Олох туһунан анааран
“Олох олоруу—бу ураты философия. Олох олорорго ханнык да бэлэм халыып суох. Онно киһи иитиллибит эйгэтэ, удьуорун тыына, дьиэ кэргэн үтүө үгэһэ, төрөппүт иитиитэ киһи олоҕор тыын суолтаны ылан, тирэх буолар.
Дьахтар—киһи төрдө буолан оҕотун иитэр, удьуор утумун салгыыр. Кэнэҕэски кэлэр ыччат кэскилэ ыал ийэтиттэн, дьахтартан тутулуктаах. Омук хайдах ийэлээх да, оннук дьылҕалаах. «Дьахтар—олох төрдө” диэн бу күннэргэ “Айар “кинигэ кыһатыгар саҥа тахсыбыт “Күнүү содула “кинигэ ааптара Галина Иванова-Айтыына олох туһунан анааран, мындыр санааларын суруйар.
Уус Алдан Бороҕонугар олорор, үөрэҕирии эйгэтигэр 50-тан тахса сыл бэриниилээхтик үлэлээбит, СӨ үөрэҕириитин туйгуна, РФ уопсай үөрэхтээһинин бочуоттаах үлэһитэ, Уус Алдан улууһун уонна Мүрү нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, “Уһуктуу” литературнай түмсүү чилиэнэ, дьон-сэргэ биһирэбилин ылбыт элбэх кинигэ ааптара Галина Иванова-Айтыына саҥа хомуурунньугар киирбит кэпсээннэрин дьоруойдара олох араас тургутуутугар, түһүүтүгэр-тахсыытыгар түбэһэн, ханнык да түгэҥҥэ сиэрдээх буолуу, сөптөөхтүк быһаарыныы суолларын көрдүүллэр. Аҕалар уонна оҕолор икки ардыларыгар сыһыан, аныгы ыалы, дьиэ кэргэни таарыйар о.д.а элбэх кыһалҕалар, тапталга бэриниилээх буолуу, икки киһи истиҥ сыһыаныгар улахан охсууну оҥорор, аһыы харах уутунан сууннарар таҥнарыы, ыал олоҕун кэбирэтэр, алдьатар эрэ адьынаттаах күнүү туһунан олоҕу билбит, муударай, элбэх дьону кытта алтыспыт, иитээччи идэлээх ааптар сэрэнэн үөрэтэр, таарыйа иитэр-такайар кэпсээннэрэ ааҕааччыны умсугутуоҕа, толкуйдатар санаалары саҕыаҕа.
“Дьахтар—олох төрдө “ , “Оҕо төрөппүтүн талбат “, “Дьылҕа суола “, “Аҕа дьоло “, “Түүл битэ—олох “ о. д.а—олох түһүүлээх-тахсыылаах суолуттан ылыллыбыт ааҕааччыны долгутар, толкуйдатар кэпсээннэр бары үтүөҕэ, сырдыкка дьулуһан бэйэ олоҕун сааһыланыыга угуйар күүстээхтэр.
Галина ВАСИЛЬЕВА
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: