Олох устун – оһуордаах суолунан
Валентина Саввична уонна Егор Петрович Саввиннар ыал буолан, дьиэ-уот тэринэн, оҕо-уруу тэнитэн, үлэлээн кэлбит олохторун туһунан “Олохпут оһуордаах суолунан” кинигэ биһирэмэ Арчы дьиэтигэр олус истиҥ, эйэҕэс эйгэҕэ буолла.
Саввиннар ыал буолан олорбуттара 40 сылыгар, ыал аҕа баһылыга 65 сааһыгар, дьылҕаларын холбообут “Сардаана” фабрикалара тэриллибитэ 55 сылыгар анаммыт кинигэ дьоруойдарын кэпсээннэриттэн чахчы да саха биир маанылаах, талааннаах ыалын туһунан өссө элбэҕи биллибит-көрдүбүт.
Саввиннар оҕолуун-уруулуун – айылҕаттан талааннаах, саха төрүт үгэстэрин үйэтитиигэ улахан кылааттарын киллэрбит саха сэмэй ыала.
Валентина оскуола кэнниттэн дойдутугар Мэҥэ Хаҥалас Тараҕай с. икки сыл үлэлээн баран, художественнай училищеҕа туттарсар баҕалаах Дьокуускайга кэлбитэ. Дьүөгэтэ “Сардаана” фабрикаҕа үлэлиирин, сувенир оҥорорун ымсыыра истэрэ. Кинини көрсөн сүбэлэһэн баран, Валентина үлэҕэ киирэргэ сайабылыанньа суруйбута. Фабрика оччотооҕу дириэктэрэ Рафаил Захаров талааннаах кыыһы таба көрдөҕө буолуо, анал үөрэҕэ суох киһини сувенир сыаҕар үлэҕэ ылбыта. Кыыс түүлээх, тыс сыыстарыттан араас көбүөрдэри, паннолары, суумкалары, таапачыкалары оҥорон барбыта. Кини 1980 сыллаах Олимпиаданы көрсө таба тыһын сыыһыттан эгэлгэ бэйэлээх талисман эһэкээннэри, медальоннары оҥорбуттарын күн бүгүҥҥэ диэри олус күндүтүк саныыр.
Оттон Гоша 8-с кылаас кэнниттэн художественнай училищеҕа муостан, мастан чочуйар идэҕэ хайыы үйэ үөрэммит киһи кэлбитэ. Муосчуттар сыахтарыгар саҥардыы үлэлээн иһэн, аармыйаҕа ыҥырыллан барбыта уонна 1982 с. фабрикатыгар эргиллэн кэлбитэ.
Ол үлэлии сырыттахтарына, тэрилтэлэрин идэлээх сойууһа путевка биэрэн, фабрика эдэр ыччата Өлүөнэ очуостарыгар теплоходунан уста, сынньана айаннаабыттара. Валялаах Гоша 3 күн устата сэһэргэһэн, бэйэ-бэйэлэрин үчүгэйдик билсэн, наар бииргэ сылдьар буолбуттара. Эһиилигэр ыал буолбуттара, саҥа ананан кэлбит дириэктэр Иван Спиридонов бэйэтин кэбиниэтигэр ыҥыртаан алгыс тылын анаабыта. Онно илиилэригэр талааннаах дьон таптал истиҥ иэйиитигэр бигэнэн тиктибит, оҥостубут сахалыы таҥастарын кэтэн кэлбиттэригэр оччолорго олус сонургуу көрбүттэрэ.
Валентина Саввична-Оһуордаах – СӨ норуотун уус-уран оҥоһуктарын маастара, Тараҕай нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, “Айар кут” хоһоон айааччылар уонна суруйааччылар өрөспүүбүлүкэтээҕи сойуустарын чилиэнэ; Егор Петрович – РФ Худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ, РФ үтүөлээх худуоһунньуга.
Ити кэмтэн ыла номнуо 40 сыл ааһа оҕуста. Саввиннар билигин элбэх сиэн эбээлээх-эһээтэ буолан олороллор. Уоллара Сарыал кэргэнэ Иванналыын Сайаана, Сандаара, Сандал диэн оскуолаҕа үөрэнэр оҕолордоохтор. Кыыстара Саргылаана уонна Михаил Гороховтар 5 оҕолоохтор, Мииринэй куоракка олороллор. Сиэннэр Самаана, Айхаана, Дархан – оскуола дьоно, Айхал, Айгылаан – уһуйаан иитиллээччилэрэ.
Ааттыын да “Оһуордаах”
Айар талааннаах кэргэнниилэр олоҕу кытта тэҥҥэ хардыылаан, төрөөбүт нэһилиэктэриттэн саҕалаан, өрөспүүбүлүкэҕэ тиийэ араас тэрээһиннэргэ көхтөөхтүк кытталлар, эдэр дьоҥҥо үтүө холобур буолаллар. Кинилэри билэр дьон Саввиннар сырдык эйгэлээх, айыы айылгылаах, чөл куттаах дьиэ кэргэн буолалларын астына бэлиэтииллэр.
Наҕыл-намчы бэйэлээх, олус кэрэ мөссүөннээх, билиҥҥэ диэри хойуу субурхай суһуохтаах Валентинаны көрдөххүнэ, кини саҥатын, ырыатын иһиттэххинэ, орто дойду олоҕо барыта уу-нуһараҥ буола түһэргэ дылы. Кинилиин көннөрү аҕыйах тылынан кэпсэттэххэ даҕаны, киһи ис-иһиттэн сырдыыр, эн эмиэ туох эрэ кэрэни, үйэлээҕи оҥоруоххун баҕараҕын.
Валентина Саввична айар үлэтигэр сонуну, дьиктини көрдүүр уратылаах, үтүө санаатын, иэйиитин ууран туран иистэнэр. Ол да иһин, үөрүүнү, кэрэни эрэ түстүүр оҥоһуктар айыллан тахсаллар. Талааннаах Далбар нарын илиититтэн оһуор-бичик буолан тахсыбыт оҕуруолаах симэхтэрин, киэргэллэрин, сарыы сэлиэччиктэрин, кыһыҥҥы үтүлүктэрин уонна бэргэһэлэр кэмпилиэктэрин, билэлэрин уо.д.а. көрбүт эрэ киһи сөҕөр-махтайар.
Кэрэ киһи ааттыын да “Оһуордаах”. Иис оҥоһуктарыгар уонна хоһоонноругар кини нарын буочара оһуордуу нарыннык тиһиллэллэр. Хоһоонноро ырыа буолан көтөллөр, ону ардыгар кэргэниниин толорон, билэр дьонун сүргэлэрин көтөҕөллөр. Аны буочара эмиэ кырыылаах оһуорга маарынныыр. Аныгы үйэ сиэринэн, социальнай ситимҥэ суруйан ыытар илдьиттэригэр эмиэ суолта биэрэр, куруһуба оһуорунан олус истиҥ тылларын тиһэн кэбиһэн кэрэхсэтэр.
Талаан удьуорунан бэриллэр
Ыал аҕа баһылыга Егор Петрович олус сэмэй, элэккэй, эмиэ айымньылаах үлэлээх киһи. Кини туппутун ыһыктыбат туруу үлэһитэ муос, таба, сэлии оҥоһуктарыгар көстөр.
1990 сылтан “Сардаана” фабрика кыттыылаах тас дойдуларга тиийэ ыытыллар норуоттар икки ардыларынааҕы быыстапка-дьаарбаҥкаларга Австрияҕа, Францияҕа, Японияҕа, Германияҕа тиийэ сылдьыбыта.
Дэгиттэр талааннаах Егор Петрович кэлиҥҥи сылларга “Сардаанаҕа” бииргэ үлэлээбит уолаттарын кытары хамаанда тэрийэн, муус оҥоһуктарынан араас дойдуларга сырытта. Муосчут, ювелир, шелкограф идэтигэр уһуйуллубут уола Сарыаллыын иккиэн таһаарыылаахтык үлэлииллэр. Уолунуун уонна ювелир идэлээх кыыһа Саргылааналыын кыттан, муус оҥоһуктарыгар бастаан тураллар. Дьон саллан ылсыбат үлэтин уоллаах-аҕа сыа-сым курдук оҥорон, тиһэҕэр тириэрдэр үгэстээхтэр. Онтон сайын ыһыахтыыр түһүлгэлэргэ улуустар көрдөһүүлэринэн сэргэлэри оҥороллор. Егор Петрович Москванан, Санкт-Петербурунан, Алясканан, Финляндиянан сылдьан, саҥа үөрэҕи бүтэрбит эдэр үлэһиттэргэ настаабынньыктаан, элбэх ыччаты үөрэттэ.
Уоллара Сарыал Саввин 2006 с. П.Романов аатынан Дьокуускайдааҕы художественнай училище прикладной отделениетын бүтэрбитэ. “Драгоценности Якутии”, “Золото Якутии” тэрилтэлэргэ үлэлии сылдьыбыта. Үгүс куонкурустарга, чемпионаттарга, бэстибээллэргэ муоһунан оҥоһуктарынан кыайыылаах үрдүк аатын ылбыта.
Кыыстара Саргылаана “Харысхал” чааһынай тэрилтэҕэ уонна “Симэх” фирмаҕа ювелир-дизайнерынан үлэлээбитэ. Билигин кэргэнин дойдутугар Мииринэйгэ оҕолорун көрөн олорор.
Ити курдук, өбүгэлэрбит хаалларбыт үгэстэрэ сүтэн-симэлийэн хаалбакка, саҥалыы тыыннанан сайдалларыгар дьиэ кэргэнинэн биир тылы булан айымньылаахтык үлэлиир Саввиннар олохторун анаабыт тэрилтэлэригэр киллэрбит кылааттара эмиэ элбэх. Ол курдук, Валентина-Оһуордаах айбыт билэтин, үтүлүгүн оһуордарын аныгы иистэнньэҥнэр билигин да тутталлар.
“Билигин буолбатаҕына – хаһан?”
Оҕолор төрөппүттэрин истиҥ тапталларыгар улаатан, дьиэ кэргэн үгэстэрэ, утум салҕанар.
Кыыстара Саргылаана: “Аҕабыт биһигини кыра эрдэхпититтэн уруһуйдуурга, уһанарга үөрэппитэ. Дьоммут айылҕаҕа, тулалыыр эйгэбитигэр харыстабыллаахтык сыһыаннаһарга ииппиттэрэ. Иккиэн олус аһыныгас, уйан дууһалаахтар. Чугас дьоннорун кыһалҕаларыгар, төһө кыалларынан, куруук көмөлөһөллөр. Ийэбит хаһан да куһаҕан тылынан саҥарбат сайаҕас майгылаах. Тугу эрэ улаханы былааннаатаҕына, эбэтэр саҥа оҥоһуктары айарыгар хараҕа уоттана түһэр уонна былаанын хайаан да толорор. Үлэтиттэн астыныыны-дуоһуйууну ыллаҕына, дьон махтаннаҕына ис-иһиттэн үөрэр уонна өссө тэптэн үлэлиир. Дьоҥҥо наар үчүгэйи эрэ көрөр. Кимтэн эмэ хомойдоҕуна, кэпсэтимиэн сөп, оннук чараас дууһалаах. Кини олоххо тутуһар тускула – “Билигин буолбатаҕына хаһан?”
Санньыйбыт санааны көтөҕөр
Сылаас тыллары этэҥҥин,
Сөҕүрүйбүт мин иэйиибин
Саҥаттан уһугуннарыаҥ дуо?
Сардаҥалаах сарсыардаҕа,
Саҥа күнү көрсөргө дуу
Сибигинэйэн оргууй аҕай…
Сэгэртэйим, аналлааҕым.
Сааһырыыбыт үктэлин
Сиэттиһэммит атыллаан,
Сарыннартан өйөнсөммүт
Саһарҕаны көрсүөхпүт дуо.
Субуллар олохпут суолугар
Сиргэ түспүт аналынан
Сүүс-сүүстэн даҕайсаммыт
Сылдьыахпыт дуу, сэгэрим.
Оһуордаах.
ХААРТЫСКА: Саввиннар дьиэ кэргэннэрит архыыбыттан уонна ааптар түһэриилэрэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: