Салгыы
Олох уотун сырдык тыыннаах кыыма Анна Бурнашева

Олох уотун сырдык тыыннаах кыыма Анна Бурнашева

08.10.2024, 19:30
Хаартыска: ааптар тиксэриитэ
Бөлөххө киир:

Ханнык баҕарар сиргэ, дойдуга тиийдэххэ,  олох уотун сырдык тыыннаах кыыма буолан, туох эрэ кэрэни, саҥаны айа, дьону бэйэлэрин тула көҕүлүү, түмэ сылдьар дьон баар буолаллар. Баатаҕай нэһилиэгэр оннук киһинэн Анна Петровна Бурнашеваны ааттыахха сөп.

Ол курдук,  73-с көмүс сааһыгар сөбө суох эдэр көрүҥнээх Далбар хотун сааһырбыттар дэкээдэлэригэр саастаах дьону уһун үйэлэнии кистэлэҥнэригэр үөрэтэн кэлбитэ 18 сыл буолла.

Бу сыллар усталарыгар төһөлөөх тэрээһиннэри тэрийэн, сааһырбыт дьон тус олохторугар өй-санаа, сайдыы өттүнэн үлэлэһэн кэлбитин олохтоохтор кэпсээннэриттэн истэн сөҕөҕүн эрэ.

Нэһилиэк бочуоттаах олохтооҕо, СӨ тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, СӨ бочуоттаах бэтэрээнэ, СӨ агропромышленнай комплексын бочуоттаах үлэһитэ Анна Бурнашеваҕа анаан,  олохтоох култуура дьиэтин үлэһиттэрэ, нэһилиэк дьаһалтата махтал, таптал бочуоттуур киэһэтин тэрийбиттэрэ  да мээнэҕэ буолбатах. Улууспутугар бу курдук өр сыл, таһаарыылаахтык бэтэрээн сүбэтин актыыбынай бэрэссэдээтэлинэн нэһилиэккэ үлэлээн кэлбит киһинэн Анна Петровна буолар диэтэххэ,  омун суох.

Киирээти кытары кини салайар «Алгыс» бэтэрээннэр түмсүүлэригэр ыыппыт үлэтин быыстапкатын көрдүбүт. Ырыа, үҥкүү ансаамбылларын тэрийэн элбэх да күрэхтэргэ кыттан,  үгүстүк бириистээх миэстэлэргэ тиксибиттэр. Успуорт күрэхтэригэр,  бэтэрээннэр спартакиадаларыгар, уо.д.а. көрүҥнэргэ инники күөҥҥэ сылдьыбыттара наҕараадаларыттан, кубоктарыттан көстөр.

Бибилэтиэкэр Августина Пермякова, култуура  үлэһитэ Людмила Лугинова кинилэр үлэлэригэр  Анна Петровна күүс көмө буоларын махталынан бэлиэтээтилэр.

Уран тарбахтаахтар  араас быыстапкаларга кыттыыларын тэрийии, нэһилиэккэ ыытыллар дьаһалларга кыһаллыы барыта бэтэрээннэр кыттыыта суох буолбата биллэр. Онтон түүн-күнүс түбүгүрэ түһээччинэн ордук бэрэссэдээтэллэрэ буолар. Успуорду көҕүлээччи Николай Николаев хаалыктаах хаамыы  кулуубун тэрийэн, күн бүгүнүгэр диэри эдэр ыччыкка тыыннаах холобур буолалларыттан астыналлар.

Улуус бэтэрээннэрин сүбэтин бэрэссэдээтэлэ Олег Фёдорович Фёдоров бэтэрээннэр сүбэлэрин  бэрэссэдээтэлинэн үлэлээһин ыараханын ааһан,  эппиэтинэстээҕин,  сааһырбыт дьоҥҥо болҕомто уурулларын, олох сайдан сааһырбыт дьон элбээн иһэллэрин  туһунан эттэ. Манна барытыгар нэһилиэктэр бэрэссэдээтэллэрэ кылааттарын киллэрсэллэрин бэлиэтээтэ. Солбуйааччыта,  94  саастаах Мария Егоровна Фомина,  Иван Семёнович Калининскай бу тухары Анна Петровналыын үлэлэспиттэрин, кини ыытар үлэтэ киэҥин, өрүү инники кэккэҕэ сылдьарын, этиллибити толороро түргэнин туһунан өрө көтөҕүллэн туран кэпсээтилэр, эҕэрдэ суруктарын, сэмэй бэлэхтэрин туттардылар.

Уон аҕыс сыл хамнаһа суох сааһырбыт дьон сынньалаҥын тэрийэр үлэҕэ күүс буола сылдьар арыалдьыттара Антонина Белолюбская, Алексей Готовцев, Наталья Готовцева  Анна Петровнаны алгыстаабыттара астыннарда. Кинини кытары үлэлээн, тэрийэр дьоҕурун, олоххо дьулуурун, фантазията баайын, ханна даҕаны массыына булан күрэхтэһиннэрэ, кэнсиэртэтэ,сынньата илдьэрин сөҕөн кэпсээтилэр. Салгыы култуура түмэлэ бырагырааманан үлэлээн ылбыт аныгы уотун, саҥарар тиэхиньикэтин  түмэл үлэһитэ Александр Белолюбскай сатабыллаахтык туттуутунан,  сыанаҕа Анна Петровна тэрийбит ансаамбыллара үҥкүүлээн, ыллаан дьоро чааспыт киэргэйэн истэ. Кинилэр бары кыраһыабайдык  сааһырыыны бэлэхтээбит киһилэрин олус убаастыылларын, бэл доруобуйалара көммүтүн туһунан эттилэр уонна махтаннылар.

Дьокуускайтан  «Дууһалыын эдэрдэр” үрүҥ көмүс волонтёрдар салайааччылара  Валентина Сартаева  Анна Петровна кэргэнэ Алексей Николаевич Бурнашевтуун кинилэри кытары үлэлэһэн эрэгийиэҥҥэ  үгүс өрүттээх үлэни ыытыһарын, тэрийэр үлэтэ Арассыыйаҕа тиийэ  биллибитин туһунан кэпсээһинэ уонна дьиэ кэргэнинэн үрүҥ көмүс волонтёрдар буолалларын  туһунан этиитэ дохсун ытыс тыаһынан доҕуһуолланна. Бүлүүттэн волонтёрдар көҥүл түмсүүлэрин чилиэнэ Людмила Леонтьева Анналыын алтыһыыларын, элбэх баай уопутуттан туһаналларын этэн туран ырыанан эҕэрдэлээтэ. Сэмэй бэлэхтэрин, бочуотунай грамоталарын туттардылар. Нэһилиэк тэрилтэлэрин салайааччыларын, нэһилиэктэр бэтэрээннэрин бэрэссэдээтэллэрэ кини ыытар үлэтин салгыы саҥа бэрэссэдээтэл сайыннаран үлэлииригэр эрэнэллэрин биллэрдилэр, бэлэхтэри туттардылар, мусукаалынай доҕуһуоллаах буоллулар. Анна Петровна нэһилиэккэ саамай улахан кылаатынан үйэтитиигэ үлэлиирэ буолар.

Үлэнэн киэргэйбит олох дьоро чааһа ыалдьыттары арыылаах алаадьынан, саламаатынан айах тутуунан, алгыһынан арылынна. Түөрт оҕо, сиэннэр тапталларынан угуттаммыт кэрэ, мааны Ийэ хотуну үйэ аҥаара бииргэ сылаастык, сымнаҕастык олорор тойон эрэ,  чөл, доруобай олох пропагандиһа, сэбиэскэй,  бартыыйынай салайааччы Алексей Николаевич Бурнашев арыаллаан киллэриитэ дохсун ытыс тыаһынан көрсүлүннэ.

Анна Петровна, Алексей Николаевич кийииттэригэр, күтүөттэригэр кыргыттарын, уолаттарын курдук сыһыаннаһаллар, дьиэ кэргэҥҥэ түмсүүнү өрүүтүн түстүүллэр. Ол да иһин,  Саҥа дьыл кинилэр тэлгэһэлэрин тас өттүттэн ааһан иһээччини эмиэ  үөрдэр, остуоруйа дойдутунан буолар. Кыайыы күнэ, сайыны көрсүү тэлгэһэттэн кими баҕарар угуйар. Дьиэ кэргэн өргө диэри сүөһү тутан, балаҕан туттан, бэл хотонун өрөмүөннэтэн мусуойга кубулутан,  чахчы да сахалыы тыыны иитэр. Кыыстара,  Баатаҕай оскуолатын дириэктэрэ Алевтина Алексеевна:  «Ийэбит тэрийбит  саха ыалын мусуойугар дьиэ кэргэн,  сиэҥҥэ тиийэ көстүбэт үлэһиттэрбит»,  — диэн этиитэ мустубут дьону үөртэ. Ыалдьытымсах ыалтан элбэх киһи махтанан тахсара бэйэтэ улахан алгыска тэҥнээх  уонна  дьиэҕэ хаалар диэн былыргы саха хоноһотун этиитэ бу ыалга көстөр.

Ульяна БУРНАШЕВА, Уус Алдан, суруналыыс

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
12 декабря
  • -43°C
  • Ощущается: -43°Влажность: 66% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: