Салгыы
Олимпийскай чөмпүйүөн Павел Пинигин чиэһигэр күрэхтэһиилэр саҕаланнылар

Олимпийскай чөмпүйүөн Павел Пинигин чиэһигэр күрэхтэһиилэр саҕаланнылар

16.07.2024, 13:11
Хаартыска sakha.gov.ru саайтан
Бөлөххө киир:

От ыйын 16-22 күннэригэр Дьокуускайга көҥүл тустууга 16-гар диэри саастаах уолаттарга Аһаҕас Бүтүн Арассыыйатааҕы турнир уонна 18-гар диэри саастаах уолаттарга норуоттар икки ардыларынааҕы күрэхтэһии саҕаланнылар.

Күрэхтэһиилэр “Саха сирин тимир суоллара” АХ бирииһигэр олимпийскай чөмпүйүөн, аан дойду үс төгүллээх чөмпүйүөнэ, көҥүл тустууга ССРС успуорка үтүөлээх маастара Павел Пинигин чиэһигэр ыытыллаллар диэн иһитиннэрэр СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата.

Бүгүн, от ыйын 16 күнүгэр, күнүс 15:00 чаастан ”Триумф” кииҥҥэ Саха сирин уонна Монголия сүүмэрдэммит хамаандаларын күөн көрсүһүүтэ буолуоҕа.

Бүтүн Арассыыйатааҕы турнирга Саха сирин, Бурятия, Тыва, Забайкальскай, Красноярскай уонна Хабаровскай кыраайдар, Иркутскай, Амурскай уобаластар, Еврейскэй Автономнай уокурук 16-гар диэри саастаах уолаттара кыттыахтара.

Бүтүн Арассыыйатааҕы турнир үөрүүлээх аһыллыыта от ыйын 17 күнүгэр “Триумф” кииҥҥэ буолуоҕа. Бүгүн мандаатынай хамыыһыйаны уонна сэрэбиэйдээһини ааһыахтара.

От ыйын 19 күнүгэр 18-гар диэри саастаах уолаттарга норуоттар икки ардыларынааҕы күрэхтэһии саҕаланыа. Онно Беларусь, Казахстан, Кыргызстан, Монголия, Саха сирэ, Дагестан, Ингушетия, Чечня, Брянскай, Калининградскай, Московскай уобаластар уолаттара кыттыахтара. Күрэхтэһии UWW быраабылатынан ыытыллыа.

Күрэхтэһиилэри 34 судьуйа кэтээн көрүө. Кылаабынай судьуйалар:  норуоттар икки ардыларынааҕы турнирга – Алексей Цыренов, Бүтүн Арассыыйатааҕы турнирга – Дьулус Сивцев.

Күрэхтэһиилэр бырагыраамалара:

16-гар диэри саастаах уолаттарга Аһаҕас Бүтүн Арассыыйатааҕы турнир:

От ыйын 17 күнэ – турнир аһыллыыта, 24, 26, 28. 30, 32, 35, 38, 41, 44, 48, 52, 57, 62, 68, 75, 85, 100 кг категориялаах ыйааһыҥҥа 2009-10 сыллаах уонна онтон эдэр уолаттарга барыллаан киирсиилэр.

От ыйын 18 күнэ – полуфинальнай көрсүһүүгэ диэри бары ыйааһыннарга барыллаан киирсиилэр, 3 миэстэ иһин хапсыһыы.

От ыйын 19 күнэ — 24, 26, 28, 30, 32, 35, 38, 41, 44, 48, 52. 57, 62. 68, 75, 85, 100 кг. ыйааһыннарга финальнай хапсыһыылар.

18-гар диэри саастаах уолаттарга норуоттар икки ардыларынааҕы күрэхтэһии:

От ыйын 19 күнэ — мандаатынай хамыыһыйа, судьуйалар коллегияларын уонна хамаандалар бэрэстэбиитэллэрин мунньаҕа, сэрэбиэйдээһин.

От ыйын 20 күнэ – күрэхтэһии саҕаланыыта. Барыллаан күрэхтэһиилэр.

От ыйын 21 күнэ – утешительнай уонна финальнай хапсыһыылар. Наҕараадалааһын.

От ыйын 22 күнэ – хамаандалар төннөр күннэрэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
7 декабря
  • -22°C
  • Ощущается: -28°Влажность: 77% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: