Олох тупсарын туһугар
Бу сылга бастакы Ил Түмэн бэһис уочараттаах пленарнай мунньаҕар норуот дьокутааттара барыта 47 боппуруоһу көрбүттэрэ. Спикер дьаһалынан икки күҥҥэ бигэргэнэн былааннаммыт мунньаҕы уһата-кэҥэтэ барбакка, дьокутааттар биир күнүнэн түмүктээбиттэрэ. Мунньахха ылыллыбыт сокуоннартан саамай сүрүнүн кылгастык быһа тардан таһаарабыт.
Бэбиэскэнэн 37 сокуон барылын (26 сокуон барыла бастакы ааҕыыга, 11 сокуон барыла иккис ааҕыыга) итиэннэ 4 уураах барылын дьүүллэстилэр. Пленарнай мунньахха СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлэ Кирилл Бычков, СӨ Борокуруора Максим Попов, I ыҥырыылаах Ил Түмэн дьокутаата, СӨ Бочуоттаах олохооҕо, М.К. Аммосов аатынан бириэмийэ лауреата Егор Владимиров, ис дьыала миниистирэ, полиция генерал-лейтенана Владимир Прокопенко, миниистирдэр, о.д.а. кыттыыны ыллылар.
Мировой судьуйалар бигэргэннилэр
Салгыы Алдан, Мииринэй, Үөһээ Халыма улуустарынан мировой судьуйалар дуоһунастарыгар киллэриллибит хандьыдааттары көрдүлэр. Дьүүллэһии түмүгүнэн Ольга Попова 2 №-дээх Алдан улууһун суут учаастагар, Наталья Юзько 9 №-дээх Үөһээ Халыма улууһунааҕы суут учаастагар, Андрей Орлов 18 №-дээх Мииринэй улууһунааҕы суут учаастагар мировой судьуйаларынан бигэргэннилэр.
ИДьМ отчуота биһирэннэ
Ис дьыала миниистирэ, полиция генерал-лейтенана Владимир Прокопенко ИДьМ уорганнарын 2023 сыллааҕы үлэлэрин туһунан отчуотугар Саха сиригэр буруйу оҥоруу Уһук Илин эрэгийиэҥҥэ намыһах көрдөрүүлээҕэ бэлиэтэннэ. 2023 сыл түмүгүнэн кэнники биэс сыллааҕы көрдөрүүлэри кытта тэҥнээтэххэ, Саха сиригэр буруйу оҥоруу регистрацияламмытынан 3%-нан түспүт, оттон Уһук Илин уокурукка – 1,0%, Арассыыйа үрдүнэн – 4,7%. Саамай элбэх буруйу оҥоруу 9 улууска регистрацияламмыт, муҥутуур элбэх буруйданааччы Нерюнгри, Алдан уонна Уус Алдан улуустарынан бааллара быһаарыллыбыт. Дьүүллэһии түмүгүнэн норуот дьокутааттара Владимир Прокопенко иһитиннэриитин биһирээтилэр уонна сибидиэнньэҕэ ыллылар. Ону таһынан салгыы үлэни күүһүрдэригэр, омук гражданнара буруйу оҥорууларын уонна сокуону кэһиилэрин арыйар үлэлэри көдьүүстээхтик ыытарыгар, ис дьыала уорганнарыгар каадырдары тардыы үлэҕэ болҕомтотун уурарыгар баҕардылар. Маны таһынан нэһилиэк баһылыктарыгар учаастактааҕы полиция үлэлиир кэмигэр олорор дьиэнэн уонна үлэлиир кэбиниэтинэн хааччыйалларыгар эттилэр. Ону сэргэ үлэлии турар учаастактааҕы полиция хосторун толору хааччыйыыга, өрөмүөн үлэтин ыытарга тустаах көмө оҥороллоругар быһаарылынна.
Оҕону иитиигэ төлөбүр үрдүүр
Үлэ уонна социальнай сайдыы миниистирэ Елена Волкова иһитиннэрбитинэн, Саха сиригэр тулаайах оҕолору иитэ ылар дьиэ кэргэн ахсаана элбиирэ бэлиэтэнэр. Ол курдук, холобур, 2017 сылга 233 эбит буоллаҕына, 2022 сылга 236 тэҥнэспит. Төрөппүт оруолун үрдэтэргэ, дьиэ кэргэҥҥэ иитэ ылыллар оҕо ахсаанын элбэтэргэ, көрүүтэ-истиитэ суох хаалбыт оҕолор олохторун тэрийэллэригэр сокуон барылынан оҕону иитэ ылбыт төрөппүккэ уонна патронат быһыытынан иитээччигэ иккис уонна онтон кэлэр хас биирдии оҕону иитии иһин харчынан төлөбүрү ааҕар базовай (муҥутуур алын) кээмэйигэр алын коэффициены үрдэтэргэ ылылынна. Бу сокуон барыла былырыын Бүтүн Арассыыйатааҕы Дьиэ кэргэн, таптал уонна эрэллээх буолуу күнүн чэрчитинэн ыытыллыбыт «Сыл дьиэ кэргэнэ – 2023» өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэххэ кыайбыт дьиэ кэргэттэри кытта көрсүһүүгэ Ил Дархан Айсен Николаев сорудаҕынан көрүлүннэ. Сокуон барыла бүтэһик ааҕыыга бигэргэннэ.
Байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар көмө
Байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна дьиэ кэргэттэригэр өйөбүл уонна болҕомто уҕараабат. Ол курдук өрөспүүбүлүкэтээҕи сокуоҥҥа киирбит уонна ылыныллыбыт уларытыыларынан, норуот дьокутааттара босхо юридическай көмөнөн туһанар, ылар бырааптаах дьон ахсааныгар байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин киллэрдилэр. Ону сэргэ судаарыстыбаннай юридическай бюролар уонна албакааттар босхо консультация ыыталларыгар, быраап өттүнэн бары докумуоннары уонна туһааннаах көмөнү оҥорон биэрэллэригэр эбээһинэс сүктэрилиннэ.
Олохтоох салайыныы
Бүгүҥҥү күҥҥэ РФ субъектарын үгүстэригэр олохтоох салайыныы уорганнарын тас экэниэмикэҕэ үлэлэрин боппуруостара ситэ сүрүннэммэккэ тураллар. Манна даҕатан, Саха сирин олохтоох салайыныы сокуонугар уларытыылар киирдилэр. Ол курдук, өрөспүүбүлүкэҕэ муниципальнай тэриллиилэргэ омук кыттыгастаахтарын кытта норуоттар икки ардыларынааҕы уонна тас экэнэмиичэскэй сибээс эйгэтигэр быраап өттүнэн төрүттэрэ суоҕунан, сокуон барылынан өрөспүүбүлүкэ сокуонугар олохтоох салайыныы уорганнара норуоттар икки ардыларынааҕы уонна тас экэнэмиичэскэй сибээһи олохтооһуннарын быраап өттүнэн сүрүннээһини көрөр нуорманы олохтуурга бигэргэннэ. Оччотугар ыйыллыбыт сибээһи олохтуурга биир тэҥ сыһыан хааччыллыаҕа. Дьүүллэһии түмүгүнэн норуот дьокутааттара сокуону бүтэһик ааҕыыга ылыннылар.
Ынах төбөтүгэр 39 тыһ. солк.
Норуот дьокутааттара сокуон барылынан иккис бөлөххө киирэр муниципальнай оройуоннарга уонна куораттааҕы уокуруктарга кэтэх хаһаайыстыбаларга ыанар ынахха көрүллэр төлөбүр кээмэйин 37 тыһ. солкуобайтан 39 тыһ. солкуобайга диэри улаатыннарары быһаардылар. Оттон бастакы бөлөххө киирэр муниципальнай оройуоннарга уонна куораттааҕы уокуруктарга кэтэх хаһаайыстыбаларга ыанар ынахха көрүллэр төлөбүр 37 тыһ. солкуобайтан 45 тыһ. солкуобайга диэри үрдүөҕэ. Ити кэтэх хаһаайыстыбаларга сүөһү аһылыгын, уматыгы атыылаһыы, оту тиэйии ороскуоттарын 27%-нын хааччыйыаҕа диэн норуот дьокутааттара быһаардылар. Маны таһынан уларыйыы үүтү оҥорон таһаарыыга уонна переработкалааһыҥҥа сыһыаннаах. Сокуон барылын көҕүлээһининэн, субвенция кээмэйин үүт биир туоннатыгар 60-тан 65 тыһ. солк. диэри улаатыннарарга этиллэр. Аны туран сокуон уларыйыытынан бурдук ыһыллар иэнин биир гектаарыгар субвенция кээмэйэ 10 тыһ. солкуобайтан 13 тыһ. солкуобайга диэри улаатыаҕа.
Чөл олох
«Чөл туруктаах нэһилиэк» хамсааһын сылтан сыл кэҥээн иһэр. Олохтоох дьаһалта сокуонунан нэһилиэккэ арыгы атыытыттан толору босхоломмут сиринэн биллэрэр быраабын толору туһанан, дьон-сэргэ, уопсастыбаннас көҕүлээһининэн, чөл олохтоох нэһилиэктэр ахсаана элбиир. Ол курдук, олохтоох нэһилиэк дьокутааттарын Сэбиэттэрин көҕүлээһиннэринэн, норуот дьокутааттара Сунтаар улууһун Аллыҥа сэлиэнньэтигэр уонна Ньурба улууһун Быһыттаах сэлиэнньэтигэр арыгы атыытын бобууну өрөспүүбүлүкэтээҕи сокуоннарынан бигэргэттилэр.
Үбүлүөйдээх Ил Түмэн 30 сылын көрсө саха парламена 6 ыҥырыытын тухары уонна 7 ыҥырыыга үлэлии сылдьар норуот дьокутааттара уопсайа 3000 кэриҥэ өрөспүүбүлүкэ сокуоннары ылыммыттар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: