Бэс ыйын 8 күнүгэр Арассыыйаҕа Социальнай үлэһит күнэ 2000 сылтан бэлиэтэнэр. Арассыыйаҕа кыаммат кырдьаҕастары, ыарыһахтары, быраҕыллыбыт оҕолору көрөр бастакы богадельня Петр I ыраахтааҕы ыйааҕынан, 1701 сыл бэс ыйын 8 күнүгэр тэриллибитэ.
Саха сиригэр былыр-былыргыттан бэйэ-бэйэҕэ көмөлөһүү үтүө үгэһэ баар. Маннык тыйыс усулуобуйаҕа олорон, кырдьаҕаска-кыаммакка көмөлөспөтөххө, уһун уоту оттубаккын. Уопсастыба амарах санааны өрө тутан, кыаммат араҥаҕа көмөлөһөр эрэ буоллаҕына, сайдар. Социальнай сулууспа үлэһиттэрэ өрөспүүбүлүкэ сайдарын туһугар — көлүөнэлэр утумнаһыыларын хааччыйарга, дьиэ кэргэн сыаннастарын тарҕатыыга, норуот чөл туруктаах буоларыгар күннэтэ бэйэлэрин кылааттарын киллэрэ сылдьаллар.
Саха сиригэр бу эйгэҕэ 4 тыһыынчаттан тахса киһи үлэлиир. Социальнай үлэһит — бу бэйэтин олоҕун атын дьоҥҥо көмөлөһөргө, уопсастыба олоҕун тупсарарга анаабыт киһи буолар. Кырдьаҕастарга, инбэлииттэргэ көмөлөһөргө Өрөспүүбүлүкэтээҕи социальнай хааччыйыы кэлим киинэ үлэлиир. Бу киин 200 кэриҥэ социальнай үлэһиттээх.
2023 сылга социальнай хааччыйыы сулууспатын көмөтүнэн 3821 киһи туһаммыта. Ол курдук, социальнай үлэһиттэр барыта 1 мөлүйүөн кэриҥэ өҥөнү оҥорбуттара, ол иһигэр, дьиэҕэ баран көмөлөһүүгэ — 300 тыһыынчаттан тахса өҥөнү, күнүскү стационарга — 400 тыһыынчаттан тахса өҥөнү.
Идэлээх бырааһынньыктарын көрсө Өрөспүү-бүлүкэтээҕи социальнай хааччыйыы кэлим киин дириэктэрэ, СӨ социальнай сулууспатын үтүөлээх үлэһитэ Наталья Пахомованы кытта сэһэргэстибит.
— Наталья Николаевна, үлэҕитигэр саҥаттан саҥа ньымалары булан киллэрэр эбиккит…
— Оннук. “Незабудка” бырайыак 2023 сыл күһүнүттэн үлэлиир. Кэнники кэмҥэ түөһэйии кыһалҕата сытыытык турар. Ордук “ковид” ыарыы кэнниттэн умнуган буолуу, түөһэйии кырдьаҕастарга эрэ буолбакка, орто саастаахтарга эмиэ элбээтэ. Онон кинилэргэ көмөлөһөр сыалтан, маннык бырайыагы толкуйдаабытым. Киин иһинэн анал кэбиниэт баар — манна аҕам саастаах дьоҥҥо арт-терапияҕа, ырыаҕа, өйү-мэйиини эрчийиигэ, хоһоону өйтөн ааҕыыга, о. д.а. дьарыктар ыытыллаллар. Кэбиниэт сэбиэскэй кэм истиилинэн оҥоһуллубут, бу эмиэ мээнэҕэ буолбатах, аҕам саастаах дьон уруккуларын-хойуккуларын өйдүүллэригэр, бэйэлэрин холкутук сананалларыгар аналлаах. Кырдьар сааска тиийии — дьол. Оттон кырдьар сааска чэмэлкэй өйдөөх, чөл туруктаах, тэтиэнэх сылдьыы, кэмсиммэккэ-хомойбокко, хас биирдии күнтэн дуоһуйуу — улахан дьол буолар, манныкка киһи эрэ барыта тиийбэт. Оннук турукка тиийэргэ дьулуһуохтаахпыт уонна аҕам саастаах дьоммутугар көмөлөһүөхтээхпит.
Уопсастыба аҕам саастаах дьоҥҥо түөһэйии кыһалҕата баарын билэригэр, өйдүүрүгэр уонна амарахтык сыһыаннаһарыгар туһулаан үлэлиибит. Маны тэҥэ, “Эрчим” күнүскү стационарга хаамалларыгар-хамсаналларыгар, өйгө туталларыгар кэһиллиилээх аҕам саастаах дьоҥҥо, инбэлииттэргэ социальнай реабилитация уонна уйулҕа өттүнэн көмө оҥоһуллар. Бу манна бастаан когнитивнай кэһиллии (өйгө тутар, өйдүүр-саныыр дьоҕур) баарын-суоҕун быһаарар диагностика ыытыллар. Ол кэнниттэн психолог үлэлиир, араас чэбдигирдэр, чөлгө түһэрэр, үөрэтэр, сайыннарар, социокултуурунай дьарыктар ыытыллаллар.
Ол түмүгэр, кэтээн көрдөххө, деменциялаах киһи дьиэ кэргэнэ, кини бэйэтэ да бу кыһалҕаны өйдүүр, ылынар буолаллар, сыһыаннара тупсар. “Эрчим” күнүскү стационарга былырыын 285 киһи дьарыктаммыта. Ментальнай кэһиллиилээх инбэлииттэргэ “Тренировочная квартира” диэн саҥа хайысха 2022 сылтан үлэлиир. Манна 101 киһи хабыллыбыта. Бу бэйэлэрин кыайан хааччынан олорор кыаҕа суох дьоҥҥо көмөлөһөр бырайыак. Кинилэр дьонноруттан туспа баран, анал кыбартыыраҕа олорон, хомунан, астанан, таҥастарын суунан, сорохтор үлэлээн, бэйэлэрин бэйэлэрэ көрүнэ үөрэнэллэригэр көмөлөһөр соруктаах.
Онно туһуламмыт араас маастар-кылаастар, идэҕэ туһаайар, дьоҕурдарын арыйар, спортивнай, чэбдигирдэр, үөрэтэр дьарыктар ыытыллаллар. “Алмаасэргиэнбаан” ыыппыт гранын сүүйэммит, кинилэр Владивосток куоракка айаннаабыттара олохторугар умнуллубат түгэн буолбута саарбаҕа суох.
— Дьону дьиэҕэ тиийэн көрүү-истии үлэтэ хайдах ыытылларый?
— Кэнники үс сылга уһун кэмҥэ көрүү-истии систиэмэтэ көдьүүстээҕин көрдөрдө. 2023 сылга идэтийбит патронажнай үлэһиттэр 26 киһини дьиэтигэр тиийэн, көрбүттэрэ-истибиттэрэ.
Дьиэҕэ тиийэн көмөлөһөр социальнай хааччыйыы отделениета быстах кэмҥэ (6 ыйга диэри), эбэтэр, бастайааннай көмөнү оҥорор. Социальнай, мэдиссиинискэй, психологическай, консультативнай, култуурунай-аралдьытар, о. д.а. өҥөлөрү оҥорор. Бастатан туран, кырдьаҕас дьоҥҥо олоххо-дьаһахха көмөлөрө улахан. Дьиэлэрин-уоттарын, таҥастарын сууйан, бородуукта, эмп атыылаһан, докумуоннарын оҥорторон, поликлиникаҕа арыаллаан, о. д.а. үлэни толорор. Биир социальнай үлэһит 8–12 киһини көрөр-истэр.
Биһиэхэ “Көрүү-истии оскуолата” (“Школа ухода”) диэн социальнай хааччыйыы инновационнай көрүҥэ ситиһиилээхтик үлэлиир. Бу кыайан хамсаммат, сытар дьону көрүү-истии үөрүйэхтэригэр, ньымаларыгар үөрэтэр оскуола. Сүрүннээн чугас аймахтарын үөрэтэбит. Былырыын 105 дьарык ыытыллыбыта, 157 киһи (ол иһигэр, аймахтарыттан 88 киһи, 35 баҕа өттүнэн үөрэммит дьон уонна социальнай үлэһиттэр) үөрэммитэ. Бу эмиэ олус наадалаах хайысха буолар.
— Ускул-тэскил сылдьар дьоҥҥо көмөлөһөр “Тирэх” социальнай адаптация дьиэтэ эмиэ эһиги кииҥҥит иһинэн үлэлиир эбит дии?
— Бу маннык дьоҥҥо көмө эмиэ наада. “Тирэх” стационар 80 куойка-миэстэлээх. Былырыын медвытрезвитель 10 куойката аһыллыбыта. 2023 сылга “Тирэх” өҥөтүнэн 2300 киһи туһаммыта, барыта 43 тыһыынча социальнай өҥө оҥоһуллубута. Сүүстэн тахса киһиэхэ үлэ булалларыгар көмөлөспүттэрэ. Дьиэтэ-уота суох уонна хаайыыттан босхоломмут дьон кэлэн, быстах кэмҥэ олорон, үчүгэйдик аһаан-сиэн, суунан-тараанан, эмтэнэн бараллар. Докумуоннарын оҥортороллоругар, үлэ булалларыгар көмө оҥоһуллар. Биһиги үлэбит нэһилиэнньэ кыаммат араҥатын өйүүргэ, дьиэ кэргэҥҥэ өйдөспөт буолуу аҕыйыырыгар, социальнай кыһалҕалары туоратыыга туһуланар. Социальнай үлэһит үлэтэ идэтин толору баһылыыры эрэ ирдээбэт, кини олоҕу, дьону таптыыр, ытыктыыр, ис сүрэҕиттэн көмөлөһөр баҕалаах, үлэтигэр бэриниилээх буолуохтаах.
Сэтинньи 22 күнүгэр Дьокуускай куоракка биир дойдулаахпыт, киэн туттар киһибит, Саха Өрөспүүбүлүкэтин өрөгөйүн ырыатын хос…
Сэтинньи 23 күнүгэр Усуйаанатааҕы ЕДДС Уйаандьы сэлиэнньэтин баһылыгын солбуйааччытыттан икки киһи сүппүтүн туһунан суһал иһитиннэрии…
Аммалар күндү күтүөттэрэ, Бөтүҥ нэһилиэгин олохтооҕо, тимир ууһа Георгий Олесов-Дьулус Уус сөбүлүүр дьарыга киниэхэ аҕатын…
Сэтинньи 19-23 күннэригэр Москваҕа П.И.Чайковскай аатынан консерваторияҕа эдэр пианистарга норуоттар икки ардыларынааҕы II куонкурус үрдүк…
Соторутааҕыта «Айар Кут сойуус» уонна Нам улууһун «Отуу уота» суруйааччыларын, хоһоонньуттарын түмсүүлэрин чилиэнэ, үлэ бэтэрээнэ…
Былыр-былыргыттан сахалар оҕо төрөөн киһи-хара буолуор диэри оҕолорун олохторун ырыҥалыыллара. Саастарын ситтилэр даҕаны ыал оҥортуурга…