Олох амтанын сүтэримэҥ

Share

Оҕо эрдэххэ дьаабылыка сыта, мандарин амтана наһаа да минньигэс уонна ураты буолара. Саҥа дьыл үөрүүтүн, ампаартан харыйа киирдэҕинэ, саҥа маскараат тигилиннэҕинэ, билэр буоларбыт. Ити барыта оҕо саастан саҕыллар олоххо үөрүү уонна дьол буоллаҕа. Билигин хайдаҕый? Билиҥҥи оҕону Саҥа дьыл саҕана мандарин дуу, дьаабылыка дуу атыылаһан үөрдүбэккин. Харыйа киэргэтэн, гирлянда чаҕылытан соһуппаккын. Хомойуох иһин, билиҥҥи оҕолор ас амтанын да араарбат курдуктар. Таҥныахха айылаах таҥас, араас дьэрэкээн оонньуурдар, бара сатаан гаджеттар дэлэйдэр. Олоххо интэриэс сүтүүтэ киһи аска, таҥаска уонна тулалыыр эйгэ үөрүүлэригэр кыһаммат буолуутуттан тахсарын биир киэһэ олорон санаан көрөн баран өйдөөбүтүм. Кыра үөрүүлэр дьолу үөскэтэллэрин тоҕо дьон умнарый?

Аччыктааһын киһи дууһатын байытар

Аһары уойбут киһи нэс, бытаан буолар. Бу кини ис уорганнара эрэ буолбакка, ис туруга эмиэ сыанан бүрүллэр эбит. Аһыыр аһын туттуммат киһи сүрэҕэлдьиир. Кини сатыы сылдьыан баҕарбат. Нэһиилэ массыынатыгар тахсан оло­руон  сөп эбэтэр таксыы ыҥырар. Маннык киһи ис эйгэтэ эмиэ ыһыллар. Кини интэриэһэ сымнаҕас сири булан сытыы, олоруу уонна минньигэһи, өссө тугу эрэ, амтаһыйбатах аһын амсайыы буолар. Сыыйа бу интэриэс улаа­тан иһэр. Киһи баҕата туохха да хаммат буолар. Ханнык да үчүгэй таҥаһы кэттин, массыына ыыттын, кинини туох да үөрдүбэт уонна долгуппат буолар эбит. Духуобунай өттүнэн, өй-санаа өттүнэн чөл киһи баайы-дуолу, аһы-үөлү, таска кылабачыйары үрдүктүк туппат диэн бэлиэ­тииллэр Тибет манаахтара. Ол да иһин былыр худуоһунньуктар, улуу суруйааччылар аччык аҥаар­даах сылдьан айар-тутар эбиттэр. Улуу айымньылар кыһалҕаттан, дууһа муунтуйуутуттан, санаарҕабылтан уонна таптал иэйиититтэн үөскүүллэр. Кинилэр аччыктар. Туохтара эрэ тиийбэт. Ол тиийбэти дууһалара, сүрэхтэрэ уонна өйдөрө-санаалара айан таһаарар эбит.

Тапталга интэриэс сүтэр

Аһары “топпут” киһи сырдык иэйиилэри аанньа ахтыбат буолар. Кини дьоҥҥо сыһыана уларыйар. Болҕомто ууран киһилии кэпсэппэт, дьон кыһалҕатыгар санаатын уурбат буолар. Олоххо сыаннас­тара харчынан эрэ кээмэйдэнэр буолар эбит. Духуобунай Золотой Велисий этэринэн, хас биирдии киһи бэйэтин сүрэҕин истиэхтээх эбит. Духуобунас өттүнэн дьадаҥы киһи олоххо буола турар быһыыга-майгыга сөп түбэһиннэрэ сатыыр. Кини дьиҥ ис санаатын тулалыыр дьонтон кистиир, хопко-сипкэ кыттыһар, үөхсүөн, быдьардык саҥарыан сөп. Маннык турук киһи ис эйгэтин алдьатар, киртитэр эбит. Ис эйгэтэ киртийбит киһи үрдүк иэйии­ни өйдөөбөт уонна са­­таан ылыммат буолар. Ол түмүгэр олох сүпсүлгэнигэр үтүрүйтэрэн, күннээҕи олох долгунугар сылдьан олох кэрэ түгэннэрин билбэккэ хаалар. Оттон олох түгэннэртэн уонна кыра үөрүүлэртэн турарын Велисий бэлиэтиир. Тапталга интэриэс сүтүүтэ киһи өйө-сүрэҕэ тубарсыйбытын бэлиэтэ.

Тугу да аанньа ахтыбат буолуу

Саҥа ыал буолбут уол­лаах кыыс кып-кыра хос оҕотун куор­тамнаан олороллор. Кинилэр бу кыракый хосторо истиҥ иэйиинэн уонна тапталынан толору. Кыра да бэлэххэ наһаа үөрэллэр, кыраттан да долгуйаллар. Көннөрү арыылаах килиэптэрэ, эттээх соркуойдара ханнык да эрэс­тэрээн аһынааҕар минньи­гэс. Олох кинилэргэ күндүтү­йэн уонна кэрэтийэн көстөр. Кинилэр сүрүн сыаллара – бэйэ бас билэр дьиэлэниитэ. Бу дьиэ баар буоллаҕына, истиҥ иэйии өссө улаатыах, олохторун хаачыстыбата өссө тупсуох курдук. Кинилэр бэйэлэрэ мунньунан, хара, үрүҥ көлөһүннэрин тоҕон атыыласпыт эбэтэр туттубут дьиэлэрэ туохтааҕар да күндү буолар.

Оттон кыһалҕаны кыра саастарыттан билбэтэх дьон хайдах буоларый? Ыал буолаат бэлэм миэбэллээх дьиэ­ҕэ көһөллөр. Тугу баҕарбыттарын төрөппүттэрэ атыылаһан биэрэ охсоллор. Маннык бэлэмҥэ үөрэммит оҕолор кыра кыһалҕа аайы ар-бур дэ­­һэллэр. Ыараханы сатаан уйбакка, кыраттан да айдаарсыахтарын сөп диэн бэлиэ­тииллэр уйулҕа үлэһиттэрэ. Бэйэ-бэйэҕэ харыс­табыла суох сыһыан, тугу да аахайбат буолуу, тоҥ майгы-сигили үөскүүр.

Биир олохтон холобур

Биир билэр ыалым оҕото  үрдүк үөрэх кыһатыгар киирэн атын куоракка үөрэнэ барбыта. Төрөппүттэрэ үөрэҕин көтүппэтин диэн харыыта суох харчыны ыыта олорбуттар. Бу оҕо аһары атаах­таан баҕарбытын барытын атыылаһа сатаан баран, бүтэр уһугар үөрэҕин быраҕан төннөн кэлбитэ. Эһиилигэр дьоно куоракка үөрэттэрээри, кыбартыыра атыылаһа охсон онно олохтууллар. Бу сылдьан кыыс интэриниэт ситиминэн уоллуун билсэр. Сирэй көрсүбэккэ сылдьан сайын буолбутугар ол уолга атын улууска айанныыр. Олоххо, бэйэтигэр эппиэ­тинэһэ суох быһыы буолбатах дуо? Кини дьолугар, хата тыа боростуой, үлэһит уола буолан биэрэр. Тута сыбаай­ба оҥорон ньиргитэллэр. Олохсуйуох буолбут дэриэбинэлэригэр дьиэ тута охсоллор. Ол эрээри төрөппүттэр барахсаттар үтүөнү оҥоробут диэн төттөрүтүн алдьаталлар эбит. Барыта бэлэмҥэ киһи интэриэ­һэ сүтэр. Хаһаайыстыба тутуутуттан, дьиэ-уот хомуйуутуттан, оҕо көрүүтүттэн сылайдаҕа буолан кыыс күнү быһа кыыһыран кыйгылланар. Арахсыах дьону, хата уол судургу, көнө майгыта өрүү өрүһүйэр.

Өй-санаа өттүнэн дьадаҥы буолууну төрөппүттэр бэйэлэрэ оҥороллор. Ол да иһин муударай дьон этэллэр эбээт, оҕоҕун киһилии иитиэххин баҕарар буоллаххына, киниэхэ элбэх бириэмэҕин анаа уонна онтон уон төгүл кыра харчыны бараа дииллэр.

Олох амтана диэн тугуй?

Олох амтана түгэннэртэн турар. Истиҥ мичээртэн, иһирэх кэпсэтииттэн, сылаас көрүүттэн, итии чэйтэн, сэмэй бэлэхтэн о.д.а. Били кыһыл көмүс балык туһунан А.С. Пушкин остуору­йатыгар баар эмээхсин туохха да хараҕа туолбат буолбута. Муҥур уһугар хайдыбыт харыытатыгар төннөн баран кэмсинэр-суланар. Олоххо эмиэ бу көстүү баар. Ол иһин киһиэхэ кыра сааһыттан дьоҥҥо-сэргэҕэ, доҕордоһууга, чугас дьоҥҥор, малга-салга харыстабыллаах уонна ытыктабыллаах сыһыаҥҥа иитии сүрүн оруолу оонньуур. Оттон саха өһүн хоһооно “Баай бардам, тот дохсун” диэн этии ардыгар эмиэ оруннаах курдук. Бардам буолууну нууччалар гордыня диэн ааттыыллар. Муударай дьон бу кэмэлдьини, бардам буолууну ахсарбаттар. Бардам киһи бэйэтигэр куһаҕаны оҥостор эбит.

Киһи олоҕо наһаа кылгас. Оттон оҕо саас сырдык кэмэ, эдэр саас чаҕыла икки арда биир уон сылынан быысаһар эбээт. Ити кэннэ аҕам саас, онтон кырдьар саас боруога чугастарын киһи сөҕөр… Онон, олох амтанын сүтэримэҥ!

Сүбэлэр

– Киһи нэдиэлэҕэ үстэ сөбүлүүр дьарыгынан дьарыктаныахтаах. Бу чахчы кини дууһатын уоскутар, санаатын кынаттыыр буолуохтаах.

– Нэдиэлэҕэ киһи сөбүлүүр дьонун кытта хайаан да быыс булан көрсүөхтээх. Иһирэх кэпсэтии, санаа атастаһыы күндү.

– Айылҕалыын алтыһыы. Салгыҥҥа сылдьан киһи санаалыын кэҥиир, сирэйдиин-харахтыын сырдыыр. Тымныыны да аахсыбакка, сатыы сылдьарга дьулуһуҥ.

– Сылаас чэй, кофе, итии сакалаат оҥостон иһэр кыһын ордук туһалаах. Киһи дууһатыгар холку уонна бырааһынньык настарыанньата үөскүүр буоллаҕына, бу дьол. Оттон дьол диэн түгэн.

What’s your Reaction?
+1
8
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Өлүүнү кыайбыт улуу саллаат

Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут.  Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри  оҥостор  киһибит …

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Одунуга айрширскай боруодалаах бастакы ньирэй күн сирин көрдө

Горнай улууһун Одуну нэһилиэгэр айрширскай боруодалаах ынах бастакы ньирэйин төрөппүтүн туһунан "Үлэ күүһэ" хаһыат телеграм-ханаала…

4 часа ago
  • Култуура
  • Сонуннар

ОНЛАЙН: Сахалыы киинэлэри босхо көрүҥ

"Сахафильм" киинэ хампаанньата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэ 10 сахалыы киинэни босхо көрдөрөллөр. "Киинэни ааҕабыт!" аахсыйа…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Саха киинэтэ салгыы хайдах сайдыаҕай?

Саха киинэтэ 1990 сылтан силис-мутук тардар. Бу сыл “Северфильм” киинэ устуудьуйата тэриллибитэ, ол 1992 сыллаахха…

5 часов ago
  • Сонуннар

ВИДЕО: Нейросеть Дьыл Оҕуһун оҥордо

Нейросеть Дьыл Оҕуһун оҥордо диэн ЯкутияDaily иһитиннэрэр: https://t.me/yakutiadaily/45038

5 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Ханна ноҕурууска улаханый?

Соторутааҕыта Судаарыстыбаннай Дуумаҕа Арассыыйа оскуолатын үөрэнээччилэрин уруога элбэҕин, сиэри таһынан дьиэҕэ үлэ бэриллэрин туһунан кэпсэтии…

6 часов ago