Хас да сыллааҕыта Олоҥхо тыйаатырын төрүттээччи А.С. Борисов артыыстары аттестациялааһын кэнниттэн: “Хас биирдии артыыс, саатар, биир олоҥхону толору толорор буолуохтаах”, — диэн, дьоһун уонна ылбычча киһи кыайбат уустук соругун туруорбута.
Өскөтүн Олоҥхо тыйаатырын артыыстарын тойукка уһуйа сылдьар учууталлара РФ, СӨ народнай артыыһа С.И. Борисова буолар эбит буоллаҕына, олоҥхону толорорго эбии уһуйар киһи баар буолуохтааҕа ирдэнэрин олох көрдөрбүтэ.
Онон оччолорго Олоҥхо тыйаатырын дириэктэрэ М.В. Турантаева бу соругу олоххо киллэрэргэ утумнаах үлэни ыыппыта уонна үгүс ыччаты олоҥхоҕо уһуйбут үтүөкэн киһиэхэ, СӨ үтүөлээх учууталыгар, «Урожай» уопсастыба бочуоттаах үлэһитигэр о.д.а. наҕараадалар хаһаайыннарыгар санаата тохтообута. Ити курдук 2017 сылтан Никандр Прокопьевич Тимофеев Олоҥхо тыйаатырын артыыстарыгар тойукка кылыһаҕы эгэлгэлээн туһанарга, тойук матыыбын араастарыгар, олоҥхону толоруу ускуустубатыгар баҕалаах артыыстары кытта үлэтин саҕалаабыта. Кини тойугу үөрэтэр сүрүн ньымата былыр эт кулгааҕынан истибит олоҥхоһуттарын, тойуксуттарын толорор үгэстэригэр олоҕурарын билэбин. Оттон биир сыл иһинэн олоҥхо ис тутулун, хоһоонун, персонажтар ырыаларын-тойуктарын уратыларын ситиһиилээхтик үөрэтэр, бэлэмнээн таһаарар ньыматын туһунан этэр буоллахха, бу барыта хас күн аайы күүстээх өй үлэтин, утумнаах дьарык түмүгэ, ситиһиитэ диибин. Никандр Прокопьевич үөрэнээччилэригэр түгэҕин биллэрбэтэх, кытылын булларбатах улуу байҕалы санатар олоҥхоҕо, ийэ тылга муҥура суох тапталы саҕыы уонна ону ытык ымыы оҥостон, идэтийиини иҥэрии буолар.
Биһиги тыйаатырга Никандр Прокопьевич аан бастакы үөрэнээччитэ – Василина Васильевна Баланова. Кинини тойук арааһыгар, кылыһаҕы доҕуһуол курдук, тыл ис хоһоонугар сөп түбэһиннэрэн, эгэлгэлээн туһанарга, олоҥхо тылын өйгө тутуу уонна турукка киирэн, холкутук толоруу ньыматыгар биир сыл иһигэр үөрэппитин көрө-билэ сырыттаҕым. Бэйэм бэлиэтээн көрүүбүнэн, олоҥхону үөрэтэр, ылынар, толорор киһи адьас уларыйан хаалар эбит. Туох эрэ күндүнү илдьэ сылдьар, дьоһуннук туттар, киэҥ көҕүстэнэр, холку майгыланар, киһини бэйэлэригэр тардар дьүһүннэнэр эбиттэр. Ону ааһан, бэйэлэрин ис кыахтарын уһугуннарар, бэйэлэрин иһиллэнэр дьоҕурдара арыллар диэн эбэн этиэхпин сөп. Василина Васильевна олоҥхону толорооччу быһыытынан өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр. Кини унньуктаах уһун кэмҥэ дьарыктанан, билигин 4 чаастан ордук олоҥхону холкутук толорор кыахтаах. Салгыы кини санаатын эһиэхэ тиэрдэбин.
“Мин олохпор олоҥхо олус улахан суолталаах. Олоҥхо киһиэхэ өй-санаа сааһыланыытын, арыллыыны, бэйэҕэ эрэллээх буолууну биэрэр. Олоҥхонон дьарыктаныахпыттан мин олоҕум суола уларыйан, сырдаан киирэн барбыта. Ис туругум, өйүм-санаам тупсан, атын кистэнэ сыппыт дьоҕурдарым арыллан, билигин олоҥхоҕо тирэҕирэн, дьон ис туругун, этин-сиинин тупсарар «Дорҕоон — мин Көҥүлүм» диэн дьарыктаахпын. Дьону ыраастыыбын, илбийэбин. Ыраастанар чүмэчилэри оҥоробун. Олоҥхонон дьарыктамматаҕым буоллар бу дьоҕурдарым арыллыа суох этилэр дии саныыбын. Никандр Прокопьевичка күннэтэ дьарыктанабын. Олоҥхону үөрэтии диэн, дьиҥэр, бэйэҕэ үлэлэнии, бэйэни сайыннарыы буолар. Уһуйааччым миэхэ ити кистэлэҥи арыйбытыгар махтанабын.
Олоҥхоһут истээччитэ суох сайдыбат. Билигин дьон көрөр дьоҕура сайдыбыт кэмэ буолан, истэр дьоҕур мөлтөх. Онон биһиэхэ, толорооччуларга, улахан кыһалҕа – истээччи суоҕа. Холобура, 10 киһиттэн 1-2 эрэ киһи болҕойон, иһийэн, олоҥхо иһигэр киирэн олорон истиэн сөп”.
Никандр Прокопьевич оҕо сылдьан, араас олоҥхоһуттары, кэрэ кылыһахтаах үгүс тойуксуттары истибит буолан, ол ону өйүгэр тута сылдьарын ыччакка тиэрдэр ураты ньымалаах. Ол кистэлэҥэ, арааһа, үөрэниэн баҕалаах киһи тулуура, дьулуура, чахчы баҕалааҕа сүрүн оруолу ылар быһыылаах дии саныыбын. Ытык кырдьаҕас биир үөрэнээччитэ – Яна Нюргусова. Яна Петровна олох атын эйгэттэн тыл абылаҥар, тыл умсулҕаныгар ылларан, Олоҥхо тыйаатырыгар кэлбитэ. Билиҥҥи туругунан Яна 7 аҥаар чаас олоҥхону толорор кыахтаах. Туоһунан олус үчүгэйдик иистэнэрин сэҥээрэбин. Яна Нюргусова олоҥхо туһунан туох диир эбитий?
“Олоҥхону оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан үөрэтэн саҕалаабытым, дьон толорорун сэргээн, ымсыыран үөрэппитим. Ол кэнниттэн улам умсугуйан, тыл күүһүгэр убанан барбытым. Олоҥхону үөрэтии, күннэтэ дьарыктаныы миэхэ сахам тыла байҕал дириҥин, халлаан үрдүгүн курдук сүдү суолталааҕын өйдүүрбэр кыах биэрдэ. Күннэтэ дьарыктаныы саҥа үрдэллэри дабайарга, өбүгэлэрбит тыллара хайдах курдук баайын иҥэринэргэ уонна ону дьоҥҥо-сэргэҕэ тириэрдэр баҕа санааны уһугуннарар. Олоҥхолуур идэ уустуктары баһылыырга дьулуурдаах, бэйэҕэ ирдэбиллээх буоларга иитэр. Мэйии тохтоло суох үлэлиир дьоҕурун сайыннарар, күннэри-түүннэри олоҥхо тыла эйигин батыһа сылдьар. Тылбын өссө байыттахпына, инникитин олоҥхону айыам дии саныыбын. Былыргы олоҥхоһуттар таһымнарыгар тиийбит киһи диэн баҕа санаа күннэтэ миигин үүйэ тутар”.
Мин биир дойдулааҕым Айсен Кысылбаиков сыл устата биир да күнү көтүппэккэ сарсыарда аҕыс чаастан кэлэн дьарыктанарын көрө-билэ сырыттаҕым. Хаһан даҕаны хойутаабат. Уонна биир сылынан олоҥхо толоруохтааҕын эмиэ билэрим, ол эрээри саарыыр этим. Ыллыыр, доҕуһуоллуур тэриллэргэ оонньуур, оттон туойарын биирдэ да истибэтэх буоллаҕым. Соторутааҕыта, этиллибитин курдук, биир сыл туохха үөрэммитин артыыстарга, бииргэ үлэлиир дьонугар толорон көрдөрдө. Айсен Гаврильевич тас эйгэҕэ кыһаммакка турукка киирэн, олоҥхо эйгэтигэр бүүс-бүтүннүү киирэн олорон толорбутун сөхпүтүм. Тойугун арааһа элбэҕэ. Аны айыы кыыһын тойугун олус үрдүк тональноска туойан соһуппута. Билигин даҕаны Айсен Гаврильевич уһуйааччытыгар утумнаахтык дьарыктанар, номнуо олоҥхо эйгэтигэр өйдүүн-санаалыын киирбит диэн бигэтик этиэхпин сөп. Эдэр киһи сайдан, туругуран иһиэ диэн эрэнэбин.
“Мин туойуохпун баҕарарым, үчүгэйдик туойар дьоҥҥо ымсыырарым. Никандр Прокопьевич артыыстары үөрэтэр, оттон атын идэлээх киһини үөрэппэтэ буолуо диэн саллан ыйыппат этим. Биирдэ күүстээх санаабын киллэрэн ыйыппытым. Үөрүөм быатыгар ытык кырдьаҕас сөбүлэспитэ. Ити курдук ситтэрбэтэх ыра санаам туолар дьоло тосхойбута. Көтүөхпүн кынатым эрэ суоҕа. Онон күннэтэ дьарыктанан барбыппыт. Бастаан ыарахан этэ. “Сатаабатым буолуо, кыайбатым буолуо” диэн бэйэ кутталын кыайдаххына, киһи син сайдар, бардар баран иһэр буолар эбит. Кырдьыгы баарынан эттэххэ, кинигэни аахпат, хоһоону үөрэппэт киһи этим буоллаҕа. Ол бэйэм олоҥхо көмөтүнэн олоҥхону утаппыттыы ааҕар буоллум. Олоҥхо киһи өйүн-санаатын сааһылыыр, тылга болҕомтолоох сыһыаҥҥа үөрэтэр. Ийэ тыл, олоҥхо тыла омук кистэлэҥнээх күлүүһэ буоларын өйдөөтүм. Билигин мин олоҥхону киэҥ эйгэҕэ толорорбор өссө да эрдэ. Онон салгыы утумнаах эрчиллии, күннэтэ үөрэнии эрэ үтүө түмүгү аҕалыа диэн эрэл санаалаахпын”.
Онон Олоҥхо тыйаатырын салалтата кэмигэр айылҕаттан анаммыт уһулуччулаах уһуйааччыны – Никандр Прокопьевиһы – үлэҕэ ылан, баҕалаах дьоммутун үгэс буолбут олоҥхону толоруу ньыматыгар үөрэттэрэ сылдьарыттан улаханнык махтанабын. Ил Дархан стипендиатын үрдүк аатын сүгэр ытык кырдьаҕас аатын ааттаан, тастан кэлэн эмиэ дьарыктанан бараллар.
Олоҥхо тыйаатырын артыыстарыттан Г. Менкяров, А. Алексеева эмиэ олоҥхону толороллор. Кэлиҥҥи кэмҥэ олоҥхону толорор дьонноох буолан, салалта “Дорҕоон дойду” түһүлгэтигэр, олоҥхону истии киэһэлэрин бырайыагын олоххо киллэрбитэ. Былырыын “Орто Дойду” рестораны кытта “Гастрономическай тыйаатыр” диэн кыттыгас бырайыакка үлэлээн, сахалыы мааны астаах олоҥхо киэһэлэрин ыыппыттарын дьон олус сэргээбитэ. Ити курдук Андрей Саввич артыыстарга туруорбут уустук соруга сыыйа олоххо киирэн иһэр. Аны билигин бу хайысха салгыы сайдан, дьоҥҥо-сэргэҕэ киэҥник тахсар соруга турар. Улуустарынан сылдьан, олоҥхону толороллорун таһынан, норуот ырыатын ыллыахтарын, маастар-кылаастары ыытыахтарын, өбүгэ оонньууларын оонньотуохтарын сөп. Салгыы ытык кырдьаҕас Никандр Прокопьевич Тимофеев олоҥхону тарҕатыыга туох санаалааҕын эһиэхэ тиэрдиэхпин баҕарабын:
“Араҥаччылыыр аанньалларым миэхэ төһө кэми-кэрдиини биэрэн туралларын билбэппин, бука, кэмчитийбитэ буолуо. Ол иһин салгыы эмиэ тойукка, олоҥхоҕо үөрэтэр дьоҕурдаах дьону көрө сылдьыҥ диэн этэбин. Артыыстар бары олоҥхолуохтаахтар диирин диибит гынан баран, муҥутаан 1 чаастаах олоҥхону олоҥхолуохтара. Ити ала чуо испэктээккэ оонньуур артыыстарга туһаайан этэбин. Кинилэр үлэлэрэ олох атын. Күн аайы репетиция, барыы-кэлии, кыттыы, онон кинилэр өйдөрө-санаалара барыта онно үлэлиир.
Тылы үөрэтии диэн сорохторго сүрдээх ыарахан. Урукку тыйаатыр артыыстарыгар даҕаны олоҥхоҕо барбыт, олоҥхолообут суох. Ыарырҕаталлар. Мин үгүстэрин кытта кэпсэппит буолан этэбин. Баһан этэр буолбатахпын.
Билигин тэрилтэбитигэр олоҥхоҕо чахчы дириҥник ылсыһа сылдьар икки киһилээхпит. Гаврил Менкяров олоҥхолуур гынан баран, кини аһара элбэх олоҥхону дириҥник ырытан олоҥхолууругар ыарахаттардааҕын мин адьас сүрэхпинэн сэрэйэбин. Тоҕо диэтэххинэ, кини режиссердуохтаах, кини артыыстыахтаах, кини уопсастыбаннай үлэни толоруохтаах. Ону таһынан кини өссө киинэҕэ үлэлиэхтээх. Онон барытыгар күн уота буолан кыайан тыкпата буолуо диэммин онтон куттанабын. Итинник элбэх түбүгэ суоҕа буоллар, биһиги чахчы олоҥхону толорор икки эр киһилээх буолуо этибит. Өбүгэлэрбититтэн кэлбит кэлэр кэнчээри ыччаттарбытыгар кэриэс хаалларбыт улуу айымньыларын – олоҥхону – чахчы дириҥник ырытан, толкуйдаан толорор 6 киһилээхпит эбитэ буоллар, биһиги олоҥхону Саха сирин үрдүнэн көҕүлүүргэ, иһитиннэрэргэ балачча кыахтаах курдук сананыах этибит.
Билигин биһиги олоҥхону сайыннарабыт диибит эрээри, үксүгэр барыта кылгатан, быһыта тыытан олоҥхолооһуннар бараллар. Олоҥхо ыһыаҕын, олоҥхо бэстибээллэрин, Куйуур олоҥхотун, Муҥха олоҥхотун ылан көрүҥ – барыта кылгатан толоруу. Ити, мин санаабар, отой итэҕэс. Итинник барбах быһыта тыытан, иитин-саҕатын эрэ толоро сатыы сырыттахпытына уонна олоҥхоһуттарбыт диэн түөспүтүн мөтөтө сырыттахпытына, ити өбүгэлэрбит улуу кэриэстэрин кыайан толорбоппут буолуо дии саныыбын. Биһиэхэ олоҥхо курдук тылынан айыллыбыт айымньыга, олоҥхо курдук улуу, дириҥ, киэҥ ис хоһоонноох тэҥнэһэр айымньыбыт суох. Онно олох күүскэ үлэлиэҕиҥ диибин. Уонна салалтаттан, тоноҕоспун тоҥхотон тураммын, олоҥхону толорооччулар бөлөхтөрүн тэрийэргэ күүскэ үлэлээҥ диэн көрдөһөбүн уонна туруорсабын.
Аны инникитин уһун тыыннаах, олоҥхону толорооччулары истэр дьону бэлэмниир сорук турар. Син кылгас кээмэйдээх олоҥхолору истэ үөрэннибит. Олоҥхоһут истээччилээх эрэ буоллаҕына, сайдар кыахтааҕын умнуо суохтаахпыт”.
Билигин Олоҥхо тыйаатырын дириэктэринэн Зинаида Андреевна Борисова айымньылаахтык үлэлии-хамсыы сылдьар. Түмүккэ Зинаида Андреевна тус санаатынан бу ыстатыйабын түмүктүүбүн. “Олоҥхо тыйаатыра бэйэтин репертуарыгар түөлбэ, биллэр олоҥхоһуттар олоҥхолоро, классик суруйааччыларбыт олоҥхолуу тыыннаах айымньылара уонна аан дойдуга аатырбыт Кытай, Индия былыргы эпическэй драмалара бааллар. Аны биһиги тыйаатырбыт Олоҥхо ыһыахтарын ыытыыга биир сүрүн күүс буолар. Маны сэргэ артыыстарбыт киинэ эйгэтигэр эмиэ бэрт ситиһиилээхтик кытталлар. Артыыстарбыт эдэрдэр, эрчимнээхтэр уонна олус үлэһиттэр. Тыйаатырбыт ытык киһитэ, 91 хаарыгар үктэммит Никандр Прокопьевич Тимофеев олоҥхону сайыннарыыга утумнаах үлэни ыытар. Кини туруорсар сиэрдээх этиитин өйүүбүн, ылынабын. Ол гынан баран, билигин бэйэбит бас билэр дьиэтэ суох буоламмыт, олоҥхо түһүлгэлэрин кэмиттэн кэмигэр тэрийэн ыытыыга кэккэ кыһалҕалары көрсөбүт. Онон саҥа дьиэбитигэр киирдэхпитинэ, олоҥхону толорооччулар бөлөхтөрө баар буолуоҕа диэн эрэннэрэбин”.
М. ВЛАСЬЕВА, Олоҥхо тыйаатырын үлэһитэ,
РФ Суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ,
СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ.
Хаартыскалар: Майя Власьева түһэриилэрэ, Олоҥхо тыйаатырыттан.
СӨ ИДьМ дьуһуурунай чааһыгар суолга саахал тахсыбытын туһунан иһитиннэрии киирбит. Ол курдук, Бүлүү оройуонун Лөкөчөөн…
Жатайдааҕы суудунаны тутар собуот биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр уруккута суох сүҥкэн улахан масштабтаах тутуунан буолар. Ирбэт тоҥноох…
“Аэрофлот”, “Уральские авиалинии” авиахампаанньалар тохсунньу 1 күнүттэн Арассыыйа иһинэн көтүүгэ оҕолорго, иккилэриттэн уон икки саастарыгар…
Маны билэҕит дуо? Куоска минньигэс амтаны билэр дуо? Оттон саамай улахан кинигэ төһө ыйааһыннаах буолуо…
Бүгүн 16:45 мүнүүтэҕэ Байконур космодромуттан"Союз-2.1б" ракета-носители Сири тэйиччиттэн кэтээн көрөр космическай аппарааттаах ыыттылар. Ракета-носительга Саха…
Тырааныспар уонна суол хаһаайыстыбатын сылы түмүктүүр кэллиэгийэтигэр өрөспүүбүлүкэҕэ суол-иис өттүгэр туох үлэ барбытын ырыттылар, түмүктэри…