Олох-дьаһах хомунаалынай хаһаайыстыбатын төлөбүрүн иһин баан хамыыһыйатын туппат буолуохтара
03.05.2024, 13:00
Хаартыска: Мария Васильева, СИА.
Бөлөххө киир:
Бу сыл от ыйын 1 күнүттэн элбэх оҕолоохтор уонна биэнсийэлээх дьон олох-дьаһах хомунаалынай хаһаайыстыба өҥөтүн төлүүллэригэр баан хамыыһыйатын туппат буолуохтара. Маннык дьаһалга РФ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлэ Михаил Мишустин илии баттаата. Бу туһунан Объясняем.РФ суруйар.
Социальнай өйөбүлгэ наадыйааччылар уонна олорор дьиэ, хомунаалынай өҥө төлөбүрүн комиссионнай манньатыттан (комиссионное вознаграждение), кэмигэр уонна (эбэтэр) олоччу барытын төлөөбөтөхтөрүн иһин пеняттан босхолонор дьон испииһэгэ:
- РФ субъектарын сокуонугар сөп түһэн элбэх оҕолоох ыал ахсааныгар киирсэр 18 саастарын туолбут дьон;
- РФ сокуонугар сөп түбэһэн биэнсийэ ылар дьон.
- РФ сокуонугар сөп түбэһэр инбэлиит аатын ылбыт дьон.
- РФ сокуонугар сөп түбэһэн байыаннай дьайыы бэтэрээнэ ааты ылбыттар.
- РФ сокуонугар олоҕуран сэрииттэн инбэлиит буолан өлбүт, Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылаахтарын уонна байыаннай дьайыы бэтэрээннэрин дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрэ. (Члены семей погибших (умерших) инвалидов войны, участников Великой Отечественной войны и ветеранов боевых действий, признанные таковыми в соответствии с законодательством Российской Федерации)
+1
1
+1
+1
+1
+1
+1
+1
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: