Ольга Балабкина: “Субсидия баар буолан Чернышевскай бөһүөлэгин култуураҕа дьиэтигэр доруобуйаларыгар хааччахтаах дьон сылдьар буолла”
Олунньу 12 күнүттэн Миринэй улууһун нэһилиэнньэлээх пууннарыгар судаарыстыбаннай ситэриилээх былаас уорганын 2023 сыллааҕы үлэтин-хамнаһын түмүгүн отчуота ыытыллар. Чернышевскай бөһүөлэгэр СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Ольга Балабкина отчуоттаата.
Өрөспүүбүлүкэ бырабаатылыстабатын ааспыт сыллааҕы үлэтин туһунан кэпсииригэр Ольга Балабкина ситиһиилэри бэлиэтээтэ: онкология саҥа киинэ аһыллыытын, Миринэйгэ Саха сирин мөлүйүөн олохтооҕо төрөөбүтүн, социальнай гаастааһын, дьиэни тутуу, социальнай уонна экэнэмиичэскэй сайдыы көрдөрүүлэригэр.
Миринэй улууһун Чернышевскай бөһүөлэгин “Бүлүү уоттара” култуура дьиэтэ быйыл 1 мөл. солк. тахса суумалаах субсидияны ылыаҕа. Субсидия “Биир ньыгыл Арассыыйа” баартыйа “Культура малой Родины” бырайыагын иитинэн 50 тыһ. диэри нэһилиэнньэлээх пууннар култуураҕа дьиэлэрин сайыннарар уонна матырыйаалынай-тиэхиньиичэскэй баазаларын бөҕөргөтөр бырагыраама иитинэн көрүллэр. “Киирбит үп култуура дьиэтин кэнсиэрдиир саалатыгар уот-күөс саҥа тэрилин атыылаһарга, тириэрдиигэ уонна таҥыыга туһаныллыаҕа”, – диэн “Бүлүү уоттара” култуура киинин дириэктэрэ Яна Самусенко быһаарда.
Былырыын “Табыгастаах эйгэ” бырагыраама чэрчитинэн тустаах култуура киинигэр доруобуйаларыгар хааччахтаах дьон сылдьалларыгар аналлаах тэрили ыларга үп көрүллүбүтэ. Субсидия суотугар кулгаахтарынан мөлтөхтүк истэр уонна көрөр дьоҥҥо тулалыыр эйгэлэригэр буола турары тириэрдэр адаптационнай тэрили ылбыттар. Култуура дьиэтигэр уонна тахсан киирэр сиргэ тутуһар тэриллэри туруорбуттар. Ол түмүгэр инбэлииттэр Чернышевскай бөһүөлэгин култууратын дьиэтигэр уустуга суох сылдьар буолбуттар.
Ольга Балабкина Чернышевскайдааҕы балык собуота кырааматынайдык салаллыбытын бэлиэтээтэ. Быйыл собуот 25 тыһ. быраҥаатта, 1,5 мөл. күндүөбэй, ону тэҥэ, чыыр, быйыт, майаҕас балык ыамаларын таһаарар былааннаах. Манна миэстэтигэр форель балыгы үөскэтэллэр.
Бөһүөлэк олохтоохторо отчуот кэмигэр хапытаалынай өрөмүөн, бөһүөлэги гаастааһын, үөрэх систиэмэтин сайыннарыы хаамыытын туһунан ыйыталастылар.
Ольга Балабкина салайааччылаах бырабыыталыстыба бөлөҕүн икки хос бөлөҕө Садын эбэҥки национальнай нэһилиэгэр уонна Айхал бөһүөлэккэ үлэлээтэ. Сиһилии манна ааҕыҥ.
СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: