Олоҕу хайдах баарынан хоһуйар Сыралыма
Хомоҕой хоһооннорунан үгүс дьон сэҥээриитин ылбыт Кырыкый нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, «Чэчир» айар түмсүү чилиэнэ Альбина Егоровна Филиппова-Сыралыма Үөһээ Бүлүү Балаҕаннааҕар күн сирин көрбүтэ.
Оонньоон ааспыт оҕо сааһа, таптыыр нарын эдэр сааһа Кырыкыйга ааспыта. Билигин Бүлүү куоратыгар ыал буолан быр-бааччы олорор. Элбэх оҕо, сиэн амарах ийэтэ, эйэҕэс эбэтэ.
2004 сылтан хоһооннорго ылсан, күүскэ суруйан барбыта. Ордук көрдөөх хоһооннору, олох туһунан уот харахха, туох баарынан суруйарын сөбүлүүр.
Маҥнайгы хоһоонноро Үөһээ Бүлүү улуустааҕы хаһыатыгар бэчээттэммиттэрэ. Онтон сиэттэрэн Бүлүү улууһун «Олох суола» хаһыатыгар, кэлин «Кыымҥа», «Күрүлгэн’ сурунаалга айымньылара бэчээттэнэн барбыттара. Бүгүн «Саха сирэ» хаһыат саайтыгар анаан-минээн таһаарабыт.
Аан маҥнайгы «Таптаа, ылын олоххун» хоһооннорун хомуурунньугун 2015 сыллаахха үрдүк үөрэххэ бииргэ үөрэммиттэрэ таһаартарбыттара. 2022 сыллаахха «Олоҕу кэпсиибин», «Олох диэн кэрэ эбээт!» икки хомуурунньуга күн сирин көрөн, ахсаана суох ааҕааччыларыгар улахан бэлэҕи ууммута.
Сыралыма Альбина хоһоонноро кинигэ буолан бэчээттэммиттэригэр, ырыа буолан ылламмыттарыгар көмөлөспүт доҕотторугар, дьүөгэлэригэр, аймахтарыгар өрүү махтанар, дьылҕата, олорон кэлбит олоҕун суолугар, кинилэри көрсүһүннэрбититтэн олус үөрэр.
Соторутааҕыта О.Д. Фёдорова аатынан Үөһээ Бүлүүтээҕи киин модельнай бибилэтиэкэҕэ кинигэлэрин сүрэхтэниитэ бэрт сэргэхтик ааста.
Айар үлэ үөһүгэр сылдьар Сыралыма Альбина, хомоҕой тыллаах хоһоонньут, уот харахха ойуулаан тиһэр айымньыларын өссө да ааҕыахпыт, кини дьээбэлээх хоһоонноруттан «быара суох» күлсүөхпүт турдаҕа.
ххх
Тапталтан «эмтэнии»
Таня дьүөгэм модьуйан,
Тохтообокко эрийэн,
Таптал көрдүүр санаалаах,
Туура булар ыралаах
Суорумньуга тэринним,
Сатыырбынан симэнним:
Тутум аһым үрдүнэн
Түүтэх барыык ууруннум…
Тыыммат харсыат тардынан,
Тостуох курдук бииллэнним,
Тото борулуон симинэн,
Томтоҕоркоон түөстэнним,
Тохтор буудара куттунан,
Туос ньыламан ньуурдаанным.
Бамааданан соттунан,
Биллэр кыһыл уостанным,
Тонаалканан бистинэн
Тэтэгэркээн имнэнним.
Хаача кыыстан уларсан,
Хаарыс солко иилинним.
Хобулукка тирэнэн,
Хаадьаҥалаан да ыллым,
Элбэх соҕустук эрчиллэн,
Эрэллээхтик үктэнним.
Симэниибин ситэрэн,
Сиэркилэҕэ көрүннүм,
«Талба кыыс буолбуппун»- дэнэн,
Туох да наһаа астынным…
Тиэрэ-маары үктэнэрбин,
Тэмтээкэйдээн да ылларбын
Тиийдим дии, хата, этэҥҥэ
Талаһыылаах тэрээһиҥҥэ…
Төбө дөйүөх сүр тыаһыттан
Талбаарыйа быһыытыйан,
Тохтуу түһэн, сынньанардыы
Туора турар дьыбааҥҥа Тохтообокко дьулуруйдум,
Тиийэн, оннубун булуннум.
Дөйүөрбүтүм дьайҕарыыта,
Төбө арыый сайҕаныыта
Тула өйдөөн, көрүммүтүм,
Төгүрүйэ кыҥаабытым:
Маадьаҕар,алаа,тараҕай
Мустубут эбит дэлэгэй.
Тыыппалаах киһи көстүбэт-
Төрүкү сыта биллибэт…
…Тыаһа суох аан арылынна,
Таптал илэ киирэн кэллэ:
Сүүстэ ырабар оҥорбутум,
Сүрэх саатала гыммытым,
Ымсыырда,бэртэх халыйда,
Ыкса аттыбар олордо…
Чэчэгэйим кэйиэлээтэ,
Сүрэх тахсыах эккирээтэ…
Харах арахпат таптыыртан,
Хамсаныытын хайгыырыттан…
…Хайаа!…Киһим туран кэллэ.
Хата, миэхэ хардыылаата,
Үҥкүүгэ анаан ыҥырда,
Үтүөмсүйэ тоҥхох гынна.
Үөрүүм үс төгүл үрдээтэ,
Үөһэ көтүөх кынаттаата:
Кыайан ыпсыбат уостанным,
Күлүм
сыдьаай харахтанным,
Ойон турдум сонно тута,
Олус диэн үөрэ, долгуйа.
«Куотан хаалыа» диэбит курдук,
Кууһан ыллым кытаанахтык.
Бухатыырдыы Уола Хааным,
Баҕалаах Хоһуун Хотойум
Күөйэ туппут илиититтэн,
Киппэ этин сылааһыттан
Харыыта суох мин долгуйдум,
Хамсаабат да туруктанным,
Хааным сүрэххэ бөлүөхтэ,
Хорук тымыр кэйиэлээтэ.
Харсыат быата «ынчыктаата»-
Хара көлөһүн саккыраата.
Хаан-сиин алыс ыгылынна-
Хайдыах сибики билиннэ…
…Хайаа!…Харсыат тулуйбатаа!…
«Хаар-кыыр» тыас «сатараата»:
Халыан сыабыт халыс гынна,
Хаайыытыттан босхолонно,
Халҕаһалыы көҥү аста,
Халыһыйа дьалкыҥнаата…
Итии чоҕу таарыйбыттыы,
Иннэ дөлө аспыттыныы,
Кууспут илиилэр соһуйан,
Куота ойдулар, уолуйан.
Көмүскэлэр кэҥээтилэр,
Кытах саҕа улааттылар,
Хаһаайыннара иэдэйдэ,
Ханарыйа тэмтэрийдэ…
Харсыаты иһирдьэ симэр,
Хайдыбыты самыы тутар,
Хараастыылаах быһылааҥҥа,
Хатыһыылаах хапсыһыыга
Хаттык боролуон кыырайда,
Хара суордуу көтө турда,
Хабалыарга кэтилиннэ,
Харахалана хам хатанна:
Хара баттаҕын хайҕаата-
Хонуктуурдуу чөкө сытта.
Хабалыар алыс ыксаата,
Хаҥас-уҥа садьыйтаата…
…Хайдыбыт хаарыс таҥастаах,
Хара боролуон «хортуустаах»
Хос ортотугар турабыт-
Харах «үөрэр» бааратабыт:
Күлсүү киэнэ кытаанаҕа,
Көстүү киэнэ сүр сааттааҕа…
«Таптал» эрэ,аҥар эрэ…
Таһырдьа куотуу толкуйа…
…Хобулук дьаарай ,дьэ, буолла,
Хайаҕаһы аны булла!…
Хобулугу тардыһарга,
Хабытыйдаах хамсаныыга,
Хара сордоох барыык түстэ,
Хардыылыыры харгыстаата…
Күлсүү өссө сэтэрээтэ,
Кулууп кытта дьигиҥнээтэ…
Хобулугу туура тэбээт,
Халтан соммун хабан ылаат,
Таһырдьаны мин былдьастым,
Тас ааннарын тэбэн астым.
Торҕон кыылтан тэскилиирдии,
Тыыммын күрэтэн эрэрдии
Туох баарбынан түһүөлээтим,
Тохтообокко бырдааттаатым.
Киҥмэр ыппын охсон аастым,
Киирээт, ааммын «лип» хатаатым,
Кууһан ыллым сыттыкчааммын-
Куруук өйүүр биэбэйчээммин.
Соҕотохпун туһанаммын,
Санаан кэлэ,оргуйаммын,
Бүтүн биир чаас маккыраатым,
Бэркиһээн,син түксүлээтим…
Таптал көрдөөн онон бүттүм,
Төлөрүйбэттии «эмтэттим».
ххх
Күн махталым!…
Талбатаҕым доҕоттору
Тас көрүҥэ үтүөлэри:
Таҥастара талыылары,
Тыла-өһө «маанылары».
Талбатаҕым дьүөгэлэри
Талбалары,кэрэлэри,
Таба тэҥэ нарыннары,
Тото «чыычый» хотуттары.
Ордорбутум хоһууннары:
Орто баайыы хоодуот дьону,
Оттуун-мастыын тусталлары,
Булду өрө туталлары.
Хайҕаабытым көнөлөрү:
Халбаҥнаабат тыллаахтары,
Эр киһилии эркин тэҥэ
Эрэллээх чиҥ саннылары.
Кыһалҕаҕар куота сүүрбэт,
Куттал кэмҥэ саһан хаалбат
Дьиҥнээх үтүө доҕоттору,
Дьикти мындыр дьүөгэлэри.
Кинилэрдиин көп ытастым,
Кинилэрдиин көп ылластым-
Кинилэрдиин суолбун туттум…
Кинилэргэ-күн махталым!
Индиана ФЕОФАНОВА
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: