Салгыы
Олоҕо суохха балыллыы…

Олоҕо суохха балыллыы…

Ааптар:
03.11.2024, 19:00
dreamstime.com
Бөлөххө киир:

Маарыйа холкуос лааппытыгар атыылааччынан үлэлии сылдьара. Кэргэнэ айылҕаттан кыахтаах буолан, ыраах атынан таһаҕас тиэйиигэ бэдэрээттэһэ барбыта ыраатта. Аны икки-үс ыйынан кэлэрэ буолуо. Үһүс кырачаана икки эрэ ыйдааҕа. Үлэтин быыһыгар оҕолорун көрөрө, ону таһынан, хотонун бэрийэрэ.

Эмискэ этиҥ эппитинии

Маарыйа эдэр эрдэҕиттэн сөбүлээбэтэҕин уонна сөбө суох быһыыны-майгыны тута малтаччы этэр буолан, кинини холкуос салайааччылара адьас сөбүлээбэттэрэ. Ол курдук үлэлии сырыттаҕына, атыылыыр испиирин уулаабытын туһунан үҥсүү сурук тиийбитинэн, быраабы көрөөччү эмискэ кэлэн, Маарыйаны акка мэҥэһиннэрэн оройуоҥҥа доппуруоска киллэрбитэ. Ити кэмнэргэ буруйдаахтары тута хаайыыга эбэтэр күһэлэҥ үлэҕэ ыраах атын оруойуоҥҥа ыыталлара.

Кыра бырааттарын…

Икки ыйдаах уол эдьиийдээх убайын кытта хаалбыттара. Тастан эһээлэрэ Сүөдэр көрөөхтөөбүтэ, кини үксүн хотонунан эрэ сылдьан ааһара. Обургу оҕолор кырачааннарын кыайан көрбөтөхтөрүттэн ис ыарыыта буулаан быһыылааҕа, аҕыйах хонук эрэ буолаахтаабыта. 12‑лээх Даша уонна сэттэлээх Кеша нэһиилэ сылдьаахтыыр эһээлэрин кытта кырачаан бырааттарын таҥаска суулаабыта буолан баран, алаастарын аттыгар улахан аарыма тиит анныгар сири кыратык хаһан көмпүттэрэ, дуомундаамын хатырыгынан бүрүйбүтэ буолбуттара. Бу күһүөрү кыһын, алтынньы саҥата этэ. Дашалаах Кеша улаатан, киһи-хара буолан баран, бу түгэни өрүү ахталлара — кырачаан бырааттарын баараҕай тиит анныгар ытыы-ытыы көмпүттэрин.

Ийэлэрэ эмискэ, туохтан эрэ сылтаан ханна эрэ ыраах барбытыттан олус мунчаарбыттара. Бэрт сотору халлаан өссө тыйыһыран тымныйыа, оччоҕо кинилэр астарын-үөллэрин, таҥастарын-саптарын ким бэрийэрий? Соҕотох сылдьаахтыыр, сааһырбыт эһээлэрэ онуоха-маныаха диэри өрүһүлтэ буолуохтаах этэ даҕаны эмискэ сэллигэ бэргээн дуу, ойоҕостотон дуу, ыалдьан өй-мэй, сыккырыыр тыына эрэ сытаахтыыр.

Оҕолор дьоллоругар…

Маарыйаны оройуоҥҥа силиэдэбэтэллэр диэтэх дьон, испиири уулаабыккын, буруйгун билин диэн араастаан түүрэйдээбиттэрэ, хаайбыттара. Онуоха дьахталлара кытаа-

нах киһи буолан биэрбитэ, оҥорботох дьыалабын хайдах сымыйанан билиниэхтээхпиний диэн утары саҥарсара. Дьэ ити курдук ыгыы-түүрүү бара турдаҕына, нэһилиэккэ оройуон сэбиэтин дуу, туох дуу боломуочуйалааҕа кэлэ сылдьан, Маарыйа дьыалатыгар сыһыаннаах суругу сиртэн булан ылбыта. Ол сурукка маннык суруллубут этэ, «Дорообо, Ыстапаан! Маарыйа Х.-ны дьэ муннукка хаайдыбыт ээ. Аһара утары баран аахсара аны тохтуура буолуо. Аҕыйах сылга атын сиргэ-уокка сылдьан кэллэҕинэ, син сыһыйар ини. Кыратык кэһэйэ түстүн. Ол эрээри, кыра оҕото өлөөхтөөбүт үһү дии. Атын оҕолоро этэҥҥэ сылдьалларын хааччыйыахха наада. Сотору аҕалара Мэхээлэ ыраахтан бэдэрээттэн кэлиэҕэ. Эһээлэрэ оҕонньор ыараханнык ыалдьа сытар үһү. Чэ итинник, С.».

Киһини сэниир, атаҕастыыр сэттээҕин-сэмэлээҕин бу түгэн ырылыччы көрдөрбүтэ.

Боломуочуйалаах бу сурук ис хоһоонун ааҕаат даҕаны нэһилиэк сэбиэтигэр ол туһунан биир да тылы эппэккэ, түүннэри атынан оройуоҥҥа киирбитэ. Ырааҕа бэрт буолан, үс суукка айаннаабыта. Этэҥҥэ тиийээт да тустаах уорганнарга суругу туттарбыта.

Ити сурук тустаах аадырыска тиэрдиллибитин кэнниттэн Маарыйаны оҥорботох дьыалатыгар эрийии, түүрэйдээһин тута тохтотуллубута. Ол оннугар Сэбиэт бэрэссэдээтэлин уонна сиргэ алҕас түспүт сурук хаһаайынын, урукку кинээһи, дьыалаҕа тардарга быһаарыныы ылыллыбыта уонна кинилэри тута тустаах дьон атынан туруммуттара. Ол эрээри, ол туһунан Маарыйаҕа тугу да эппэтэхтэрэ, ыллылар да ыытан эрэ кэбиспиттэрэ. Онон соһуччу босхолонууттан олус диэн үөрбүтэ уонна оройуоҥҥа олорор ырааҕынан аймаҕа дьонун ыйыталаһан, ыйдаран тиийбитэ. Аймахтара бэрт кыахтаахтык олорор ыаллар эбит. Маарыйаны олус эйэҕэстик көрсүбүттэрэ, туохха түбэспитин истэн олус диэн аһыммыттара. Кинилэргэ биир күн сынньанаат оҕолоругар өтөҕүн быһарын туһунан эппитигэр, аймахтара билэр сылгыһыттарыттан икки аты уларсан, олорор сиригэр илдьэн биэрэр киһилээн уонна бэйэтигэр уонна оҕолоругар таҥас-сап, ас-үөл биэрэн тэрийэн ыыппыттара. Айаннара уһун, үс күнүнэн тиийиллиэхтээх.

Умнуллубат үөрүү

Ити аҕай иннинэ оҕолор эһээлэрэ тыына быстыбыта. Нэһилиэк дьоно-сэргэтэ бары көмөлөөн бэрт тиэтэлинэн оҕонньору чугастааҕы халдьаайыга таһааран көмпүттэрэ. Дьэ оҕолор дьылҕалара хайдах буолар диэн кэпсэтии турбута. Ырааҕынан ийэлэринэн аймахтара — уолу, оттон аҕаларынан аймахтара кыыһы аҕалара кэлиэр диэри ылан көрөргө сүбэлэспиттэрэ.

Дьэ ити курдук, оҕолору аймахтара бэйэлэригэр илдьээри оһох аттыгар соҥуоран олордохторуна, эмискэ умуллан эрэр оһох кыыма өрө тыһыргыы түспүтэ, ону кытта тэлгэһэҕэ аттар туйахтарын тыаһа иһиллибитэ. Дьэ уонна сэтинньи туманын бүрүммүтүнэн ийэлэрэ бу илэ бэйэтинэн киирэн кэлбитэ. Оҕолор адьас итэҕэйбэккэ, таалан турбуттара. Ийэлэрэ иккиэннэрин кууһан ылан «ньээ, оҕолорум барахсаттар» диэмэхтээбитигэр, оҕолор дьэ итэҕэйэн харахтарыттан уу-хаар баспыта. Илдьэ баралларыгар икки ыйдаах хаалбыт, ытаан бэбээрэр уолчаана суоҕун көрөн, тута туох-ханнык буолбутун өйдөөбүтэ, ис-иһиттэн уйадыйан, оҕолуу марылаччы ытаабыта. Бу тылынан хайдах да сатаан кэпсэммэт ураты түгэни кыыстаах уол улаатан киһи-хара буолан да баран хаһан да умнубаттара. Ол — өр буолан баран киирэн кэлиитин…

Дьэ онон умуллан эрэр оһох уота чачыгыраччы умайбыта, оһох турбатын үөлэһинэн кыым кытыаста уһаарбыта. Дьиэ иһэ сылыйбыта, сырдаабыта, остуолга оройуонтан аймахтара ыыппыт астара-үөллэрэ ууруллубута, саҥа таҥас-сап көрүүтэ-истиитэ саҕаламмыта, чэ быһаччы эттэххэ, өтөрүнэн буолбатах дьоро киэһэ сылаас сыдьаайа барыларын угуттуу кууспута.

Ахсынньы ортото аны туран кырыа кыһыны бүрүммүтүнэн аҕалара барахсан киирэн кэлбитэ, бу — эмиэ туспа үөрүүнү, дьолу түстээбитэ. Уол барахсан аҕатын көрөөт, тыс сутуруолаах атаҕын кууһан иилиллэ түспүтэ. Аҕалара барахсан хата этэҥҥэ кэлбитэ, ыраах айан хаһан баҕарар сэрэхтээх. Оччо ыраах сылдьан ыарыйдыҥ да эйигин арбаҕастаах да быыһаабат буоллаҕа.

Дьону сэниир, атаҕастыыр сэттээх

Киһини сэниир, атаҕастыыр сэттээҕэ-сэмэлээҕэ сотору ырылыччы көстүбүтэ. Ол курдук, сэбиэт бэрэссэдээтэлэ уонна урукку кинээс үйэлэрэ уһаабатаҕа, ити куһаҕаны оҥорбуттарын кэнниттэн сотору анараа дойдулаабыттара.

Иннокентий Александров.

Хаартыска: dreamstime.com

+1
23
+1
1
+1
1
+1
0
+1
2
+1
2
+1
2
Бары сонуннар
Салгыы
25 ноября
  • -19°C
  • Ощущается: -25°Влажность: 78% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: