Олимпиада чөмпүйүөннэрэ Саха сирин ыччаттарыгар ыалдьыттаатылар
Олимпиада икки төгүллээх чөмпүйүөнэ, гигантскай слаломҥа Арассыыйа чөмпүйүөнэ Вик Уайлд уонна Олимпиада икки төгүллээх чөмпүйүөнэ, аан дойду икки төгүллээх чөмпүйүөнэ, Европа түөрт төгүллээх чөмпүйүөнэ Евгений Рылов «Знание. Первые» марафон чэрчитинэн Саха сирин ыччатын кытары көрүстүлэр.
Испиикэрдэр успуорка кэлиилэрин туһунан ыйытыыларга хоруйдаатылар, инники былааннарын үллэһиннилэр уонна алҕастартан куттаммат буоларга сүбэлээтилэр. Евгений Рылов эппитинэн, ситиһиини ыларга бэйэҥ сыалгын-соруккун куруук араас өттүттэн көрүөхтээххин, ситиһиигэ көмөлөһөр саҥа дьоҕурдарга үөрэниэхтээххин.
«Салгыы барыаххын баҕарбатыҥ курдук ыараахан түгэннэр баар буолаааччылар. Оннук түгэннэр куруук баар буолуохтара, ол эрэн итинник түгэннэр киһи характерын уһаараллар. Быраабыла курдук, көҕүлээһин (мотивация) олус кылгас кэмнээх, оттон дьиссипилиинэ өр кэмҥэ баар буолар уонна бэйэҕин көрдөрөргөр көмөлөһөр», -– диэн биллиилээх спортсмен санаатын үллэһиннэ.
Вик Уайлд үчүгэй түмүк элбэх чахчыттан ситиһиллэрин бэлиэтээтэ.
«Мин Сочига Олимпиада оонньууларын кэнниттэн олус үөрбүтүм. Ол гынан баран, өсссө тугу гыныахтааҕым туһунан толкуйдаабытым. Мин түмүк диэн саамай суолталааах буолбатаҕын, онуоха тиийэр суол ордук суолталааҕын өйдөөбүтүм. Эһиги ону өйдүөхтээххит», -– диэтэ Вик Уайлд.
Испиикэрдэр ону таһынан бэйэлэрин настаабынньыктарын уонна кумирдарын туһунан кэпсээтилэр.
«Знание. Первые» бастакы федеральнай сырдатар марафон аан бастаан 2021 сыл ыам ыйыгар тэриллибитэ. Түөрт сыл иһигэр сэттэ марафон буолбута, онно 80 тыһыынчаттан тахса эдэр киһи, 700-тэн тахса испиикэр кыттыбыта.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: