Ольга Прудецкая: «Саҥа ыйаахха хас биирдии хайысхаҕа чопчу сорук турбут»

Share

Ил Дархан  Айсен Николаев 2030 сылга диэри болдьохтоох  «Об основных направлениях государственной политики Республики Саха (Якутия) в Арктической зоне Республики Саха (Якутия)»    ыйааҕыгар  өрөспүүбүлүкэ Арктическай зонатын сайыннарыы хайысхаларын бэлиэтээтэ.

Биллэн турар, бу суолталаах докумуону арктическай улуустар олохтоохторо болҕомтолоохтук ааҕаллар уонна үөрэтэллэр. Дьааҥы улууһуттан төрүттээх биир дойдулаахтар түмсүүлэрин салайааччы Ольга Прудецкая бэйэтин санаатын маннык үллэһиннэ:

Арктическай улуустарга дьон олохсуйарын наадатыгар, бастатан туран, үлэ уонна онтон дохуот киирэрэ – тыын боппуруос. Хоту улуустар эр дьонноро сүрүннээн кыһыҥҥы суол аһыллыбыт кэмигэр эрэ дохуоттаах үлэҕэ сылдьаллар. Ол — баара-суоҕа 3,5 ый. Дьааҥы оройуонугар олус элбэх көмүс хостуур тэрилтэ баар эрээри, онно үлэһиттэри  баахта ньыматынан  Дьокуускай куоракка сүүмэрдииллэр. Ол эбэтэр олохтоох дьон онно хапсар кыаҕа суох. ВОЛС лииньийэтин Дьааҥы эҥэр улуустарга 2025 сыл бүтүүтүгэр тардар былааннахтарын туһунан ситэриилээх былаас отчуотугар эппиттэрэ. Интэриниэт суох буолан, ыччат куорат сиргэ олохсуйа сатыыр. Кэлиҥҥи биэрэпис түмүгүнэн улуус олохтооҕун ахсаана 9 тыһыынча киһиэхэ тэҥнэстэ. Сайыҥҥы кэмҥэ суол суох буолан, олохтоохтор сырыылара харгыстанар, кыһалҕалара элбиир.

Тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыыга Арктическай улуустар усулуобуйаларын, нэһилиэктэр бэйэ-бэйэлэриттэн ыраахтарын,  суол-иис мөлтөҕүн учуоттаан, туспа өйөбүл бырагыраама оҥоһуллуохтаах. Холобура, Амма улууһун нэһилиэгэр уонна Дьааҥы улууһугар тутуллар хотоннор сыаналарын араастаһыыта туох да тэҥнэбилгэ түбэспэт.  Аны сүөһү аһылыгын бэлэмнээһини ылан көрүөх – Эҥэҕэ бадараан (болотный) саппыкытынан оттууллара дуу, Аммаҕа таапачыканан оту кэбиһэллэрэ дуу?

Олохтоох нэһилиэнньэттэн сир аһын, тэллэйи тутууну судургутуталлара буоллар. Тустаах сыананы олохтоон баран, бу үлэни олохтоохтук тэрийдэллэр, Дьааҥы отоно, тэллэйэ хото атыыга барыан сөп этэ.

Ити курдук санааҕа кэллим мин, Ил Дархан Айсен Николаев өрөспүүбүлүкэ Арктическай зонатыгар нэһилиэнньэ олоҕун хаачыстыбатын таһыма үрдүүрүгэр, онуоха табыгастаах усулуобуйаны тэрийии туһунан ыйааҕын ааҕан баран.  Кэрэхсэбиллээҕэ баар, хас биирдии хайысхаҕа чопчу соруктар туруоруллубуттар. Өскөтүн бу ыйаах туолуутун кытаанахтык ирдээтэххэ, Арктическай оройуоннарга олохтоох тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатынан хааччыйыыны 2030 сылга икки төгүл улаатыннарыы кыаллыан сөп. Онуоха Арктика оройуоннарыгар сылдьарга эрэйдээх,  уустук суоллаах-иистээх нэһилиэнньэлээх пууннарга тустаах болҕомто ууруллуон наада.

Recent Posts

  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Саҥа дьылга мандарин атыылаһарга туохха болҕомто уурар ирдэнэр?

Саҥа дьылга бэлэмнэнэн сотору Саха сирин олохтоохторо мандарины атыылаһыахтара.  Мандарины атыылаһаргытыгар сирийэн көрүҥ. Өскөтүн мандарин…

26 минут ago
  • Интервью
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Петр Иванов: “Сүрүн сорук – эрэллээхтик уотунан хааччыйыы”

Энэргиэтиктэр күннэринэн быйыл тэриллибиттэрэ 60 сылын туолбут “Якутскэнерго” ПАУо  Киин элэктэриичэскэй ситимнэрин салайааччыта Петр Гаврильевич…

55 минут ago
  • Сонуннар

Ил Дархан Айсен Николаев Энэргиэтик күнүнэн эҕэрдэлиир

Убаастабыллаах Саха сирин олохтоохторо, энэргэтиичэскэй комплекс үлэһиттэрэ уонна бэтэрээннэрэ! Эһиги үрдүк таһымнаах үлэҕит, эппиэтинэскит, бэриниилээх…

1 час ago
  • Быһылаан
  • Сүрүн

Дьокуускайга оҕолор гаастан үгээрдээтилэр

Дьокуускайга чааһынай дьиэҕэ 17, 11 уонна 9 саастаах оҕолор ититии систиэмэтиттэн тахсар гаастан үгээрдээбиттэр. Борокуратуура…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Өймөкөөн улууһугар халаантан эмсэҕэлээбит ыаллар саҥа дьиэ күлүүһүн туттулар

Бу күннэргэ Өймөкөөн улууһун салалтата быйыл алдьатыылаах халаан кэнниттэн эмсэҕэлээбит нэһилиэктэринэн сылдьан, чөлүгэр түһэрии үлэтин…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Бу күннэргэ Саха сирэ аан дойду үрдүнэн саамай тымныы сиринэн буолла

Бу күннэргэ Саха сирэ аан дойду үрдүнэн саамай тымныы сиринэн буола сырытта. Бу туһунан РФ…

2 часа ago