Бүгүн Бэчээт дьиэтин медиа-киинигэр биллэр фотосуруналыыс, СӨ Бочуоттаах Ытык киһитэ, СӨ бочуоттаах бэтэрээнэ, РФ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, суруналыыстыка эйгэтигэр Ем.Ярославскай аатынан СӨ Судаарыстыбаннай бириэмийэтин лауреата Виктор Прокопьевич Яковлев туһунан “Слово о великом мастере” кинигэ биһирэмэ буолла.
Бу олус сиэдэрэй кинигэни Ю.Гагарин аатынан типография бэйэтин үбүнэн таһаарбытын мустубут дьон хайҕаатылар. Кинигэ сүрэхтэниитин “Сахамедиа” АУО генеральнай дириэктэрин бастакы солбуйааччы Чокуур Гаврильев иилээн-саҕалаан ыытта.
— Виктор Прокопьевич Бүлүү улууһун Тааһаҕар нэһилиэгиттэн төрүттээх. Ону оччотооҕуга Арыылаах нэһилиэгэ урут киин буолан, саахсалар оннук Арыылаахха төрөөбүтүнэн суруйбуттар. Дьиҥэ, төрүт Тааһаҕар киһитэ. Кини Бүлүү улууһугар элбэхтик сылдьара, онно хайаан даҕаны дойдутугар тахсан хоноро. Кини 80-нун туолар үбүлүөйүгэр бу кинигэни хайаан да тааһаарыахха диэн этии киирбитэ. Оччолорго кинигэни таһаарыыга анаммыт СӨ Бырабыыталыстыбатын таһымыгар Афанасий Семенович Владимиров улахан мунньаҕы ыыппыта. Бу кинигэҕэ Тааһаҕар дьонун түһэрбитин киллэрэн биэрдибит. Ону дьоммор-сэргэбэр илдьэн көрдөрүөм”, — диэтэ Тааһаҕар нэһилиэгин баһылыга Семен Каратаев.
Уонна Семен Самуилович биллиилээх хаартыскаҕа түһэрээччи кэргэнигэр Изабелла Николаевнаҕа уонна кинигэни таһаарсыбыт дьоҥҥо сэмэй бэлэхтэрин туттарда.
“Саха сирэ” хаһыат түмэлин сэбиэдиссэйэ, Күлүмнүүр аатынан бириэмийэ лауреата Иван Ксенофонтов Виктор Прокопьевич туһунан оҥорбут ахтыыта сэҥээриини ылла.
— Виктор Прокопьевич кимиэхэ да ньылаҥнаабат кытаанах майгылааҕа. Эдэр суруналыыстары, хаартыскаҕа түһэрээччилэри олох чыпчылҕан түгэннэрин таба тутан түһэрэргэ сүбэлиирэ. Дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин Саха сиригэр бу иннинээҕи сырыытыгар ДП-1 мунньахтаабыта. Онно харабыллар Виктор Прокпьевиһы киллэримээри гыммыттарыгар бэрэсидьиэҥҥэ туһаайан эппитигэр В.В.Путин: “Пропустите!”, — диэбит этэ.
«Өссө халаан уутун саҕана Сергей Шойгулуун эмиэ биир түгэн буолан ааспыта. Сарсыарда эрдэ көрдөхпүтүнэ, өрүһүнэн катер устан иһэр. Арай Шойгубут кытылга тиийэн кэлбитигэр түһэр да бокуойу биэрбэккэ үгэһинэн кини хаартыскаҕа түһэрэн лаһырҕатан барда. Ону киһибит сөбүлээбэтэҕин биллэрбитэ. Ол эрээри, мунньах кэннэ кэлэн, Виктор Прокопьевич саннын таптайан баран: “Бырастыы гын!”, — диэбитэ. Оттон Михаил Ефимович Николаев кэннигэр олоппоско туран эрэ сааланы (мунньахсыттары) түһэрэрэ эмиэ туспа кэпсээн буолуон сөп. Биллэр фотограф Саха сиригэр өҥнөөх хаартысканы оҥорууну сахалартан бастакынан саҕалаабыт киһинэн буолар, — диэн сэргэх кэпсээнин Иван Иванович түмүктээтэ.
Виктор Яковлев Саха иһитиннэрэр ааҕыныстыбатыгар үлэлээбит үтүө кэмнэрин туһунан кинигэҕэ балачча суруллубут. Бүгүн Бу СИА-ны салайбыт, билигин “Полиметалл” хампаанньа филиалын дириэктэрин коммуникацияҕа уонна иһитиннэрэр бэлиитикэҕэ солбуйааччы Петр Васильев, Лариса Трофимова, Ирина Кривошеева, Петр Оконешников, Мария Васильева уод.а. бииргэ үлэлээбит биир идэлээхтэрэ ыалдьыттаатылар, үтүө тылынан ахтан-санаан аастылар.
“Слово о великом мастере “ кинигэ олус баай ис хоһоонноох. Ааҕааччылар хаартысканан галереяны сэргээн көрүөхтэрэ дии саныыбыт. Туох баар баараҕай тутуулары барытын кэриэтэ хаартыскаҕа үйэтиппит, хоту дойду устун аппараатын сүкпүтүнэн сылдьан түһэрбит сэдэх хаартыскалара барыта Саха сирин сайдыытын историятын кэрэһиттэрэ.
Хаартыскалар: Д.Попов түһэриитэ
Быйылгыттан Саха сиригэр Ил Дархан Айсен Николаев өйөбүлүнэн “Мин бастакы идэм” диэн үрдүкү кылаас үөрэнээччилэрин…
Быйыл балаҕан ыйын 3-6 күннэригэр диэри Владивосток куоракка Уһук Илиҥҥи экэнэмиичэскэй пуорум буолан ааспыта. Онно…
Бүтүн Арассыыйатааҕы "Родители онлайн" пуорумҥа кыттыы -- улахан чиэс... Өссө төрөппүт быһыытынан! Оҕону - төрөппүт…
Тыйыс тымныылаах, хахсаат тыаллаах Саха сиригэр ордук кыстыкка киирии үгүс кыһалҕалаах буолар. Тыал, сиик, онтон…
Дьуһуурунай борокуруор иһитиннэрбитинэн, ааспыт суукка устата эрэгийиэҥҥэ буруйу оҥоруу биэс түгэнэ бэлиэтэммит. Бу дьыалаларынан бэрэбиэркэлэр…
Айылҕаттан айдарыылаах айар куттаах худуоһунньуктар тыа сиригэр үгүстэр. Биир оннук, нууччалыы эттэххэ, “самородок” худуоһунньугунан Хаҥалас…