ОЛОХ ОЧУРДАРА: Саҥа дьыл түүн

Share

Саҥа дьыл тыына салгынныын ураты. Дьон үксэ туох эрэ үчүгэйи күүтэр. Арай түөрт уон сааһын лаппа ааспыт Роман санааҕа ылларан сылдьара.

Кини ааспыт күһүн кэргэниттэн арахсан барыаҕыттан ийэтигэр олорор. Ийэтэ төһө да сааһырдар, кыра уолун билигин да оҕо курдук көрөрө. Иһигэр кийиитигэр хомойо саныыра. Дьэ, оҕо-уруу төрөтөн, кыаҕыран иһэн арахсан хааллылар дии саныыра. Оттон Рома ийэтигэр арахсыы сүрүн төрүөтүн кэпсээбэтэҕэ эбээт. Күн ахсын сарсыарда үлэтигэр, киэһэ ийэтигэр кэлэн бэлэм аһы аһаан баран төлөпүөн үрдүгэр түһэрэ. Олоххо көҕө уонна сыала сүтэн хаалбыт курдуга. Ордук оҕолорун да ахтара. Кыра уола Айсенчик, кыргыттара Айсеналаах Айта төһө эрэ суохтаатылар. Оттон кэргэнэ Даша арахсыы тиэмэтин биллэр төрүөтүнэн көтөхпүтэ эбээт.

Саҥа иэйии

Рома уоппускатын ылан баран дойдутугар тахсыбыта. Кэргэнэ оҕолорун илдьэ муораҕа барбыта. Оттон кини ийэтин оҕуруотун сөргүтэн, са­­йылыы тахсар балтыгар, ийэтигэр төһүү күүс буолаары барсыбатаҕа. Ол сайын Рома кэлбитин кылааһын оҕолоро истэн көрсүбэтэхтэрэ ырааппыт дьон, дьэ көрсүспүттэрэ. Бу сыллар усталара көрсүбэтэх урукку доҕорун Светаны көрсөн Рома сааһыран эрэр сүрэҕэ олус долгуйбута. Света кэргэниттэн арахсан, икки оҕону бэйэтэ иитэрэ, уһуйааҥҥа иитээччинэн төрөөбүт дойдутугар үлэлиирэ. Рома дойдутугар кэлбиччэ, дьоно киниттэн ыраахтарыттан бэйэтин олус көҥүллүк санаммыта. Дьиҥэр, үлэни-хамнаһы үмүрүтээт куоракка тиийэн даачатыгар да үлэ элбэх этэ эрээри, дьоно ый устата куруорка сылдьар буоланнар, улаханнык кыһамматаҕа, ыксаабатаҕа.

Массыыналаах, бэйэтин сааһыгар бэрт сэнэх көрүҥнээх, успуордунан уруккуттан дьарыктанар бөдөҥ-садаҥ Романы кылааска бары да олус сөбүлүүллэрэ. Кини Светалыын ахсыс кылаастан доҕордоһон саҕалаабыттара. Оскуоланы бүтэрээри сылдьан кыыс устудьуон уолу кытта доҕордоһон, арахсан хаалбыттара. Рома онтон төһөлөөх аймаммытай. Өргө диэри Светатын умнубатаҕа. Кыыс оскуоланы бүтэрээт ол уолга кэргэн тахсыбыта, кэтэхтэн иитээччи үөрэҕин бүтэрбитэ уонна дойдутугар үлэлии кэлбитэ. Кэргэнэ нэһилиэк дьаһалтатыгар үлэлии киирбитэ. Син бэркэ олорбуттара. Уонтан тахса сыл олорон баран күтүөт иһэн-­аһаан Света арахсар аакка барбыта. Кини кэлин наар оҕо сааһын сырдык иэйиитин – Роматын саныыра. Уол үөрэҕин бүтэрэн ыал буолбутун истибитэ. Сайын сатаан көрсүбэккэ хаалаллара. Ол курдук кылааһынан бу сүүрбэттэн тахса сыл буолан баран дьэ, ньиргиччи бары түмсэн көрүстүлэр. Ол күн Ромалаах Света уруккуну-хойуккуну санаспыттара, били хаамсар күөллэрин тула хаамсыбыттара. Рома бэйэтин олох эдэр оҕолуу санаммыта. Кэргэннээҕин, оҕолордооҕун олох да умнан ылбыта. Кутаа тула олорон уһуннук кэпсэппиттэрэ, тоҕо, туохтан кинилэр арахсыбыттарын ис дууһаларын аһан кэпсэтиилэрэ Света сүрэҕэр эрэли, оттон Ромаҕа таптал иэйиитин үөскэппитэ. Рома маннык аһаҕастык кэпсэппэтэҕэ ыраап­пыт. Кэргэнэ Дашалыын да маннык аһыллан кэпсэппитин өйдөөбөт. Барыта бу күнүнэн, түүнүнэн бүтэн хаалыах­тааҕа. Ону баара кинилэр сайын устата көрсүһэн, урут куоттарбыт истиҥ иэйиилэрин хаттаан сөргүтэ сатаабыттара… Ол эрээри өйдөрө-санаалара атына, уһун сыллар кинилэр икки ардыларыгар өйдөспөт үгүс түгэни үөскэппит эбит. Ол да иһин оҕо сылдьан суоллара икки аҥы арахсыбыт буоллаҕа. Кини бу туһунан Дашатыгар да эппэтэҕэ. Кэргэнин таҥнарбытыттан иһигэр санаата оонньуура. Барытын умна сатаабыта. Ол эрээри олохторо алдьанар быатыгар хоп-сип олус түргэнник тарҕаммыта.

Арахсыы

Бу сурах Даша кулгааҕар алҕаска тиийбитэ. Кини онто да сыһыана тымныйбыт кэргэнин кытта өр быһаарса барбакка, тута арахсыбыттара. Тоҕо эрэ арахсаат да Рома Светаҕа барар санаата суоҕа. Икки ардыларыгар тэйсии баар курдуга. Света да ол сайыҥҥы күннэринэн сөп буолан Ромаҕа наадыйбатаҕа. Кини ыаллыы нэһилиэк киһитигэр эргэ барбыт сураҕа иһиллибитэ. Оттон Рома ийэтигэр төннүбүтэ.

Бу кэнниттэн Рома уһун уутуттан уһуктубут курдуга. Кини быстах иэйииттэн дьиэ кэргэнин сүтэрбит курдуга. Хайаатар да саатар Саҥа дьылга оҕолорун эҕэрдэлиэн наадатын өйдүүрэ. Ийэтинээн ик­­киэн эрэ бырааһынньыктыыллара сүрэ да бэрт. Оҕолоругар, кистээн кэргэнигэр эмиэ бэлэх атыыласпыта. Арай билигин кэргэнэ олохпутун хаттаан саҕалыах диэтин, төһөлөөх да үчүгэй буолуо этэй? Дашатын курдук киһи бу олоххо суох да эбит. Олорон истэх ахсын тоҕо истиҥ иэйии сүтүөхтээҕий. Ити барыта күннээҕи олох сүпсүлгэнэ үтүрүйэн иһэр буоллаҕа. Дашатыгар биир сымнаҕас, истиҥ тылы эппэтэҕэ наһаа да ырааппыт. Олох ама маннык үһүө, тоҕо билсиһии саҥатыгар эрэ киһи иэйиилээх буолуохтааҕый? Рома муунтуйбут санаатын кыйдыы сатаан үлэтин кэннэ уулусса устун хаамыталаабыта. Бэҕэһээ оҕолоругар харчы ыыппыта. Харчы, олох кыһалҕатын быһаарыы – бу дуо дьиэ кэргэн олоҕо? Рома бэйэтэ истиҥ сыһыаҥҥа наһаа наадыйара. Ол эрээри бэйэтэ чугас дьонугар ол иэйиитин бэрсибэккэ гынан баран атын сиргэ көрдүү сатаабыт буруй­даах… Саҥа дьыл иннинэ дьонугар сылдьыан наада. Аны Саҥа дьыл түүн тиийэн дьон бырааһынньыгын буортулуон баҕарбатаҕа. Ийэтэ да соҕотох хаалара соччото суохха дылы. Онон эр санааны ылынан кини дьиэтигэр тиийбитэ. Оҕолор номнуо үөрэнэн бүтэн  кыһыҥҥы сынньалаҥнара саҕаламмыт этэ. Ийэлэрэ үлэтигэр. Оҕолор аҕалара кэлбитигэр олус үөрбүттэрэ. Урут кини маннык киирдэҕинэ кыра уола Айсенчик сүүрэн кэлэрэ, улахаттар улаатан соччо кыһаммат да буолбуттара. Оттон бу сырыыга бары наһаа үөрбүттэрэ. Аҕаларын суохтаабыт этилэрэ.

– Аҕаа, Саҥа дьылга эбээ­лиин кэлээриҥ ээ, – диэн улахан кыыс Айсена тыл көтөхтө.

– Бэйэҕит эрэ ылаҕыт дуо, кими эбит ыҥырдыгыт дуу, – аҕалара сэмээр сураста.

– Бэйэбит эрэ, ийэбит ханна да барбаппыт диэбитэ…

Оҕолор аҕаларын Саҥа дьылга кэлээр диэн ыҥыра хаалбыттара.

Соһуччу үөрүү

Ити кэпсэтии эр киһиэ­хэ эрэли үөскэппитэ. Кини хайаан да төннөн да кэлбэтэр, чугас дьонун кытта саҥа сылы көрсүөн, эрэл санаа кыымын сүрэҕэр үөскэтиэн баҕарбыта. Кистээн кэргэнин хоһугар туумбаҕа биһилэх бэлэҕин хаалларан барбыта… Бу биһилэх кини тапталын, олоҕу салҕыан баҕарарын бэлиэтэ этэ.

Саҥа дьыл киэһэ Рома ийэтин кытта остуолларын тардан уку-сакы бэйэлэрэ олорбуттара. Даша биһилэх бэлэҕи тутан баран биллибэтэҕэ. Саҥа дьылга ыҥырбатаҕа. Ол аата бырас­тыы гымматах… Буруйдаах буолан баран тэҥнэһиэ дуо, ийэтигэр туох баарынан кэпсээбитэ. Сайын буккуллан Светаҕа иирэ сылдьыбытын, ону Даша истэн наһаа хомойбутун. Ийэтэ хайыай, кийиитин хомуруйа саныыр бэйэтэ уолуттан наһаа хомойбута. Светаны да кини оҕо эрдэҕиттэн бэркэ билэр буоллаҕа. Бэрт сытыы, сонумсах кыыс этэ. Киһи оҕо сылдьан хайдаҕый да, улааттаҕына да майгыта онтон уларыйбатын ама олоҕу олорбут сааһырбыт дьахтар билиэ суоҕа дуо?

Остуолларын тардан эргэ дьылларын атаараары олордохторуна, эмискэ ааны күүскэ тоҥсуйбуттара.  Ыалдьыт күүппэт дьон олус соһуйбуттара. Рома тиийэн ааны арыйбыта, аан туманы бүрүммүтүнэн оҕолоро уонна кэргэнэ Даша тураллара. Үөрэн мичилиспит харахтар уонна сүрэҕин сорҕолоро – оҕолоро…

Даша аата суох тарбаҕар Рома бэлэҕин кэтэ сылдьара. Оҕолор эбээлэрин кууһар-сыллыыр кэмнэригэр кинилэр утары көрсөн ылбыттара. Оо, аата ырааппытын. Кинилэр бу курдук истиҥник көрсөн турбатахтара ырааппыт. Куруук бииргэ сылдьар, олорор курдук эрээри кинилэр сүрэхтэринэн кэпсэппэт буолан хаалбыттара эбээт. Оттон бүгүн баҕа санаа туолар түүнэ. Саҥа дьыл саҥа дьолу түстүөҕэ, дьол тосхойуоҕа… Кинилэр сиэттиспит илии­лэрин оҕолоро өйдөөн көрбүттэрэ. Дьолу, чуумпу дьолу үргүтүмээри  кинилэр эбээлэрин харыйатын, мааны остуолун хайгыы, бэлэх бэрсэ сылдьыбыттара…

What’s your Reaction?
+1
28
+1
1
+1
1
+1
1
+1
1
+1
4
+1
5

Recent Posts

  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Байыастан сибэкки дьөрбөтө

Нам улууһугар Аппааныга Саҥа сылы көрсөр түбүккэ-садьыкка сырыттахпытына, Лидия Афанасьевна төлөпүөнэ тырылыы түстэ. "Лидия Афанасьевна,…

17 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Февронья Миронова: “Урукку дьон, күннэр-кэмнэр тоҕо эрэ быдан истиҥнэр, чугастар”

“Моҕой түргэн, мындыр, киирэр-тахсар...” Эргэ сылбытын үтүө санаанан атааран,  үүнэр сыл  барыбытыгар үчүгэйи эрэ түстүөн …

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Эдьигээҥҥэ киин хочуолунайга өрөмүөн үлэтэ ыытыллар

Эдьигээҥҥэ киин хочуолунайга чөлүгэр түһэриигэ өрөмүөн үлэтэ ыытыллар. Алта хочуол үлэлии турар, олортон иккитэ илии…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Ил Дархан Айсен Николаев Ороһуоспанан эҕэрдэлиир

Саха сирин ытыктабыллаах олохтоохторо! Саха Өрөспүүбүлүкэтин салалтатын уонна тус бэйэм ааппыттан Ороһуоспанан эҕэрдэлиибин! Бу ураты…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Күн-дьыл туруга: тохсунньу 7 күнэ

Күн-дьыл туруга бу күннэргэ хайдаҕый? Дьокуускайдааҕы УГМС тугу иһитиннэрдэ? Өрөспүүбүлүкэ соҕуруу өттүгэр кыралаан хаардыыр, сорох…

2 часа ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Түүл туһунан чахчылар

Түүл туһунан тугу билэбитий? Киһи түүлүн 90 бырыһыанын умнар уонна 10 бырыһыанын эрэ өйдөөн хаалар.…

16 часов ago