“Лайфхак” диэн аныгы тыл туох суолталааҕый? Киһи күннээҕи олоҕор туох эрэ киитэрэһи, сонун дьайыыны арыйдаҕына, билбэтэҕин биллэҕинэ, маннык ааттыахха сөп. Ол курдук, биһиги олохпутугар өссө да биллэ илик “лайфхактар” элбэхтэр. Туһалаах сүбэлэри тускутугар туһаныҥ!
Чүмэчини уматыы
Дириҥ түгэхтээх иһиттээх чүмэчини испиискэнэн уматар уустук, илиигин сиэтиэххин сөп. Онон дьиэҕэ уһун мас, тымтык суох буоллаҕына, спагеттины ылан, испиискэнэн уматан баран, чүмэчини даҕайан уматар быдан чэпчэки буолар. Спагетти бэркэ умайар эбит.
Маркер суолун хайдах сотуохха?
Сорохтор кинигэҕэ уонна тэтэрээккэ маркерынан суруйан, бэлиэтиир идэлээхтэр. Оттон маркер суолун хайдах сотуохха сөбүй? Баатаҕа лимон сүмэһинин биһэн баран, маркер суолун батыһыннара сотуҥ. Маркер суруллубута олус ыраата илик буоллаҕына, ордук түргэнник сотуллар. Оттон, төттөрүтүн, фломастер, эбэтэр, маркер хатан хаалбыт буоллаҕына, хаппаҕын арыйан, испиири, буокканы куттахха, олус бэркэ суруйар буолуоҕа.
Сиэмэни харайыы кистэлэҥэ
Сорох табаардарга хоруопкаларын иһигэр кыра бакыаттаах кремнезем (силика-гель) баар буолар. Бу сииктэн харыстыыр бакыаттар буолаллар. Балары быраҕымаҥ, иккистээн туһаныахха сөп. Холобур, сааскы ыһыы кэнниттэн сиэмэ ордон хаалбыт буоллаҕына, салгын киирбэт, хаппахтаах хоруопкаҕа угаттаан баран, маннык бакыаттары эбии угуҥ. Оччоҕо сиэмэ сиигириэ, түүнүгүрүө суоҕа, сибиэһэйдик хараллыаҕа.
Сиэркилэ сиигирбэтин туһугар
Бааннаҕа сууммут кэнниттэн, итии паартан сиэркилэ туманныран хаалар. Бу курдук элбэхтик сиигирэр буоллаҕына, кытыытынан хоҥнон, алдьанан киирэн барыан сөп. Оттон массыынаҕа туттуллар буосканан (автомобильный воск) сотон баран, кураанах тирээпкэнэн кылбаччы ыраастаатахха, хаһан да сиигириэ суоҕа. Бу маннык буосканан хаар күрдьэр күрдьэҕи соттоххо, хаар сыстыбат, мууһурбат буолар. Массыына түннүгүн, сиэркилэтин эмиэ сотооччулар.
Наклейканы хоҥноруу
Сороҕор оҕолор миэбэлгэ, истиэнэҕэ, халадыынньыкка наклейкалары сыһыаран кэбиспит буолаллар. Бу манныгы хоҥнорор олус уустук. Ону тэҥэ, саҥа иһит түгэҕэр сыстыбыт наклейкалар баар буолаллар. Наклейкалары итии фенынан үрдэрэн, сылыта-сылыта, хаптаҕай шпателынан көмөлөһүннэрэн, хоҥуннарыахха сөп эбит.
Быһаҕы, кыптыыйы сытыылааһын
Дьиэҕэ быһаҕы сытыылыыр тэрил суох буоллаҕына, хайдах гыныахха сөбүй? Керамика чааскыны, миискэни түҥнэри тутан баран, түгэҕэр баар кыраасканан биһиллибэтэх иитигэр аалан, быһаҕы, эбэтэр, кыптыыйы ыксалга сытыылыахха сөп эбит.
Күлүүһү, харчыны кистээһин
Харчыны кистииргэ косметика иһитин туһаныахха сөп. Холобур, пляжка сөтүөлүү сылдьан, харчыгын ханна хаалларыаххыный? Ууга илдьэ киирбэтиҥ, көһүлүөккэ укта сылдьыбатыҥ чахчы. Бүппүт помада хаатыгар харчыны эрийэн уган баран, таҥас быыһыгар кистиэххэ сөп.
Сороҕор даачаҕа күлүүһү кистээн хаалларыы наада курдук буолааччы. Эмп бааҥкатыгар күлүүһү уган баран, хаппаҕар бэс туорааҕын килиэйдээн сыһыараҕыт. Бу кэнниттэн туораҕа эрэ көстөрүн курдук, бэлиэ соҕус сиргэ бааҥканы көмөн кэбиһэҕит. Болдьоспут киһи күлүүһү кэбэҕэстик булар, атын киһи булар кыаҕа суох.
Бакыаттары харайыы
Хас куукуна аайы бакыат иһигэр салаппаан бакыаттар мунньуллаллар. Бакыаты иккистээн туһанар үчүгэй буоллаҕа. Ол эрээри, баппакка, ыһыллан-тоҕуллан хаалаллар. Бакыаты табыгастаахтык ылар туһуттан, кумааҕы салпыаккалар хордуоҥка хоруопкаларын туһаныахха сөп. Салпыакката бүппүт буоллаҕына, хоруопканы ылан, ыскаап ойоҕоһугар икки өрүттээх скотчунан сыһыараҕыт, онно бакыаттары сааһылаан угаҕыт. Хоруопка хайаҕаһынан бакыаты субуйан ылар олус табыгастаах.
Наскыны туһаныахха сөп
Билиҥҥи кэмҥэ муоста сууйарга араас швабра көрүҥэ элбэх. Сороҕор анал тирээпкэлэрэ эргэрдэхтэринэ, саҥаны атыылаһыахха наада буолар. Маныаха махровай наскыны ылан, бэрт судургутук кэтэрдэн кэбиһэн баран, муостаны сууйуохха сөп.
Бакыаты быһыы
Бэйэлэрэ хатыырдаах былаастык бакыаттар олус табыгастаахтар. Ол эрээри, сороҕор маннык бакыакка икки кыра малы угуохха наада буолар. Быһаҕы ититэн баран, бакыаты ортотунан быһан, аҥаардаан кэбиһэҕит. Оччоҕо икки бакыат бэлэм буолар. Итииттэн быһыллыбыт сирэ силимнэнэн хаалар.
Көбүөр анныгар туох баарый?
Көбүөргэ үктэнэргэ ордук сымнаҕас, халыҥ буоларын туһугар, анныгар ковролины кээмэйдээн быһан баран, тэлгиигит. Ковролин сыаната удамыр, быһарга да чэпчэки, халтарыҥнаабат. Оттон көбүөр үктэнэргэ, олорорго олус сымнаҕас, халыҥ буолар.
Абажуру ыраастааһын
Лаампа абажурдара быылы, дьиэ кыылларын түүлэрин магнит курдук тарда тураллар. Инчэҕэй тирээпкэнэн соттоххо, быыла соччо сотуллубат, иҥэн хаалыах курдук. Таҥастан быылы ыраастыыр анал валик баар буолар, ол онон соттоххо, абажур бэркэ ыраастанар.
Ыаһы хоҥноруу
Ыстыыр ыас муостаҕа, таҥаска, миэбэлгэ, көбүөргэ сыстан хааллаҕына, хоҥнон быстыбат. Ону хайдах ыраастыахха сөбүй? Салаппаан бакыакка мууһу уган баран, сыстыбыт ыас үрдүгэр уураҕыт. Чаас аҥаарынан ыас тоҥон хаалбытын кэннэ, тимир быһаҕынан кыһыйан ылар дэбигис буолар.
Утаҕы түргэнник сойутуу
Сайын куйааска тымныы утаҕы иһиэххитин баҕарар буоллаххытына, хайдах түргэнник сойутуохха сөбүй? Бытыылканы, эбэтэр бааҥканы инчэҕэй кумааҕы сотторунан (бумажное полотенце) суулаан баран, морозильникка угаҕыт. Оччоҕо утах ордук түргэнник тымныйыаҕа.
Атах таҥаһын ыраастааһын
Маҥан кеда үксүгэр саһаран, киртийэн хаалар. Бу маны хайдах маҥхатыахха сөбүй? Тиис суунар паастаны суокканан атах таҥаһыгар сотон баран, 10 мүнүүтэҕэ хааллараҕыт. Бу кэнниттэн мыылалаан сууйан кэбиһэҕит. Ордук эрэһиинэтэ маҥхайар, сырдыыр.
ХААРТЫСКА: HTTPS://1GAI.RU HTTPS://OBZORPOSUDY.RU HTTPS://MOON-R.RU
Маны билэҕит дуо? Куоска минньигэс амтаны билэр дуо? Оттон саамай улахан кинигэ төһө ыйааһыннаах буолуо…
Бүгүн, ахсынньы 11 күнүгэр, Бырабыыталыстыба дьиэтигэр, Өрөспүүбүлүкэ саалатыгар "Мин Сахам сирэ XXI үйэҕэ" үтүө дьыала…
2024 сылга Саха сиригэр «Безопасные качественные дороги» бырагырааманан алта муостаны туттулар. Бу туһунан массыына суолун…
Бит-билгэ туһунан төһө билэҕин? Киэһэ хойут дьиэҕит муостатын сууйар буоллаххытына, этэҥҥэ сылдьыыгытын, үтүө туруккутун сууйаҕыт.…
2025 сылга Өрөспүүбүлүкэтээҕи офтальмологическай балыыһа тэриллибитэ 100 сылын туолар. Бу бэлиэ күнү көрсө, ахсынньы 11…
Соторутааҕыта Дьокуускайга муусука учууталларын “Музыкальнай палитра” 1-кы аһаҕас идэтийбит куонкурустара буолан ааста. Куонкурус уһулуччулаах муусука…