Ольга Григорьева: «Бары биир сыаллаах үлэлиибит»
«Сделано в Якутии» урбаанньыттар ассоциацияларын бэрэссэдээтэлэ Ольга Григорьева Ил Дархан Айсен Николаев Анал этиитин туһунан бэйэтин санаатын үллэһиннэ.
— Айсен Сергеевич былаас, уопсастыба, биисинэс бииргэ холбоһон үлэлиэхтээхтэр диэн олус сөпкө эттэ. Бары биир уопсай сыаллаах үлэлиибит. Биһиги туох эрэ кыһалҕабытын быһаардарбыт ханнык диэн түмсэр буоллахпыт. Боппуруоһу сөпкө туруоран, былааска тиэрдии, ону былаас өйдөөн, сөптөөх миэрэлэри ылыныыта эмиэ улахан суолталаах. Ол онтон урбаан сайдыыта тутулуктаах. Билигин урбааҥҥа уустук кэмнэр кэлбиттэригэр, өйөөтөххө эрэ, кэхтии барыа суоҕа.
2030 сылга олохтоох оҥорон таһаарыыны балтараа төгүл улаатыннарыахха диэн сорук туруорбутун өйүүбүн. «Опора России», «Деловая Россия» курдук федеральнай түмсүүлэри, Эргиэн-бырамыысыланнай балаататын сэргэ, «Сделано в Якутии» диэн олохтоох табаары оҥорооччулар түмсүүлэрэ креативнай экэниэмикэни, ас индустриятын, туризмы сайыннарар. Үүнэр сылга биһиги олохтоох оҥорон таһаарыыны, норуот уус-уран айымньыларын элбэтэр, каадырдары үлэнэн, дохуотунан хааччыйар сыаллаахпыт.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: