Бу туһунан бүгүн брифинг кэмигэр СӨ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Ольга Балабкина иһитиннэрдэ. Байыаннай эпэрээссийэ кыттылаахтарыгар үрдэтиллибит истипиэндьийэлэри төлүүр туһунан быһаарыы Ил Дархан Айсен Николаевы кытта Аҕа дойду буойуннарын дьиэ кэргэттэрин кэмитиэтин эрэгийиэннээҕи салаатын кытта көрсүһүүтүн кэннэ ылыныллыбыта.
“Саха сирин баһылыга Айсен Николаев байыаннай эпэрээссийэ кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин өйүүр миэрэлэри тупсарар соругу туруорбута. Ол курдук, Айсен Сергеевич Аҕа дойду буойуннарын дьиэ кэргэттэрин кэмитиэтин эрэгийиэннээҕи салаатын чилиэннэрин кытта көрсүһүүгэ бу байыананй эпэрээссийэттэн төннөн кэлбит байыаннай сулууспалаахтарга үрдэтиллибит истипиэндьийэни биэрэр туһунан этии киирбитэ. Бу балаһыанньаны быһаарыахпыт дии саныыбын”, — диэтэ Ольга Балабкина.
Саха сирин Ил Дарханын “Байыаннай сулууспалаахтар дьиэ кэргэттэрин өйүүр миэрэлэр тустарынан” Ыйааҕар олоҕуран билигин үрдэтиллибит истипиэндьийэлэри бу эпэрээссийэ кыттыылаахтарын үрдүк уонна орто анал үөрэх тэрилтэлэригэр үөрэнэр оҕолоругар кинилэр үөрэххэ түмүктэриттэн тутулуга суох төлүүллэр.
Вице-премьер СВО кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин кытта үлэлиэхтээх мэдиссиинэ үлэһиттэрин уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин хаттаан бэлэмнээһин уонна идэҕэ бэлэмнээһин уустук боппуруоһунан буоларын бэлиэтээтэ.
Telegram-бөлөхтөргө баар көмөлөһөр бөлөхтөргө байыаннай сулууспалаахтар дьиэ кэргэттэриттэн киирэр этиилэри сэргэ “тыыннаах” көрсүһүүгэ дьон наадыйар. “Ол иһин муниципальнай оройуоннар уонна куораттааҕы уокуруктар дьаһалталарын баһылыгы социальнай боппуруостарга солбуйааччылара маннык ыаллары кытта мэлдьи көрсүһэллэригэр сорук туруордубут”, — диэтэ кини.
Бэрэссэдээтэли солбуйааччы Саха сирин баһылыгын Айсен Николаев ыйааҕынан көрүллүбүт кэлимсэ миэрэлэрэ байыаннай эпэрээссийэ кыттыылаахтарын тыыла бигэ буоларыгар туһуланна. Бүгүҥҥү туругунан, бары дьиэ кэргэттэр өйөбүл көрүллүбүт миэрэлэрин ыллылар. “Туһаныллар нормативнай аакталар чэрчилэринэн кыһалҕаны кыайан быһаарар кыах суох буоллаҕына, олох чопчу сыһыан олохтонор. Биир да ыал болҕомтото суох хаалбат”, — диэтэ Балабкина.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата
ТАСС суруйарынан, дойду Аҕа баһылыга Владимир Путин байыаннай дьайыы кыттыылаахтара уонна кэргэттэрэ 10 мөл. солк.…
I I Бишкектээҕи норуоттар икки ардыларынааҕы киинэ бэстибээлигэр Гран-при ылбыт «Хаар куйаар номохторо» («Легенды вечных…
Быйыл, сэтинньи бүтүүтэ, биһиги Саха сирин суруйааччыларын айар сойуустарын 90 сылын бэлиэтиэхпит. Бу 90 сылтан…
Бүгүн, сэтинньи 24 күнүгэр, 19:00 чаастан "Россия 24" телеханаалга «ВМЕСТЕ с Айсеном Николаевым» биэриини көрүҥ.…
Соторутааҕыта буолан ааспыт фашизмы утарыы пуорумугар байыаннай дьайыыттан 25 бастыҥ байыас инники кирбииттэн кэлэн кыттыбыта.…
Ааспыт сууккаҕа буруйу оҥоруу 6 түбэлтэтэ бэлиэтэнэн, СӨ Борокуратууратын хонтуруолугар киирдэ. Уус Алдан улууһугар 1977…