СӨ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Ольга Балабкина бүгүн, кулун тутар 14 күнүгэр, Таатта улууһугар Ытык Күөлгэ тутулла турар поликлиниканы көрдө, үлэ хаамыытын бэрэбиэркэлээтэ.
Бу симиэнэҕэ 200 киһи сылдьар балыыһата буолуохтаах. Үс мэндиэмэннээх дьиэ уопсай иэнэ түөрт тыһ. кв.м. кэриҥэ, доруобуйа харыстабылын бастакы сүһүөх звенотун саҥатытыы бырагырааматынан үлэ бара турар.
Ольга Балабкина саҥа поликлиниканы тутууну улуус олохтоохторо туруорсубуттарын, көҕүлээбиттэрин бэлиэтээтэ. «Ил Дархан Айсен Николаев улууска сылдьан олохтоохтор этиилэрин өйөөн, улахан эбийиэк тутулларын саҕалыырга быһаарбыта«, — диэтэ кини.
Саҥа поликлиникаҕа быраастар хосторун таһынан, күнүскү стационар, доруобуйаны бэрэбиэркэлэтэргэ, көрдөрөргө наадалаах тэриллэрдээх отделение былааннанар. Маны сэргэ, саҥа балыыһаҕа искэннээхтэргэ көмөнү оҥорор амбулаторнай киин баар буолара былааннанарын Ольга Балабкина иһитиннэрдэ.
Таатта улууһун киин балыыһатын кылаабынай бырааһа Сардаана Кононова бүгүҥҥү күҥҥэ эбийиэк 76% бэлэмин эттэ. Сылааһа бэриллибит, истиэнэтэ сыбанан оҥоһуллубут, уот ситимэ тардыллыбыт. Ис өттүгэр туттуллар матырыйааллар бэлэмнэр. Мэдиссиинэ саҥа тэриллэрэ кэлитэлээн эрэллэр. Улахан тиэхиньикэни ыам-бэс ыйдарыгар күүтэллэр. Сайын тупсарыы үлэтэ тэриллиэ, тиэргэҥҥэ үүнээйи олордуута ыытыллыа.
Поликлиникаҕа киирэр сир пациеннарга табыгастаах буоларын курдук оҥоһуллар, иһирдьэ дьоҥҥо-сэргэҕэ барыта өйдөнүмтүө буоларыгар болҕомто ууруллан, ыйан көрдөрөр бэлиэлэр баар буолуохтаахтар.
«Тутуу кыраапык быһыытынан баран иһэр. Эбийиэги быйыл төрдүс кыбаарталга үлэҕэ киллэрэр сорук турар. Саҥа поликлиника Таатта улууһугар мэдиссиинэ көмөтүн оҥоруу хаачыстыбатын үрдэтиэ«, — диэтэ Ольга Балабкина уонна тутууну болдьоммут кэмигэр бүтэрэллэригэр кэккэ соруктары туруорда.
Санатан эттэххэ, 2021-2023 сылларга доруобуйа харыстабылын бастакы сүһүөх звенотун саҥатытыы бырагырааматыгар Саха сирэ федеральнай бүддьүөттэн 6,5 млрд солк. ылбыта. Бырагыраамаҕа доруобуйа харыстабылын эбийиэктэрин тутуу, уларытан оҥоруу уонна хапытаалынай өрөмүөн, мэдиссиинэ тэрилин, көлөнү ылыы, ону сэргэ, мэдиссиинэ каадырдарынан хааччыллыы киирэр.
СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата
Оҕо эрдэххэ дьаабылыка сыта, мандарин амтана наһаа да минньигэс уонна ураты буолара. Саҥа дьыл үөрүүтүн,…
Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут. Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри оҥостор киһибит …
Горнай улууһун Одуну нэһилиэгэр айрширскай боруодалаах ынах бастакы ньирэйин төрөппүтүн туһунан "Үлэ күүһэ" хаһыат телеграм-ханаала…
"Сахафильм" киинэ хампаанньата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэ 10 сахалыы киинэни босхо көрдөрөллөр. "Киинэни ааҕабыт!" аахсыйа…
Саха киинэтэ 1990 сылтан силис-мутук тардар. Бу сыл “Северфильм” киинэ устуудьуйата тэриллибитэ, ол 1992 сыллаахха…
Нейросеть Дьыл Оҕуһун оҥордо диэн ЯкутияDaily иһитиннэрэр: https://t.me/yakutiadaily/45038