Салгыы
Ольга Петрова: «Бар дьоммут өйөбүлэ, көмөтө – кэмнэммэт улахан»

Ольга Петрова: «Бар дьоммут өйөбүлэ, көмөтө – кэмнэммэт улахан»

Ааптар:
27.05.2023, 18:30
СИА хаартыската.
Бөлөххө киир:

“Күндээдэ нэһилиэгэ” тыа сирин түөлбэтин баһылыгын солбуйааччыта Ольга Петровна Петрова нэһилиэктэн байыаннай дьайыыга билиҥҥи туругунан барыта холбоон сэттэ киһи Аҕа дойдуларын көмүскүү сылдьалларын, онуоха кинилэргэ уонна буойуттар дьиэ кэргэттэригэр нэһилиэк биир киһи курдук көмөлөһө, өйүү олорорун туһунан кэпсээтэ.

— Нэһилиэктэн барыта холбоон сэттэ байыаннай сулууспалаах: хантарааҕынан — 1, быстах хомуурунан — 3, баҕа өттүнэн – 3, байыаннай эпэрээссийэҕэ кытта сылдьаллар. 2022 сыл балаҕан ыйын 24 күнүгэр бастакы хомуурга 3 уолбут барбыттара. Биир уол үлэлиир сириттэн, Удачнайтан барбыта. Икки уолбутун С.Н. Эверстова аатынан “Туску” норуот айымньытын дьиэтигэр алгыстаах алаадьынан, кымыһынан айах тутан атаарбыппыт. Олохтоох дьаһалта көрдөһүүтүн быһа гыммакка, нэһилиэк урбаанньыттара Данилова Раиса Тарасовна уонна Петров Евгений Ильич уолаттарбытыгар сухой паёгунан хааччыйбыттара. Нэһилиэк эр дьоно биир күн иһигэр ыҥырыллыбыт бу уолаттарбытыгар экипировка ылалларыгар көмө буолуо диэн, харчы хомуйан биэрбитэ.

Байыаннай дьайыыга сылдьар уолаттарбыт төрөппүттэрин, дьоннорун кытта өрүү сибээстэһэ турабыт, туох ыарахаттар баалларын, туох көмөҕө наадыйалларын, кыахпыт баарына көмөлөһөбүт, быһаарабыт. Тыа сиригэр олорор дьон буоламмыт күннээҕи кыһалҕа элбэх, оттук мас тиэйиитэ, от киллэриитэ уонна да атын. Ол курдук алтынньы ыйтан мобилизацияланан барбыт уолаттарбыт дьиэ кэргэттэригэр көмөлөһөн саҕалаабыппыт: тыраахтыр өҥөтүгэр, от тиэйиитигэр, кыстыкка киирээһиҥҥэ.

Олохтоох дьаһалта иһинэн эдэр ыччат исписэлииһэ салалталаах волонтерскай штаб тэриллибитэ. Волонтердар уонна дьаһалта, оскуола үлэһиттэрэ буоланнар быстах хомуурунан ыҥырыллан барбыт учуутал уолбут хаһаайыстыбатыгар хотон сыбаан көмөлөспүттэрэ, соҕотох олорор ийэлээх уолбутугар оттук маһын хайытан, сааһылаан биэрбиттэрэ. Бу волонтерскай штабка оскуола оҕолоро эмиэ кыттыһан, күүс-көмө буолаллара биһирэбиллээх. Олохтоох дьаһалта көҕүлээһининэн “Муус-шоу” күрэх тэриллибитэ. Бу ылыллыбыт муус барыта буойун уолаттарбыт дьиэ кэргэттэригэр көмө бэрээдэгинэн киллэриллибитэ. Күһүҥҥү муҥхабыт көмүс хатырыктааҕыттан уолаттарбыт дьонноругар өлүүлээн тарҕаппыппыт.
Биир дойдулаахпыт, Ньурба куоратыгар олорор “Көмүскэл” волонтерскай иистэнньэҥнэр сыахтарын салайааччыта Федорова Галина Дмитриевна ыҥырыытынан нэһилиэк эбээлэрэ, дьахталлара түмсэн, байыаннай таҥаһы тигиигэ кыттыстылар. Бу хамсааһыны “Туску” норуот айымньытын дьиэтин специалиһа Ефремова Иринада Николаевна уонна нэһилиэк сэбиэтин депутата Филиппова Елена Николаевна иилээн-саҕалаан салайбыттара. Экипировка тигээһинигэр, матырыйаал ыларга, 8 тыһ. уу харчынан Күндээдэтээҕи врачебнай амбулатория үлэһиттэрэ күүс-көмө буолбуттарыгар барҕа махтал буоллун!

Күһүн тыа хаһаайыстыбатын “Күндээдэ” аһаҕас уопсастыбатын тэрилтэтэ убаһа этин аҥардыытын уолаттарбыт дьиэ кэргэттэригэр биэрэн, этинэн хааччыйбыта. С.Н. Эверстова аатынан «Туску» норуот айымньытын дьиэтигэр сыл устата хас да төгүлүн аһымал аахсыйалаах кэнсиэртэр буоллулар. Онтон киирбит үп Ньурба оройуонун байыаннай эпэрээссийэҕэ көмөлөһүүгэ пуондатыгар бэриллибитэ.

Сэтинньи ыйга олохтоох дьаһалта көҕүлээн “Бары биир сомоҕо буолан” диэн Күндээдэ эдэр эрчимнээх ыччатын кэнсиэрэ анаан-минээн буойун уолаттарбытыгар ананан ыытыллыбыта. Манан биһиги нэһилиэкпит дьоно-сэргэтэ, ыччата оройуон байыаннай эпэрээссийэҕэ көмөлөһүүгэ пуондатыгар үбүнэн көмөтө буолар. Кэлбит дьон бэлэм дьааһыкка ким төһө кыайарынан бэйэлэрин көмөлөрүн укпуттара. Уу харчынан: “Алгыс” нэһилиэк эбээлэрин түмсүүтэ — 15500 солк., “Далбар-Ай” дьахталлар түмсүүлэрэ — 5500 солк., “Туску” НАДь кэлэктиибэ — 6000 солк., олохтоох дьаһалта кэлэктиибэ — 10000 солк., киирии билиэтинэн — 10150 солк., мобильнай баанынан — 4650 солк., сомоҕолоһуу концерыгар киирбит харчы — 10650 солк. угулунна. Ити күн пуондаҕа уопсайа — 62450 солк. киирбитэ.

Нэһилиэгинэн хомуйан, кэнсиэртээн оройуон пуондатыгар 74150 солк. угуллубута. 2022 сыл сэтинньи ыйдааҕы туругунан Күндээдэ нэһилиэгиттэн 110450 солк. харчыннан пуондаҕа киирбитэ, манна өссө оскуола кэлэктиибин биир күннээх хамнаһа эбиллибитэ. Ону таһынан “Күндээдэ” аһаҕас уопсастыбатын тэрилтэтэ — 30000 солк., олохтоох балыыһа кэлэктиибэ — 8000 солк., “Кэнчээри” оҕо саадын кэлэктиибэ — 10000 солк. пуондаҕа укпуттара.

Саҥа Дьылга нэһилиэк сэбиэтин дьокутааттара уолаттарбыт дьиэ кэргэттэригэр, төрөппүттэригэр минньигэс бэлэх оҥорон күндүлээбиттэрэ, ону таһынан урбаанньыттар, общественнай түмсүүлэр бу аахсыйаҕа эмиэ кыттыспыттара.

Нэһилиэкпит сэттис сылын ыытар “Кубок Поршня – Зимний рубеж” массыыналар күрэхтэһиилэригэр өрөспүүбүлүкэ араас оройуоннарыттан кэлэн кытталлар. Бу бырайыак ааптара “Туску” НАДь режиссера Петров Анатолий Данилович буолар. Күрэххэ киирбит взнос харчытын 50 тыһыынча солк. байыаннай дьайыыга сылдьар биир дойдулаахтарбытыгар анаабыта. Ол кэмҥэ биир уолбут Украинаҕа инники кирбиигэ сылдьан, бааһыран, госпитальга киирбит кэмэ этэ. “Кубок поршня” тэрээһинтэн киирбит 40 тыһ. солк. харчыны ийэтэ уолун көрсө барарыгар, эмтэнэригэр диэн дьиэтигэр илдьэн туттарбыта.

Уолаттарбыт биир-биир уоппускаҕа кэлитэлээн испиттэрэ. Ньурба пуордугар олохтоох дьаһалта үлэһиттэрэ буолан, саха сиэринэн алаадьылаах кымыһынан уолбутун көрсүбүппүт, харысхал бэлиэ туттарбыппыт. Дьокуускай куоракка Күндээдэ нэһилиэгиттэн төрүттээх биир дойдулаахтар түмсүүлэрин салайааччыта Николаева Наталья Васильевна аэропортка киирэн көрсүбүтэ. Уоппускаҕа кэлбит учуутал уолбутунаан оскуолаҕа бииргэ үлэлиир кэлэктиибин уонна оҕолору кытта көрсүһүү тэриллэн ыытыллыбыта.

Олохтоох дьаһалтаҕа нэһилиэк иһинэн байыаннай сулууспалаахтарга уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр көмөлөһүү пуондатын олохтообуппут. Манна тэрилтэлэр, уопсастыбаннай түмсүүлэр, биирдиилээн дьон бэйэлэрин көмөлөрүн угуохтарын сөп. Муус устар ыйга нэһилиэк тэрилтэлэрин бэстибээлин гала-кэнсиэриттэн киирбит 5560 солк. бу пуондаҕа угуллубута. Бу кэнсиэр кэмигэр биһиги нэһилиэкпит дьоно-сэргэтэ уоппускаҕа кэлбит уолбутун бука бары сүһүөхпүтүгэр туран көрсүбүппүт, чиэстээбиппит. “Кэнчээри” оҕо саадын кэлэктиибэ байыаннай дьайыыга сылдьар уолаттарбыт дьиэ кэргэттэригэр куулунан хортуоска түҥэттилэр.

Ыам ыйын 1 күнүгэр, Үлэ, Саас, Эйэ бырааһынньыгын көрсө, олохтоох дьаһалта уонна “Харысхал” аҕа түмсүүтэ көҕүлээһининэн, нэһилиэкпит эр дьоно улахан кылаас уолаттарын кытта оттук мас бэлэмнээһинигэр субуотунньуктаабыттара. Бу бэлэмнэммит саһаан маһа байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын дьонугар, нэһилиэк кыаммат араҥатыгар, кырдьаҕастарга аны күһүн көмө буолуоҕа.

Улуус баһылыга А.М. Иннокентьев байыаннай сулууспаҕа сылдьар уолаттарбытын көрсө барыахтаах. Онно нэһилиэкпит уолаттарыгар сайыҥҥы камуфляж уонна рюкзак ыытаарыбыт Дьокуускай куоракка биир дойдулаахтарбыт түмсүүлэрин салайааччыта Николаева Наталья Васильевнаннан ыллаттардыбыт. Бу маны атыылаһарбытыгар нэһилиэк урбаанньыттара спонсордаан улахан үтүө дьыаланы оҥордулар – “Юбилейнай” маҕаһыын ИП Раиса Тарасовна уонна Татьяна Родионовна Даниловалар, “Сайыына” маҕаһыын ИП Петров Евгений Ильич, Ньурба куоракка баар Потапова Евдокия Викторовна уонна Потапов Павел Викторович, Дьокуускай куоракка олорор Васильев Афанасий Иванович, уонна Күндээдэ орто оскуолатын 4 кылааһын үөрэнээччилэрэ, учуутал Иудина Мария Сергеевна, бу оҕолор бэйэлэрэ үүннэрбит рассадаларын атыылаан киллэрбит кылаастарын харчытын байыаннай сулууспаҕа сылдьар биир дойдулаахтарыгар анааһыннара – биир туспа үтүө дьыала. “Далбар-Ай” дьахталлар түмсүүлэрэ уонна “Күндээрэ” эбээлэр түмсүүлэрэ маскировачнай сетка тигэн, оҥорон бүтэрдилэр. «Кытыл” түөлбэ, » Кэнчээри» оҕо саадын кэлэктиибэ түөрт маскировочнай сетка оҥордулар. Бу үлэлэргэ тэрилтэлэр, биирдиилээн дьон көмөлөрө эмиэ баар.

Түгэнинэн туһанан нэһилиэкпит олохтоохторугар, биир дойдулаахтарбытыгар, оҕолоруттан улахаттарыгар тиийэ барҕа махталбытын тиэрдэбит. Биһиги нэһилиэк бар дьоно бу курдук бары биир сомоҕо буолан, тэрилтэлэр, уопсастыбаннай түмсүүлэр, олохтоох дьаһалта төһө кыайарбытынан дьоммутугар күүс-көмө буолабыт, сэрии бүтэн хорсун-хоодуот буойуннарбыт дьиэлэригэр этэҥҥэ эргиллэн кэлэллэрин туохтааҕар да олус күүтэбит.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
24 декабря
  • -32°C
  • Ощущается: -32°Влажность: 75% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: