Олимпиадаҕа Саха сириттэн ким кыттарый?
Аан дойдутааҕы олимпийскай кэмитиэтэ (МОК) Париж куоракка ыытыллар Олимпийскай оонньууларга Арассыыйаттан кыттар нейтральнай спортсменнар испииһэгин таһаарда. Хамаанда састаабыгар официальнай ыҥырыыны ылбыт уонна кыттартан аккаастамматах 15 спортсмен киирдэ. Ону кытта Олимпиадаҕа биэс саха спортсмена кыттыаҕа.
Ол туһунан «MK.ru» таһаарыы биллэрдэ. Бэлисипиэдиэнэн күрэхтэһиилэргэ Тамара Дронова, Алена Иванченко, Глеб Сырица кыттыахтара.
Евгений Сомов харбааһыҥҥа киирсиэҕэ. Алексей Коровашков, Захар Петров уонна Олеся Ромасенко байдарканан күрэхтэһиэхтэрэ. Анжела Бладцева батутка ыстаныыга кыттара күүтүллэр. Саамай элбэх спортсмен теннискэ киирсиэҕэ — Даниил Медведев, Павел Котов, Роман Сафиуллин, Мирра Андреева, Екатерина Александрова, Диана Шнайдер уонна Елена Веснина.
Саха сириттэн буолаары турар Олимпийскай ооннььуларга тустууга Владимир Егоров (Хотугу Македония), Айаал Лазарев (Кыргызстан), Виктор Рассадин (Таджикистан) уонна Георгий Окороков (Австралия), ону кытта сүүрүүгэ Сардаана Трофимова (Кыргызстан) кытталлара күүтүллэр. Ол эрээри, Олимпиада тэрийээччилэрэ испииһэк уларыйыан сөп диэн биллэрдилэр. Ону таһынан Аан дойдутааҕы олимпийскай кэмитиэтэ туох эмит биричиинэнэн кыттыбат буоллахтарына, спортсменнары уларытыы, миэстэлэрин уларытан биэрии тахсыан сөп иһитиннэрдилэр. Спортсменнары ситиһиилэри!
Олимпийскай оонньуулар Францияҕа от ыйын 26 — атырдьах ыйын 11 күннэригэр диэри ыыттыллыахтара. Арассыыйа спортсменнара турнирга нейтральнай ыстаатыска эрэ кыттар кыахтаахтар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: