Ольга Балабкина: Саха сиригэр байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна дьиэ кэргэттэригэр психологическай көмөнү оҥоруу

Share

Байыаннай дьайыы саҕаланыаҕыттан Саха сирин Ил Дархана Айсен Николаев ыйааҕынан психологическай көмөнү оҥоруу үлэтэ тэриллибитэ.

Бүгүн уйулҕаһыт көмөтүнэн 7368 киһи хабылынна. Бу туһунан брифиҥҥэ өрөспүүбүлүкэ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Ольга Балабкина иһитиннэрдэ.

Психологтар “Абырал” санаторийга дьуһуурунайдыыллар. “Аҕа дойдуну көмүскээччилэр” судаарыстыба пуондатын филиалыгар кэбиниэт үлэлиир. Уйулҕаһыттар байыаннай госпиталларга үлэлииллэр. Уочараттаах биригээдэ Доннааҕы Ростовка баар. Байыаннай эпэрээссийэ кыттыылаахтарыгар маннык сүрүн көмөнү Ыччат министиэристибэтин иһинэн Дьиэ кэргэни уонна ыччаты өйүүр социальнай-психологическай киин ыытар», — диэтэ вице-премьер.

Психологическай көмөнү ыларга “итии линияҕа”  122 нүөмэргэ эрийиэххитин сөп. Ону тэҥэ 8-800-100-3550 суукканы эргиччи босхо линия үлэлиир.

Ону тэҥэ байыаннай дьайыыттан мобилизацияланан кэлбит дьоҥҥо уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр көмөлөһүү салҕанар. Поликлиникаларга “күөх көрүдүөр» тэриллибит. Эмтэнэргэ тус бэйэлэригэр бырагыраама оҥоһуллар. Чөлүгэр түһэриини ааһарга тастан уонна балыыһаҕа сытан эмтэниэххэ сөп. Мэдиссиинэ көмөтүн байыаннай дьайыы 705 кыттыылааҕа уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин 1460 чилиэнэ ыллылар. 227 кыттыылааҕы уонна 397 чугас дьонун  доруобуйаларын чөлүгэр түһэрдилэр.

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн

Ньурба хорсун байыаһа Андрей Григорьев өстөөх ыскылаатын эстэрбитин туһунан Айсен Николаев интервьюга кэпсээтэ

Ил Дархан Айсен Николаев аан дойдуга хорсун быһыытынан биллибит Ньурба байыаһа Андрей Григорьев туһунан "Комсомольская…

4 минуты ago
  • Быһылаан

Кырдьаҕастар дьиэлэригэр олорор киһи өлбүтүнэн борокуратуура бэрэбиэркэтэ саҕаланна

Дьокуускай куорат борокуратуурата интэринээт-дьиэҕэ олорор эр киһи өлбүтүнэн бэрэбиэркэни саҕалаата диэн надзорнай уорган пресс-сулууспата иһитиннэрэр.…

22 минуты ago
  • Быһылаан
  • Уопсастыба

Орто Халымаҕа оҕолордоох массыына сүппүтүн туһунан иһитиннэрбиттэр

Бүгүн, тохсунньу 5 күнүгэр, Орто Халыма улууһугар оҕолор олорсон испит массыыналара сүппүтүн туһунан СӨ Быыһыыр…

57 минут ago
  • Сонуннар

32 саастаах баахта үлэһитэ үгээрдээн өллө

Ааспыт сууккаҕа Саха сиригэр сэттэ буруйу оҥоруу буолбутун туһунан СӨ борокуратуурата иһитиннэрэр. Дьокуускайга 53 саастаах…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Хойуу туман тыҥаҕа буортулаах

Хойуу туманнаах тымныы киһи доруобуйатыгар хайдах дьайарый? 40 кыраадыс тымныыттан саҕалаан, дьон тоҕуоруһан олорор нэһилиэнньэлээх…

2 часа ago
  • Сонуннар

Ньурба хорсун саллаатыгар хоһоон айдылар

Ньурба хорсун саллаатыгар Туора сир халлаанын анныгар Уот сэрии хонуутун быыһыгар Соҕотох хорсуннук кииристиҥ Өстөөхтүүн…

3 часа ago