Хаартыска: PxHere
Соторутааҕыта Саха сириттэн 200-тэн тахса тулаайах байыаннай дьайыыга ыытыллыбытын курдук сонун социальнай ситимнэргэ тарҕаммыта.
Ол гынан баран, бу туох да төрүөтэ суох сымыйа иһитиннэрии.
Саха сирин парламенын саайтын официальнай иһитиннэриитигэр этиллэринэн, «Уһук Илин уонна Забайкалье» парламент ассоциациятын уопсай мунньаҕын чэрчитинэн, Биробиджан куоракка ассоциация чилиэннэрэ РФ Федеральнай мунньаҕын Судаарыстыбаннай думатын бэрэссэдээтэлэ Вячеслав Володиҥҥа этии киллэрбиттэрэ. Еврейскай Автономнай Өрөспүүбүлүкэ мунньаҕын бэрэссэдээтэлэ Роман Бойко бэйэтин этиитигэр бэлиэтээбитинэн, ассоциация чилиэннэрин этиилэригэр федеральнай сокуоҥҥа уларытыылары киллэрии туһунан боппуруос көрүллэр (тулаайах оҕолорго сыһыаннаан).
Саха сирин парламенын спикэрэ Алексей Еремеев тулаайах оҕолору уонна төрөппүт көрүүтэ-истиитэ суох хаалбыт оҕолору (байыаннай эпэрээссийэ кыттыылаахтарын) дьиэнэн хааччыйыы үбүн эрэгийиэннээҕи буолбакка, федеральнай бүддьүөттэн үбүлэнэнэригэр этии киллэрэр.
Бу этии тулаайах оҕолор бырааптарын көмүскүүр, кинилэр дьиэ сэртипикээтин арыый түргэнник ылалларын туһугар оҥоһуллубута.
Ону таһынан иһитиннэрии байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын — тулаайахтар ахсааннара 200 диэн, Саха Өрөспүүбүлүкэтиттэн буолбакка, дойдуттан барбыттар ахсааннара буоларын туһунан быһаарар суруктаах.
Биһиги бэрэбиэркэлэммэтэх иһитиннэриигэ итэҕэйбэккитигэр уонна угаайыга киирэн биэрбэккитигэр ыҥырабыт. Саха сирин парламенын спикэрин этиитин туһунан сиһилии https://iltumen.ru/news/26743 билсиэххитин, уопсай мунньах туһунан
https://rutube.ru/video/1ee16477755b13272705777059889fdc/ сигэнэн киирэн көрүөххүтүн сөп.
Ил Түмэн пресс-сулууспата
“Спортивные якутяне” үөрэнээччилэр өрөспүүбүлүкэтээҕи спартакиадаларын волейбол көрүҥэр күрэхтэһии бүгүҥҥүнэн бүттэ. Кыргыттарга Дьокуускай хамаандата бастаата, Чурапчы…
Бүгүн Аллайыаха улууһун Бөрөлөөх нэһилиэгэр бибилэтиэкэҕэ тапталлаах бэйиэппит Александр Пушкиҥҥа анаммыт сыл аайы ыытыллар “Аллаиха…
Сарсын, бэс ыйын 7 күнүгэр, кэрэ айылҕалаах Кэҥкэмэ үрэх биэрэгэр эбэҥки норуота үгэс буолбут сайыҥҥы…
Куһу-хааһы бултааһын, сиргэ-уокка сылдьыы бэрээдэги ирдиир. Онон муус устар 25 күнүттэн бэс ыйын 5 күнүгэр…
Бэс ыйын 6-8 күннэригэр самаан сайыны уруйдуу Бүлүүлүүр аартыкка Кэҥкэмэ үрэх таһыгар “Бакалдын-2025” эбэҥкилэр үгэс…
Сунтаар улууһун бочуоттаах гражданина, Сунтаар, Сиэйэ, Түбэй Дьаархан нэһилиэктэрин бочуоттаах олохтооҕо, Гражданскай килбиэн аат бэлиэ…