Салгыы
Олоҕун операҕа анаабыта

Олоҕун операҕа анаабыта

01.10.2023, 13:00
Хаартыска: суруйуу дьоруойун дьиэтээҕи архыыбыттан
Бөлөххө киир:

Быйыл СӨ үтүөлээх артыыһа, Сунтаар улууһун бастакы идэтийбит опернай ырыаһыта Илья Кириллович Иевлев төрөөбүтэ 75 сылын туолла. Кини оҕолоро аҕаларын туйаҕын хатаран, муусука кэрэ эйгэтигэр үлэлии-хамсыы сылдьаллара кэрэхсэбиллээх. Илья Кириллович муусука-тыйаатыр ускуустубатын сайдыытыгар, мелодистар, композитордар айар үлэлэригэр көмөлөспүт үгүс өҥөлөөх.

Хаартыска: Дьиэтээҕи архыыптарыттан.

Ылдьаа 1948 сыллаахха Сунтаар улууһун Куокунутугар төрөөбүтэ. Сэрии кэннинээҕи аас-туор сылларга тулаа­йах хаалан, Тойбохойдооҕу оҕо дьиэтигэр улааппыта. Кыра эрдэҕиттэн ыллыыра, айылҕаттан айдарыллыбыт талааннааҕа биллибитэ. Онон М.П. Мусоргскай аатынан Ураллааҕы консерваторияҕа киирбитэ уонна 1973 сыл­­лаахха ситиһиилээхтик бүтэрбитэ. Кини онно аатырбыт Иван Степановтыын, эбээннэртэн бастакы опера ырыаһыта Семен Дьяконовтыын бииргэ үөрэммиттэрэ.

Илья Кириллович опера солиһын быһыытынан 30 сыл устата тыйаатырга су­лууспалаабыта. 20-тэн тахса опера баартыйаларын толор­бута. Ол курдук, Эбн Ха­киа («Иоланта», П.И. Чай­-
ков­скай), Бэргэн («Биhик ырыата» З.Степанов), Сват («Русалка» А.Даргомыжскай), Щел­калов («Борис Годунов» М. Мусоргскай), Данкайро («Кармен» Ж.Бизе), Айыы Дьу­ра­ҕастай, Түөнэ Моҕол («Ньургун Боотур», М.Жирков, Г.Ли­тинскэй), о.д.а. испэктээк­тэргэ бэрт интэриэһинэй, өйдөнөн хаалар оруоллары толорбута.

1977 сыллаахха Бүтүн Сойуустааҕы патриотическай испэктээктэри көрүүгэ III истиэ­пэннээх дьупулуомунан наҕараадаламмыта.

"Евгений Онегин" испэктээкилгэ.Хаартыска: Дьиэтээҕи архыыптарыттан.

“Сочи-80” куонкуруска кыайбыт квартет

Сүрүн үлэтин таһынан “Эҥсиэли” ансаамбылга ыллыыра, тэрийэр-сала­йар уонна үөрэтэр үлэҕэ сыратын уурара. “Эҥсиэли” квартекка биллэр-көстөр ырыаһыттар Семен Оконешников, Илья Иевлев, Семен Дьяконов, виртуоз-баянист Сергей Попов буолан ыллыыллара. Илья Кириллович ансаамбыл сала­йааччытын быһыытынан, улуус­тарга гостуруоллары тэрийэрэ.

Эр дьон квартета бэ­­йэтин кэмигэр сүрдээҕин аатыра сылдьыбыта. “Якутск-79” өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкуруска лауреат аатын ылбыттара. “Сочи-80” Бүтүн Сойуустааҕы сэбиэскэй ырыа куонкуруһугар дипломант буолбуттара.

Хаартыска: "Иоланта" испэктээкилгэ Матвей Лобановтыын

Салайар, тэрийэр үлэҕэ

Илья Кириллович сыанаҕа ыллыырын таһынан, 1991–1994 сылларга Опера, балет тыйаатырын дириэктэрин гостуруолу, кэнсиэри тэрийэр үлэҕэ солбуйааччынан, 1998–2003 сылларга режиссердар управление­ларын сэбиэдиссэйинэн үлэлээбитэ. Элбэх муусука быра­йыактарыгар продюсердаабыта, улуустарга элбэх гостуруоллары, кэнсиэртэри, тыйаатыр, култуура күннэрин тэрийсибитэ.

1994–1997 сылларга “Саха” көрдөрөр-иһитиннэрэр хампаан­ньа холбоһук­таах салаа­тын дириэктэринэн үлэлээбитэ. Бу салаа симфо­ничес­кай аркыастыры уонна хампаан­ньа хуорун бииргэ түмэр этэ.

20 сыл устата Илья Кирил­лович Дьокуускайдааҕы 2-с №-дээх педагогическай училищеҕа устудьуоннары үөрэппитэ. Онно музыкальнай салаа сэбиэдиссэйэ Владимир Жирковтуун фольклорнай кылааһы тэрийэн, икки кылааһы таһаарбыттара.

Дьэ, бу үтүмэн үлэни үмүрүтэн, айар үлэтин да умнубакка, Илья Иевлев чаҕылхай олоҕу олорон ааспыта. Киниэхэ СӨ үтүөлээх артыыһа, култуура туйгуна, “Тойбохойдооҕу оҕо дьиэтин Бочуоттаах иитиллээччитэ”, Тойбохой, Куокуну нэһилиэктэрин, Сунтаар улууһун Бочуоттаах олохтооҕо ааттары иҥэрбиттэрэ.

Уола Александры, кийиитэ Лиляны, кыыһа Элизабеты кыттаХаартыска: Дьиэтээҕи архыыптарыттан.

Аҕаларын туйаҕын хатаран

Кини кыргыттара Элизабет уонна Александра эмиэ ырыаһыттар, тыйаатыр хуорун артыыстара, улахан кыыһа Ирина – “Сахабулт” иистэнньэҥэ. Уола Александр аҕатын туйаҕын хатаран, муусука, тыйаатыр эйгэтигэр үлэ­лиир. Кини Казань куоракка олорор, Татарстан култууратын үтүөлээх үлэһитэ.

Александр Иевлев – оҕо компо­зитора, продюсер, «Дорога звезд» эстраднай устуудьуйа дириэктэрэ, Бүтүн Арассыыйатааҕы «Нотная симфония», «Ансамблея» бэстибээллэри тэрийээччи. Кини оҕолорго анаан сүүстэн тахса ырыаны суруйбута, биэс диискэни таһаар­быта. Ырыалара “Детское Евровидение”, “Славянский базар”, “Дельфийские игры” курдук аан дойдуга биллэр улахан куонкурустарга, бэстибээллэргэ ылланаллар. Иитиллээччилэрэ бу куонкурус­тарга миэстэлэһэллэр, кыайаллар.

Кыргыттара Элизабет уонна АлександраХаартыска: Дьиэтээҕи архыыптарыттан.

Кыыһа Александра бу курдук ахтар:

– Саамай үчүгэй кэргэн, аҕа, эһээ диэн кини этэ. Биһигини кытта тэҥҥэ сырсар, оонньуур, сарсыардааҥҥы аһылыкпытын бэлэмниир, бэл, баттахпытын өрөр этэ. Хаһан да кыыһырбат, үөрэ-көтө сылдьар, бэһиэлэй, аламаҕай майгылааҕа. Төһө да элбэх үлэлээх, солото суох буол­лар, дьиэ кэргэнигэр бириэмэ хайаан да булара.

Ийэбит гаас операторынан хоно сылдьан үлэ­лиир буолан, биһигини аҕабыт көрөн хаалара. Кыра эрдэхпититтэн тыйаа­тыр эйгэтигэр ­улааппыппыт. Дьиэбитигэр бары ыллыыллара, ол иһин бэйэбин өйдүөхпүттэн ыллыыбын, бүччүм сиргэ киирдим да, ырыанньыгы ылан, хомсо­муол ырыаларын тардан кэбиһэрим. Төрөппүттэрим миигин юрист дуу, миэдик дуу буоларбын баҕараллара, муусука ос­­куолатыгар биэрбэтэхтэрэ. Ол да буоллар, мин мусукаалынай училищеҕа киирбитим.

Аҕабыт Свердловскайга үөрэнэ сылдьан кэргэннэммит, уол оҕоломмут эбит. Кэргэнэ Саха сиригэр кэ­­лиэн баҕарбатах. Арахсан баран, ийэбитин кытта холбоспуттар. Ийэм кыыстаах эбит, ол кэнниттэн Элизабет биһикки төрөөбүппүт. Убайбытын кытта ыкса алтыһабыт, билсэбит. Эдьиийбин кытта тыйаатыр хуоругар 20-тэн тахса сыл үлэлээтибит. Элизабет СӨ култууратын туйгуна, 2 оҕолоох. Мин эмиэ 2 оҕолоохпун. Билигин ийэбит Надежда Ионовна миигин кытта олорор.

Хаартыска: Дьиэтээҕи архыыптарыттан.

Аҕабыт барахсан 2011 сыллаахха күн сириттэн күрэммитэ. Билигин да итэҕэйбэт курдукпун. Сыл аайы олунньуга, төрөөбүт күнүгэр тыйаатыр кини кэриэһигэр испэктээктэри туруорар. Сунтаарга аҕабыт төрөөбүтэ 70 сылыгар кэнсиэр тэрийбиппит. Былырыын сайын Куокунуга Илья Иевлев кэриэһигэр ыһыах буолбута. Кини ырыаларынан куонкурус тэриллибитэ.

Илья Кириллович сиэннэрин көрөр, бүөбэйдиир дьолу билэн барбыта. Быйыл Казаньҥа кини хос сиэнэ төрөөтө. Дьиҥнээх дьол, сирдээҕи аналы толоруу диэн бу буоллаҕа, олоххун анаабыт дьыалаҕын оҕолоруҥ салгыыллара, ааккын ааттата сылдьаллара…

Хаартыска: Дьиэтээҕи архыыптарыттан.

“Оҕо сааспыт умнуллубат өйдөбүлэ”

Сиэнэ Надя маннык ахтар:

– Хас сайын аайы сиэннэр бары даачаҕа сайылыырбыт. Даача биһиэхэ кириэппэс курдук этэ. Эһээбит тэҥҥэ оонньоһоро, ону тэҥэ үлэлииргэ үөрэтэрэ. Биирдэ хаптаһынан отуу тутан биэрбитэ, отунан бүрүйбүтэ. Биһиги ол “баазаҕа” олорон, бэйэбитин курутуой “спецагеннар” курдук сананарбыт, күнү-дьылы билбэккэ аһарарбыт. Ол оҕо сааспыт биир умнуллубат, кэрэ өйдөбүлэ буолан хаалбыт.

Киэһэ утуйуох иннинэ бары  верандаҕа мустарбыт, эһээбит минньигэстэн минньигэс бутербродтары оҥороро, бэйэтигэр үүттээх чэй куттара. Таптыыр хараҕынан көрө-көрө, күлэ-үөрэ, мичээрдии олороро бу баар курдук…

+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
12 октября
  • -2°C
  • Ощущается: -6°Влажность: 64% Скорость ветра: 3 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: