Ольга Балабкина доруобуйа харыстабылын тэрилтэлэригэр сырытта

Share

Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Ольга Балабкина атырдьах ыйын 1 күнүгэр доруобуйа харыстабылын тэрилтэлэрин кэрийэн үлэһиттэрин кытта көрүстэ.

Ольга Балабкина бастакынан тиийбит тэрилтэтинэн Өрөспүүбүлүкэтээҕи доруобуйаны чөлүгэр түһэрии уонна успуорт мэдиссиинэтин киинэ буолла. Бу балыыһа кэнники биэс сыл устата күүскэ кэҥээбит – аҥардас үлэһиттэрин ахсаана 42 киһиттэн 306 диэри улааппыт. Мэдиссиинэ туспа хайысхатыгар анал үөрэхтээх исписэлиистэр үлэлииллэр. Киин кылаабынай бырааһа Кюнна Назарова этэринэн эрэгийиэннээҕи бырагыраама чэрчитинэн саҥа эмтиир тэриллэри тутан, саҥа эмтиир ньымалары баһыйбыттар.

Вице-премьер доруобуйаны чөлүгэр түһэрии (реабилитация) бүгүҥҥү күн туспа ирдэбиллэри туруорбутун эттэ: “Урут бу хайысха үксүн успуорт эчэйиилэринэн дьарыктанар эбит буоллаҕына, билигин байыаннай эпэрээссийэ кыттыылаахтарын доруобуйаларын чөлүгэр түһэриигэ  ылыллыбыт комплекс былаанынан үлэлиэх тустаахпыт”.

Ольга Валерьевна балыыһа кэлэктиибэ көхтөөх үлэтин түмүгүнэн федеральнай бырагыраамаҕа хапсан саҥа эмтиир тэриллэр кэлбиттэрин бэлиэтээн эттэ.

Иккис эбийиэгинэн Сүрэх уонна тымыр ыарыыларын киинэ буолла. Мэдэссиинэ киинин генеральнай дириэктэрэ Станислав Жирков этэринэн, саҥа балыыһа аныгы эмтээһин саамай үрдүкү ирдэбиллэригэр эппиэттиир кыахтаах. Кырдьык, Саха сирин нэһилиэнньэтин доруобуйатын тупсарыыга бу балыыһаҕа элбэх хайысха олоххо киллэриллэ турар. Ол курдук, быйыл бу балыыһа иһинэн Мэйии уонна нейрогенетика киинэ арыллыбыта. Саҥа салаа психическэй уонна неврологическай ыарыылары эмтээһининэн дьарыгырыа. Ону таһынан, саҥа эмп көрүҥнэрин көрдөөһүн ыытыллара былааннанар.

Сүрэх уонна тымыр ыарыыларын эмтээһиҥҥэ анаан тымыры иһиттэн чинчийэр саҥа УЗИ тэрилэ үлэҕэ киирбит. Билигин эрдэ Саха сиригэр кыайтарбат ыарыылар күннэтэ ситиһиилээхтик эмтэнэллэр.

Улуустары кытта үлэлииргэ тэриллибит “Дистанционнай косультациалыыр киин” тиһигин быспакка үлэлии турар. Бу киин быраастара күн аайы “теле-обход” оҥороллор, ол эбэтэр, улууска сытар ыарыһах туругун компьютер нөҥүө чинчийэллэр, эмтиир бырааһын кытта сүбэлэһэллэр.

Кэрийии түмүктүүр пуунунан Өрөспүүбүлүкэтээҕи №3 клиника реабилитационнай киинэ буолла. Бу балыыһаҕа кэҥэтии үлэтэ бара турар – сүрүн балыыһа эркинигэр сыһыары саҥа дьиэ тутуллар. Ольга Валерьевна “СӨ судаарыстыбыннай закаасчыта” ГКУ үлэһиттэрин кытта эбийиэк туттарыллар болдьоҕун, матырыйааллар киириилэрин, хантараак ымпыктарын-чымпыктарын ырытта.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Усуйаана улууһугар икки киһи сүппүт

Бүгүн, сэтинньи 23 күнүгэр, Усуйаанатааҕы ЕДДС Уйаандьы сэлиэнньэтин баһылыгын солбуйааччытыттан  иһитиннэрии киирбит. Кини 1999 уонна…

4 минуты ago
  • Сонуннар
  • Спорт

Доҕордуу көрсүһүүгэ икки хамаанда күөн көрүстэ

Уус Алдан улууһугар Тиит Арыыга 16 сылын доҕордуу көрсүһүү үрдүк тэрээһиннээхтик ыытылынна. Манна Тиит Арыыттан…

29 минут ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Тускул: «Кэлэр нэдиэлэттэн улахан сылыйыы буолуоҕа»

Бу күннэргэ дойду бары сиригэр-уотугар өтөрүнэн бэлиэтэммэтэх сылыйыы буола турарын туһунан Арассыыйа Гидромет киинин научнай дириэктэрэ…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит

Норуот ньыматынан эмтэнии

Былыр аныгы курдук аптека да, балыыһа даҕаны диэн суох. Онон хас эмэ үйэ тухары көлүөнэттэн…

2 часа ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Психологтар байыастарга сүбэ-ама биэрэллэр

Байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр психологтар көмөлөрө, өйөбүллэрэ салҕанар. Ааспыт нэдиэлэҕэ, ону сэргэ…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Блогердыах баҕаттан…

Сорохтор уонунан, сүүһүнэн миэтэрэ үөһэ ытталлар, атыттар саастыылаахтарын кырбыылларын видеоҕа усталлар. Бу барыта биир эрэ…

3 часа ago