Олох очурдара: “Аҕаа, мин кэллим!”

Арыйаан аҕатын билбэккэ улааппыта. Бэйэтин өйдүөҕүттэн, ийэтэ уонна эһээлээх эбээтэ баар буолан, тулаайах курдук санаммат этэ. Хороччу улаатан эрдэҕинэ, эһээлээх эбээтэ батыһыспытынан олохтон туораабыттара. Онуоха дьэ, айбыт аҕатын туһунан толкуйдуур, ханна баарын билиэн-көрүөн баҕарар буолбута.
Кыра сылдьан ийэтиттэн ыйыталаспытын өйдүүр. Ийэтэ:
— Ээ, тоойуом, кини ырыых-ыраах барбыта, — диэн баран сапсыйан кэбиспитэ. Уолчаан ону аҕата тыалга олорсон, ыраах саҕахха, былыттарга барбыт дии саныыра. Кини санаатыгар, ыраах диэн харах ыларынан көстөн симэлийэр саҕах буоллаҕа.
Хаһан эмит сурук кэлэр быһыылааҕа. Биирдэ халыҥ сурук быыһыттан хаартыска түһэн кэлбитигэр, тор курдук бытыктаах, хойуу хааһын аннынан эриличчи көрбүт киһи олорор этэ, ону атыҥырыы санаабыта. Киниэхэ эһээтэ аҕатын солбуйбута, эр киһи үөрүйэхтэригэр, булка, балыкка сылдьарга үөрэппитэ-такайбыта.
Кэлин үөрэххэ киирэн, түбүгэ элбээн, ол туһунан санаабат да буолбута. Соҕотох ийэтигэр найыланан олоруо дуо, үөрэҕин быыһыгар үлэлиир этэ. Ыллыыр, тамадалыыр, сороҕор оонньуу ыытар буолан, сыбаайбаларга, үбүлүөйдэргэ, төрөөбүт күннэргэ баран, үлэлээн кэлэрэ. Онон устудьуон киһи бэйэтин бэйэтэ хааччынара.
Ол курдук бэйэтин суолун солонон, үөрэҕин бүтэрэн, идэтинэн үлэ булан, үлэлээн-хамсаан, ипотеканан дьиэлэнэн, ыал буолан, оҕолонон, эдэр киһи сиэринэн, олоҕун оҥостон барбыта.
* * *
Бу сайын кэргэнин кытта Казахстааҥҥа, Кыргызстааҥҥа күүлэйдии барар буоллулар. “Эдэр, эрчимнээх эрдэххэ, сири-дойдуну көрөн хаалыахха, элбэхтик айанныахха” диэн санаалаахтар. Арыйаан тоҕо эрэ утарылаһыах санаата кэлбитэ. Тоҕотун бэйэтэ да өйдөөбөт этэ.
Ийэтигэр эппитигэр, дьик гыммыта уонна хайдах эрэ халты көрөн кэбиспитэ, тугу эрэ этиэх курдук гынан баран, тохтообута. Ол кэнниттэн тугу эрэ санаан, уһуннук иһийэн олорбута.
— Эн онно аҕаҕын көрсө бараары гынаҕын дуо? — диэн кэмниэ-кэнэҕэс ыйыппыта.
— Эс… Көннөрү күүлэйдии барабыт ээ.
— Итиччэ ыраах тиийэн баран, көрсөн да кэлиэххин сөп буоллаҕа.
— Ийээ, кини баҕар, миигин көрүөн да баҕарбата буолуо дии…
— Эс, туох диэтэххиний, тоойуом. Хаана да тардар ини, — диэбитэ ийэтэ, үөһэ тыынан баран.
Арыйаан урут-уруккуттан ыйытыаҕын баҕара сылдьыбытын этээри, ис-иһиттэн долгуйан кэлбитэ.
— Ийээ… Оттон кини тоҕо ыраах барбытай? Тоҕо кэлэ сылдьыбатаҕай?
Ийэтэ өр соҕус соҥуоран олорбохтоон баран, кэһиэҕирэн хаалбыт куолаһынан эппитэ:
— Арыйаан, олоххо барыта эн баҕарбытыҥ курдук буолбат эбит. Дьылҕа диэн баар быһыылаах. Сороҕор кэрэ бэлэхтэри биэрэр, онтон былдьаан ылар. Биһиги устудьуоннуу сылдьан, таптаһан, эн улахан тапталтан төрөөбүтүҥ. Ол эрээри, кини дьоно утарбыттара. Дойдутугар барбыта уонна төннүбэтэҕэ. Онно туох буолбутун билбэппин.
Быраҕан барбытыгар хом санаалаах этим, ол иһин хат буолбуппун кэпсээбэтэҕим. Атын да киһиэхэ кэргэн тахсыам, эн аҕалаах буолуоҥ дии саныыр этим да, арааһа, киниэхэ тапталым уостубатах быһыылаах. Эн иннигэр буруйдаахпын билинэбин, оҕом аҕа диэни билбэккэ улааттаҕыҥ…
Кини урут суруйар этэ, онно хардарбатаҕым, кэлин биллибэт буолбута. Хайдах буолбутун билбэппин. Кэргэннэммит, оҕоломмут буолуохтаах. Төһөтүн да иһин, айбыт аҕаҥ буоллаҕа, хаан күүстээх. Билсиэххин баҕарар буоллаххына, аадырыһа бу баар, — диэн баран, кэмбиэрдээх суругу туттаран кэбиспитэ.
Ол онон хаалбыта.
* * *
Казахстааҥҥа тиийэн баран, саҥа сиргэ, кэлиигэ-барыыга аралдьыйан, ол туһунан умнан да кэбиспитэ. Төннөллөрө икки күн хаалбытын кэннэ, суумкатыттан били суругун булан ылбыта. Туох эрэ тэһэ кэйбитин курдук, “бүгүн барыахтаахпын!” диэн санаа үүйэ туппута.
Сардаанатыгар эппитигэр, “барыахха!” диэн буолбута. Таксыы сакаастаан, атын оройуоҥҥа сэттэ чааһы быһа айаннаан, киэһэлик тиийбиттэрэ. Биирдии-иккилии этээстээх таас уонна мас дьиэлэрдээх дэриэбинэ этэ. Номнуо хараҥарбыт, уулусса уота онон-манан тыгар. Бүтэй олбуордартан ыттар үрэллэр.
Таксыыс аадырыска хааллараат, баран хаалбыта. Ол курдук хараҥаҕа, билбэт сирдэригэр туран хаалбыттара.
Ыйыллыбыт дьиэҕэ тиийэн, үрдүк олбуор аанын өр соҕус тоҥсуйбуттарын кэннэ, биир дьахтар саҥата казахтыы умайыктана түспүтэ.
— Извините, мы из России приехали, из Якутии. Мы ищем человека, — диэн Арыйаан эппитигэр, тохтуу түһээт, аан аһыллыбыта.
— Кого вы ищете? — саас ортолоох, былааттаах дьахтар быган көрбүтэ.
— Кайрат Алимжанов тут живет?
— Неет, нет… Алимжановых тут нет. Они давно переехали. Мы тут уже двадцать лет живем.
— А вы не знаете, куда они переехали?
— Нет, не знаю. Может, соседи знают, они издавна тут живут…
Дьэ, сир-халлаан анныгар туран хааллылар. Хайыахтарай, дьахтар ыйбыт дьиэтигэр тиийэн, олбуор аанын тоҥсуйдулар. Ыт үрэн баргыйда. Балачча буолаат, оҕонньор тахсан ыйытта.
Саатар, оҕонньордоро дөйүҥү эбит. Өр соҕус быһаарсан, Кайраты билэрин быһаардылар. Арыйаан суругу уонна хаартысканы тэлимнэппитигэр, оҕонньор өйдөөтө. “Атын дэриэбинэҕэ көспүттэрэ ыраатта”, — диэн быһаарда. Аадырыстарын да, төлөпүөннэрин да билбэт эбит.
Хата, ыраахтан кэлбит айан дьонун кыһалҕаларын өйдөөн, дьиэтигэр хонноро киллэрдэ. Сылайбыттара бэрт буолан, бэркэ утуйан турдулар.
Сарсыарда оҕонньор алҕаан атаарда, массыына булан биэрэн, абыраата. Ханна да буол, үтүө дьон син биир баар буоллахтара.
* * *
Дэриэбинэҕэ тиийээт, аатынан сирдэтэн, Алимжановтар дьиэлэрин син буллулар. Ол эрээри, баҕар, атын ыал буолаарай?
Аан аһыллыбытыгар, Арыйаан соһуйан, ах баран турда. Үүт-үкчү кини курдук уол турар эбит. Уол да соһуйда быһыылаах.
— Здр… Здравствуйте! Здесь живет Кайрат Алимжанов?
— Да, а вы кто?
— Я сын его! — диэбитин кулгааҕа эрэ истэн хаалла.
Соһуйбут уол туораан биэрдэ. Дьиэҕэ киирдилэр. Уол казахтыы туох эрэ диэн саҥарда. Хос аанынан дьахталлар, оҕолор төбөлөрө быгыаластылар. Онтон күрэҥсийбит баттахтаах, сааһырбыт, хаартыскаҕа баар киһитэ тахсан кэллэ.
— Кто сказал? Кто это? Кто ты?! — долгуйан, кэлэҕэйдээн ылла.
— Здравствуйте! Я Ариан Капитонов, сын Марии Капитоновой из Якутии. Я ваш сын! — уол эмиэ долгуйан, этиэх буолбутун умнан, быһаччы “пал” гыннаран кэбистэ.
— Маша… Я не знал… Да как же это… Значит, ты мой сын? — аҕатын куолаһа титирэстээн, хараҕа ууланан барбытыгар, Арыйаан:
— Аҕаа! — диэбитинэн, кууһан ылла…
Нарыйа Арылахова.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: