Ольга Муратова: «Уолаттарбыт этэҥҥэ сылдьалларын туһугар бары көмөлөһүөх тустаахпыт»
«Биһиги үлэһиттэрбит Саха сириттэн анал байыаннай эпэрээссийэҕэ ыҥырыллан барбыт дьоммут туох наадалааҕынан толору хааччыллан, Ийэ дойдуларыгар ытык иэстэрин чиэстээхтик толороллоругар салгыы бу курдук көмөлөһөр санаалаахтар”, — диэн туран, «Сахабулт» национальнай концерн сүрүн технолога Ольга Валерьевна Муратова кэлэктиип бу хайысхаҕа ыыта олорор үлэтин билиһиннэрдэ:
— Биһиги кэлэктииппит анал байыаннай эпэрээссийэҕэ сылдьар дьоммутугар 300 суумканы аптечкаҕа анаан тигэ сылдьар. Суумкалары ууга илийбэт бөҕө матырыйаалтан оҥоробут. Иһин арыйдахха, араас эми-тому, мэдиссиинэ тэрилин угарга анал сиэптэрдээх, органайзер курдук. Сороҕун тигэммит «Саха сирэ эйигин кытта!» диэн өрөспүүбүлүкэтээҕи ыстаапка туттардыбыт. Аптечкалары тигиини биһиги быстах ыҥырыы билэриллээтин кытта балаҕан ыйын бүтэһигиттэн саҕалаабыппыт. Алта маастарбытыгар ХИФУ устудьуоннара көмөлөһө сылдьаллар. Ылсыахтарын иннинэ иистэнньэҥнэр ханнык матырыйаалтан хайдах быһыылаах аптечкалары тигэри байыаннайдары кытта эрдэ сүбэлэспиттэрэ. Ол курдук, бастаан балаакка таҥаһыттан, бириһиэнтэн уонна оксфорд диэн матырыйаалынан тигэн боруобалаабыттара. Түмүгэр оксфорд диэн матырыйаал үчүгэй эбит диэн, дьэ, манан тигэ сылдьаллар. Суумкаларга элбэх мал-сал батар эрээри дьаһамыр, дьоҕус, биилгэ эбэтэр таҥаска иилинэргэ анал бөҕө курдаахтар.
Маны таһынан концерн утуйар мөһөөччүктэри, балааккалары, берцылары уонна балаклавалары тигэр. Кэлэктиип бэлэмнээбит табаарын тутатына «Саха сирэ эйигин кытта!» диэн өрөспүүбүлүкэтээҕи ыстаапка тиксэрэн иһэр. Биһиги үлэһиттэрбит Саха сириттэн ыҥырыллан барбыт дьоммут туох наадалааҕынан толору хааччыллан, Ийэ дойдуларыгар ытык иэстэрин чиэстээхтик толороллоругар салгыы бу курдук көмөлөһөр санаалаахтар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: