“2018 сыллаахха миэхэ бу уулуссаҕа Роман Михайлович Дмитриев аатын иҥэрэр туһунан эппиттэригэр, мин тута сөбүлэспитим. Сорохтор Роман Михайлович аатын куорат киин уулуссатыгар иҥэрэр сөптөөх этэ диэн соччо сөбүлээбэтэхтэрэ эрээри, манна ыйанан турар суруктары (табличка) көрбүт буолаххытына, Роман Өлүөнэ өрүһү олус сөбүлүүрэ көстөр. Кини бу өрүс үрдүгэр төрөөбүтэ, онон кытылга кини аата иҥэриллибитэ суолталаах”, — диэн бүгүн Дьокуускай куорат 202-с түөлбэтинээҕи Роман Дмитриев аатынан кытылы үөрүүлээх арыйыы кэмигэр олоҕун аргыһа Антонина Дмитриева эттэ.
Олимпийскай чөмпүйүөн Роман Михайлович Дмитриев быйыл төрөөбүтэ 75 сылын туолар. Бүгүн Роман Дмитриев аатынан кытылы үөрүүлээх быһыыга-майгыга арыйдылар. Төһө даҕаны сэтинньи хаҕыс тыаллаах, тымныы күнэ үүннэр, куорат олохтоохторо, успуорду сэҥээрээччилэр, хаалыктаах хаамааччылар хото муһуннулар.
Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлэ Кирилл Бычков мустубут дьону Норуоттар сомоҕолоһууларын күнүнэн эҕэрдэлээн туран: “Куорат маастар-былаанын иитинэн, дойду бэрэсидьиэнэ В.В.Путин көҕүлээһининэн, өрөспүүбүлүкэбит уһулуччулаах спортсмена, успуорт номоххо киирбит киһитэ Р.М.Дмитриев аатынан кытыл тутулунна. Кини биллиилээх спортсмен эрэ буолбакка, успуорду, успуорт хамсааһынын, Арассыыйа тустуутун аан дойдуга киэҥник тарҕатар уопсастыбаннай диэйэтэл буолар. Кинини батыһааччылар, кини үөрэнээччилэрэ элбэхтэр” – диэн эттэ.
Кытыл уһуна Хабаров уулуссатыттан оҥочолор тиксэр сирдэригэр диэри 1,14 км курдук. Кытылга куорат сөтүөлүүр сирэ, бүрүөһүннээх хачыал, тренажердар, дьон көхтөөхтүк сынньанар былаһаакката, сатыы дьоҥҥо аналлаах ыллык, бэлэсэпиэт суола, уот-күөс, көҕөрдүү киирэр.
Дьокуускай куораттааҕы уокурук баһылыгын эбээһинэһин толорооччу Георгий Гаврильев: “Кэлиҥҥи сылга сөҕүмэр элбэх уопсастыбаннай тутуу тупсарылынна. Алтынньы ортотугар Ленин болуоссата аһыллыбыта. Бүгүн Роман Дмитриев аатынан кытылы арыйабыт. Сайсары күөл кытылын уонна Ийэҕэ аналлаах искибиэри тутуу түмүктэнэн эрэллэр. Бу барыта былырыын дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин бигэргэппит маастар-былаанын, федеральнай киин, СӨ Бырабыыталыстыбатын көмөтүнэн олоххо киирэр. Биһиги былааҥҥа киирбит эбийиэк барыта хаачыстыбалаахтык уонна болдьоҕор тутулларыгар кыһанабыт. Саамай сүрүнэ – куораппытыгар дьон олоҕун хаачыстыбатын тупсарыы”, — диэн эттэ.
Роман Дмитриев олоҕун аргыһа Антонина Дмитриева: “2018 сыллаахха миэхэ бу уулуссаҕа Роман Михайлович Дмитриев аатын үйэтитэргэ эппиттэригэр, тута сөбүлэспитим. Сорохтор Роман Михайлович аатын куорат киин уулуссатыгар иҥэрэр сөптөөх этэ диэн соччо сөбүлээбэтэхтэрэ эрээри, манна ыйанан турар суруктары (табличка) көрбүт буолаххытына, Роман Өлүөнэ өрүһү олус сөбүлүүрэ көстөр. Кини бу өрүс үрдүгэр төрөөбүтэ, онон кытылга кини аата иҥэриллибитэ суолталаах.
Куорат, ордук Губинскай түөлбэ олохтоохторо бу кытыл саҥардылларын өр күүттүлэр. Манна элбэх харчы ирдэнэрин быһыытынан, бу хаһан эрэ кыаллыа диэн санаабат да этибит. Ол гынан баран, Роман Михайлович аата үтүө бэлиэ буолан куорат уларыйарыгар көмөлөһүө, ыччат успуордунан дьарыктанарыгар сирдиэ диэн син биир эрэллээҕим”, — диэн бэлиэтээтэ. Бу кытыл олоххо киирэригэр хамсааһыны таһаарбыт, көмөлөспүт дьоҥҥо бука барыларыгар махталын биллэрдэ.
Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…
Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы кэнсиэрэ буолла. Талааннаах уолларын биир дойдулаахтара, Бүлүү…
Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…
Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр. Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…
Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…
Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…