«Олоҕу үөрүүнэн ылыныы» — 100 саастаах бэтэрээҥҥэ ананна (видео)

«Олоҕу үөрүүнэн ылыныы» — 100 саастаах бэтэрээҥҥэ ананна (видео)

08.05.2024, 18:02
Хаартыска: В.Александров архыыбыттан
Бөлөххө киир:

Соторутааҕыта  Дьокуускай куоракка “Смарт” бибилэтиэкэҕэ “Олоҕу үөрүүнэн ылыныы» диэн кинигэ сүрэхтэниитэ буолла. Саҥа таһаарыы Саха АССР оскуолаларын үтүөлээх учуутала, ССРС  үөрэҕириитин туйгуна, Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа, Сунтаар оройуонун Кутана оскуолатыгар үйэ чиэппэрэ дириэктэрдээбит, олоҕун үүнэр көлүөнэни иитиигэ анаабыт нэһилиэк бочуоттаах олохтооҕо Василий Александров дьоһун олоҕор ананар.

Манна даҕатан эттэххэ, Василий Ефремович   85 сааһыгар кинигэ тахсыбыта. Онон саҥа кинигэҕэ   эбии матырыйааллар хомуллан киллэрилиннилэр уонна кини төрөөбүтэ 100 сылыгар ананна.  Күн сирин көрбүт  кинигэҕэ матырыйааллары бэтэрээн кыргыттара Нина Семенова, Александра Александрова хомуйдулар. Кинигэ эрэдээктэрэ Василий Ефремович биир дойдулааҕа,  СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ,  Суруналыыстыка салаатыгар  Судаарыстыбаннай  бириэмийэ лауреата Милан Матвеевич Афанасьев Киирии тылын бэрт дьоһуннаахтык суруйбут.

Сүрэхтэниигэ  Василий Ефремович дойдутуттан Сунтаар улууһун  Кутанатыттан  уонна Дьокуускай куораттан үөрэппит оҕолоро, биир идэлээхтэрэ, биир дойдулаахтара, оҕолоро,  сиэннэрэ, аймах билэ дьоно  кэлбиттэр.

Улахан экраҥҥа Василий Александровка  анаммыт “Мэтээлгин кэт, бэтэрээн” ырыа килиибэ (Николай Федоров тыллара, Фатина Иванова мелодията) көстүбүтүгэр уонна Фатина Иванова бэйэтэ ыллаабытыгар ытыктыыр киһибит субу аттыбытыгар баарын курдук долгуйан, тэҥҥэ ыллаһа олордубут.

Көрсүһүүнү куоракка олорор кыыһа Нина Семенова сэргэхтик иилээн-саҕалаан ыытта. Милан Афанасьев кинигэҕэ хайдах үлэлээбиттэрин, урукку кинигэттэн уратытын, эбии ханнык матырыйааллар киирбиттэрин, Василий Ефремовиһы киһи быһыытынан арыйыыга тугу сэҥээрбитин, туох итэҕэстэр-быһаҕастар баалларын ымпыктаан-чымпыктаан ырытта.

Нина Васильевна аҕатын үгүс үтүө хаачыстыбаларыттан кини наар үөрэ-көтө сылдьарын, ыарахаттар баар да буоллахтарына, ону чэпчэкитик аһарынарга үөрэппитин, туруоруммут сыалын-соругун хайаан да ситиһэн төннөрүн, дьоҥҥо үчүгэй хаачыстыбаларын эрэ көрөрүн, биир тылынан эттэххэ,  олоҕу үөрүүнэн ылынарын ахтан-санаан ааста.

Кинигэ сүрэхтэниитигэр тыл эппит дьон бары биир дойдулаахтарын, ытыктыыр-убаастыыр учууталларын,  оскуолаларын дириэктэрин  үтүө тылларынан ахтан-санаан уонна  биир дойдулаахтарын көрсөн ирэ-хоро кэпсэтэн тарҕастылар.

БЫҺААРЫЫ

Василий Ефремович 1942 с. Сунтаар улууһун Сиэйэ сэттэ кылаастаах оскуолатын бүтэрбитэ. Ити сыл Бүлүүтээҕи педагогическай училищеҕа үөрэнэ киирэн баран, 1944 сыллаахха Сэбиэскэй аармыйаҕа ыҥырыллыбыта. 1945 с. Япония империалистарын урусхаллааһыҥҥа кыттыбыта, 1947 с. дойдутугар эргиллибитэ.

х х х

“Олоҕу үөрүүнэн ылыныы” саҥа кинигэттэн Аҕа дойду Улуу сэриитин бэтэрээнэ Василий Александров ахтыыларыттан Япония империалистарын урусхаллааһыҥҥа кыттыытыттан кылгас кэрчиги билиһиннэрэбит.

“Тиихэй акыйааҥҥа тиийбитим”

“… Кыһыл Знамялаах 25-с механизированнай туспа биригээдэ 3-с батальонун пулеметнай ротатын иккис взводугар түбэһэн, Бүлүү уолаттарыныын сулууспалаабытым. Станковай пулеметчик идэтин ылбытым.

Биир түүн, 1945 с. атырдьах ыйын саҥатыгар бойобуой тревоганан туруоран сылтан ордук олорбут куораппытыттан истиэптээх, кумах куйаардаах сиргэ таһаарбыттара. Командирдарбыт япон аармыйата хайдаҕын, хотугу кытай нэһилиэнньэтэ хайдах олорорун, абыычайдарын, онтон да атыттар тустарынан кэпсииллэрэ, үөрэтэллэрэ.  Бойобуой усулуобуйаҕа сөп түбэһэн үөрэтиилэр, тактическай занятиелар буолуталаабыттара.

1945 сыл от ыйын бүтүүтэ байыаннай тревога биллэрдилэр. 25-с биригээдэ бүтүннүү олохсуйбут сирбититтэн тахсан, кумах куйаар, истиэп аҥаардаах сиргэ тиийэн олохсуйдубут. Японияны кытары сэриилэһэр буоллубут диэн командирдарбыт өссө кичэйэн үөрэттилэр. Биһиги биригээдэбит советскай-монгольскай сэриилэр  бөлөхтөрүгэр  киирсэр буолбут. Бөлөх командующайа Стветскай Союз Геройа, генерал-полковник   Исса Александрович Плиев  Забайкальскай фронт састаабыгар киирсэн, атырдьах ыйын 9 күнүгэр Япония сэриилэрин  утары кимэн киириини саҕалаабыта.

Бары байыаннай чаастарга, батальоннарга, роталарга миитиннэр буолуталаабыттара. Улахан соруктары туруортаабыттара. Биһиги иннибитигэр Жэхэ куоратынан ааһар тимир суолу ылыы соруга турбута итиэннэ Квантунскай  аармыйаны Маньчжурияттан  таһаарбат курдук дьаһаныахтаах этибит.

Биһиги сэриилэрбит танковай, механизированнай чаастарбыт Монголия кыраныыссатын туораан, өстөөхтөр кыра бөлөхтөрүн урусхаллаан, Кытай сиригэр киирбиттэрэ.  Уута, ойуура суох истиэби туораан, Долоннор куораты босхолообуппут. Өстөөхтөр чугуйалларыгар холуодьастары дьааттаталаан, сытыйбыт харамайдары симитэлээн, сэриилэр ааһар суолларын алдьаталаан, мэһэй бөҕөнү оҥорбуттара да, биһиги сэриилэрбит улахан эрэйинэн  иннилэрин диэки дьулуспуттара.

Хинган хайатын туораабыттара. Жэхэ куораты өстөөхтөн босхолообуттара. Монголияттан бу сэриигэ түөрт кавалерийскай  дивизия, биир танковай биригээдэ кыттыбыттара. Командование биэрбит сорудаҕа толоруллубута. Биһиги биригээдэбитигэр Советскай Союз Верховнай кылаабынай командующайа И.В.Сталин бирикээһинэн Хинганскай диэн  аат иҥэриллибитэ. Сэрииһиттэргэ махтал биллэриллибитэ, орденнарынан, «Японияны кыайыы иһин» мэтээллэринэн наҕараадалаабыттара.

Япония балаҕан ыйын 2 күнүгэр бэриммитэ.  Сарсыныгар, балаҕан ыйын 3 күнүгэр, Японияны кыайыы күнэ биллэриллибитэ. Онон алта сыл устата барбыт сэриини Тиихэй акыйаан биэрэктэоригэр  тиийэн түмүктэспиппит”.

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
22 декабря
  • -34°C
  • Ощущается: -34°Влажность: 68% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: