Олох күһүнүн туойбут дьахтар лириката
Саҥа дьыл буолуон аҕай иннинэ поэзияны таптааччыларга бэлэх буолан, норуодунай бэйиэт Наталья Харлампьева «Үөрүү» диэн саҥа кинигэтэ күн сирин көрдө. «Алта» кыһаҕа бэчээттэнэн тахсыбыт кинигэҕэ барыта 52 дьоҕус хоһоон киирдэ.
«Ким эрэ таптал лириката диэҕэ, бэйэм хойукку чуумпу лирика дии саныыбын. Лирическэй дьоруойга анаммыт курдук да, дьиҥэ, олох туһунан толкуйдар, дууһаҕа, сүрэххэ чугас киһилиин соһуччу көрсүһүү туһунан… Бу олоххо хас биирдии көрсүһүү түбэһиэх буолбат, үрдүкү күүстэртэн ананан кэлэр. Киһи киһиэхэ эрэниитэ, өйдөһүүтэ, доҕордоһуута хайдах үөскүүрүн уонна бэйэҥ иэйиигин ылынар, үрдэтэр хайдах курдук суолталааҕын туһунан хоһооннор. Олох судургу да түгэннэриттэн үөрэри сатыахха наада эбээт!
30 сааспар ытык кырдьаҕастарбыт таптал туһунан хоһооннорун дьоһумсуйа ааҕалларын испэр күлэ саныыр этим. Ол саҕана кинилэр таптал, иэйии туһунан толкуйдуур кыахтара суох дии саныырым… Дьиҥэ, олоҕу олорбут киһи толкуйа, дьэ, тобуллар эбит!
Арааһа, лирическэй дьоруой уобараһа хомуур буолара чахчы… Хоһооннору бу сайын суруйбутум, бэчээттэтэр санаам суох этэ, тоҕо диэтэр, үрдүк иэйиилэри да быртаҕырдар дьон бааллар… «Бу үрдүкү күүстэр бэлэхтэрэ, бэртээхэй хоһооннор» диэн поэзияҕа үрдүк ирдэбиллээх дьүөгэлэрим сыаналаабыттара. Бэйэм саха поэзиятыгар олох күһүнүн туойбут дьахтар лириката өссө суох этэ диирбэр тиийэбин. Ол эрээри, ким эрэ ааны арыйыахтаах буоллаҕа!» — диэн Наталья Харлампьева «ВКонтакте» социальнай ситимигэр суруйда.
***
Дьылҕам быстар кытыытынан
Хайа боотур кэлэн ааста,
Өйдөһүү дэлэй бэлэҕинэн
Бороҥ киэһэбин сырдатта?
Чарааһаабыт сүрэҕим быатын
Таба тайанан тардан ааста,
Доҕор киһи эрэллээх эйэтин
Сэрэх бэйэбэр итэҕэттэ?
Кырдьар сааһым кырдалынан
Таптал эстибит өтөҕүнэн,
Сүрэх синньигэс сиигинэн
Хайалара кэлэн аастай?
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: