Олох күһүнүн туойбут дьахтар лириката

Share

Саҥа дьыл буолуон аҕай иннинэ поэзияны таптааччыларга бэлэх буолан, норуодунай бэйиэт Наталья Харлампьева «Үөрүү» диэн саҥа кинигэтэ күн сирин көрдө. «Алта» кыһаҕа бэчээттэнэн тахсыбыт кинигэҕэ барыта 52 дьоҕус хоһоон киирдэ. 

Хаартыска: "ВКонтакте" социальнай ситимтэн.

«Ким эрэ таптал лириката диэҕэ, бэйэм хойукку чуумпу лирика дии саныыбын. Лирическэй дьоруойга анаммыт курдук да, дьиҥэ, олох туһунан толкуйдар, дууһаҕа, сүрэххэ чугас киһилиин соһуччу көрсүһүү туһунан… Бу олоххо хас биирдии көрсүһүү түбэһиэх буолбат, үрдүкү күүстэртэн ананан кэлэр. Киһи киһиэхэ эрэниитэ, өйдөһүүтэ, доҕордоһуута хайдах үөскүүрүн уонна бэйэҥ иэйиигин ылынар, үрдэтэр хайдах курдук суолталааҕын туһунан хоһооннор. Олох судургу да түгэннэриттэн үөрэри сатыахха наада эбээт!

30 сааспар ытык кырдьаҕастарбыт таптал туһунан хоһооннорун дьоһумсуйа ааҕалларын испэр күлэ саныыр этим. Ол саҕана кинилэр таптал, иэйии туһунан толкуйдуур кыахтара суох дии саныырым… Дьиҥэ, олоҕу олорбут киһи толкуйа, дьэ, тобуллар эбит!

Арааһа, лирическэй дьоруой уобараһа хомуур буолара чахчы… Хоһооннору бу сайын суруйбутум, бэчээттэтэр санаам суох этэ, тоҕо диэтэр, үрдүк иэйиилэри да  быртаҕырдар дьон бааллар… «Бу үрдүкү күүстэр бэлэхтэрэ, бэртээхэй хоһооннор» диэн поэзияҕа үрдүк ирдэбиллээх дьүөгэлэрим сыаналаабыттара. Бэйэм саха поэзиятыгар олох күһүнүн туойбут дьахтар лириката өссө суох этэ  диирбэр тиийэбин. Ол эрээри, ким эрэ ааны арыйыахтаах буоллаҕа!» — диэн Наталья Харлампьева «ВКонтакте» социальнай ситимигэр суруйда.

***
Дьылҕам быстар кытыытынан
Хайа боотур кэлэн ааста,

Өйдөһүү дэлэй бэлэҕинэн
Бороҥ киэһэбин сырдатта?
Чарааһаабыт сүрэҕим быатын
Таба тайанан тардан ааста,
Доҕор киһи эрэллээх эйэтин
Сэрэх бэйэбэр итэҕэттэ?
Кырдьар сааһым кырдалынан
Таптал эстибит өтөҕүнэн,
Сүрэх синньигэс сиигинэн
Хайалара кэлэн аастай?

Recent Posts

  • Бэрээдэк
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Миша, Игорь, Аркадий, биһиги эһигини умнубаппыт!

Эп-эдэркээн уолаттар милиция үлэтин өрө тутан, дьон нус-хас олоҕун туһугар туруулаһа сылдьан сидьиҥ дьон илиититтэн…

57 минут ago
  • Интервью
  • Сонуннар

Лиза Константинова: “Ыллыырбар дьол туругар киирэбин…”

Дьокуускайга “Чайковский-фест” ньиргийэ турдаҕына, “Иоланта” операҕа сылдьыбытым. Бу операҕа хараҕа суох кыыс туһунан кэпсэнэр. Аҕата-ийэтэ…

1 час ago
  • Култуура
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Иччитэх дьиэ» саҥа сэрийээл сэтинньигэ көстүөҕэ

Быйылгы дьылга бастакы "Айкуо" сэрийээли көрөн бүтэрдибит. Дьон-сэргэ саҥа сэрийээли олус сөбүлээбит, оҕолор оонньуулларын астыммыт.…

2 часа ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Ийэлээх кыыс «Кэрэҕэ ситим» быыстапкаларыттан санаалар

"ҮРГЭЛ" галереяҕа алтынньыга Сардаана Владимировна Яковлева уонна киһи кыыһа Анжелика Викторовна хартыыналарын дьон көрүүтүгэр туруордулар.…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Чэгиэн

Сүбэһит: Хаан баттааһынын хайдах намтатабыт?

Кэнники кэмҥэ элбэх киһи хаан баттааһына үрдүүрүнэн эрэйдэнэр буолла. Төбө ыалдьыбат буоллаҕына, үгүстэр наадыйбаттар, билбэттэр…

3 часа ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Үөһээ Бүлүүгэ булчут өлүгүн хайдах булбуттарый?

Үөһээ Бүлүү улууһугар булчут сүттэ диэн иһитиннэрии киирбитин кэннэ, сэтинньи 4 күнүгэр көрдүүр үлэ саҕаламмыта. …

4 часа ago