якутия" порталга «Забота» электроннай…

12 часов ago