Олох ойуута (“Далбар Хотун” сурунаал 30 сыла)

Олох ойуута (“Далбар Хотун” сурунаал 30 сыла)

Ааптар:
25.03.2024, 12:29
Хаартыска: ааптар тиксэриитэ
Бөлөххө киир:

Кулун тутарга “Комдрагметалл” саалатыгар турбут “Далбар Хотун” сурунаал  отут сыллаах үлэтин хаартысканан кэпсиир “Олох ойуута” быыстапка элбэх киһи болҕомтотун тарта. Үс нэдиэлэ устата аһаҕас турбут быыстапканы 500-н тахса киһи көрбүтүттэн биһиги, тэрийээччилэр, сүргэбит көтөҕүллэр.  

Быыстапка аһыллыытыгар сурунаалы төрүттээбит, атаҕар турарыгар быһаччы көмөлөөх буолбут дьоммут кэлэн, быыстапканы үрдүктүк сыаналаабыттара. Биллэн турар, 100-чэкэ хаартыскаҕа сурунаал матырыйаалын батарбаккын, ол иһин,  сүрүн рубрикаларга араас сылга тахсыбыт сэдэх чахчылаах, дьылҕалаах дьону арыйбыт суруйуулары таһаарбыппыт. Сүрүнэ диэн, аныгы кэм сиэринэн куйаар куодтаах хаартыскаларга төлөппүөнү даҕайдахха сурунаал саайтыгар киирэн, ол сурунаал нүөмэрин бүтүннүү арыйталаан ааҕыахха сөп.  Горнайтан бүтүн оптуобуһунан анаан-минээн  кэлбит дьон дьиэлэригэр иҥэн-тоҥон ааҕаары куйаар куодтары хаартыскаҕа түһэрэн илдьэ барбыттарын биһириибин.

Быыстапкабытыгар дьон болҕомтотун тардаары араас тэрээһини ыыттыбыт. Дьоруойдабытын кытта көрсүһүүлэр, маастар-кылаастар, идэлээх дьон сүбэлэрэ, айар киэһэлэр…

Дьон-сэргэ болҕомтотун тардыбыт быыстапкабыт бастакы эрэдээктэрбит Наталья Харлампьева айар киэһэтинэн түмүктэммитэ ураты суолталаммыта.

Быыстапкабыт үлэтэ, тэрээһиннэрэ күннэтэ куйаар ситимигэр тахса турдулар. Түгэнинэн туһанан быыстапканы оҥорбут, күннэтэ ыалдьыттардыын алтыспыт эрэдээксийэбит айар үлэһиттэригэр Гаврил Поповка, Юлия Пестряковаҕа, Сардаана Кузьминаҕа, Венера Охлопковаҕа,  “Сахабэчээт” рекламаҕа отделын салайааччытыгар Анна Поповаҕа, исписэлииһигэр Валентина Дедюкинаҕа,  программист Дмитрий Елегяевка истиҥ махталбын биллэрэбин.

“Далбар Хотун”  Олоҕун ойуута мэлдьи кэрэ, үтүө, сырдык буола турдун!

Айталина НИКИФОРОВА, сурунаал сүрүн  эрэдээктэрэ

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
23 ноября
  • -26°C
  • Ощущается: -33°Влажность: 76% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: