Салгыы
Олоххо дьулуһуулаах урбаанньыт

Олоххо дьулуһуулаах урбаанньыт

08.09.2024, 17:00
Хаартыска: Дьулус Говоров тус архыыбыттан.
Бөлөххө киир:

Оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан бэйэ дьыалатын тэриммит урбаанньыт баарын билэҕит дуо?

Мэҥэ Хаҥалас улууһун биир биллэр-көстөр урбаанньыта, Балыктаах сэлиэнньэтин олохтооҕо,  26 саастаах  Дьулус Говоров  өссө ахсыс кылааска үөрэнэ сылдьан бэйэ дьыалатын тэринэргэ соруммута.

Ол санаа хайдах уонна туох­тан саҕыллыбытын туһунан төрөөбүт дойдутугар тыа хаһаа­йыстыбатын салаатын сайыннара сылдьар Дьулус Говоровы кытта анаан көрсөн кэпсэттибит.

Хаартыска: Дь.Говоров архыыбыттан.

Оскуолаттан саҕалаан дьулуһуу

– Дьулус, аатыҥ да этэринии, бэйэ дьыалатын тэринэргэ олох оҕо сааскыттан дьулуспут эбиккин дии.

– Аҕам Геннадий Гаври­льевич миигин кыра эрдэхпиттэн дьиэ хаһаайыстыбатын көрөргө уһуйбута-такайбыта. Убайдарым, эдьиийим үөрэх дьоно буолан, үлэ барыта миэхэ тиксибитэ диэххэ сөп. Ийэм Ангелина Николаевна учууталлыыр буолан, оскуолаттан ордубат этэ. Онтон дьиэ үлэтигэр сыстаҕаспын көрөн, дьонум сыыйа “бу уолбут хаһаа­йыстыбабытын тутар киһи буолууһу” диэн  эрэнэр курдук буолбуттара. Ахсыска үөрэнэ сырыттахпына, ийэм сонун­наах кэлбитэ: “Учууталлар идэлэрин үрдэтэр институт үлэһитэ Гаврил Адамов “Сир эдэр хаһаа­йына” диэн бырайыагар төрөөбүт дойдуларыгар хаһаа­йынныы сыһыаннаах оҕолору түмэр соругу туруоран үлэлээн эрэрин истэн, төлөпүөнүн ылан кэллим. Дьулуспутун, хата, ити туһаа­йыынан сайыннарыахха наада”, – диэн эппитигэр, аҕам бэркэ сэргээбитэ. Мин оччолорго төрөппүттэрбин истэ үөрэммит киһи, туох силистээх-мутуктаах дьыалаҕа ылсан эрэрбитин иҥэн-тоҥон ыйыталаспатаҕым. Гаврил Адамовтыын билсэн, сорудаҕын толорон, аҕам иитэр сылгыларын үөрэтэн, чинчийэн барбытым. Бэһис кылаастан “Инникигэ хардыы” кэмпириэнси­йэҕэ сылгы иитиитин туһунан тиэмэни талбыт буолан, миэхэ салгыы үлэлиирбэр “күөх уот” умайбыта диэхпин сөп. “Сир эдэр хаһаайына” быра­йыакка кыттыһан, саас аҕабын кытта сылдьан төрүөҕү кэ­­тиир, чинчийэр научнай хабаан­наах үлэни ыытар буолбутум. Учууталларым бу үлэбин өйөөн, хас да хонукка үөрэхпиттэн көҥүллүүллэрэ. Онон, үөрэхпин ситиһэр инниттэн, туспа “зачетнай кинигэлэммитим” эҥин. 2016 сыллаахха оскуолабын бүтэриибэр сылгыны үөрдээн иитиигэ бэйэ дьыалатын арыммытым. 2017 сыллаахха Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин иһинэн ыытыллар “Эдэр пиэрмэр” граныгар кыттан, “Беларусь” тыраах­тар ылыммытым.

Табыгастаах үөрэх

– Идэҕин таларгар өр толкуйдуу барбакка, тыа хаһаайыстыбатын салаатын таллаҕыҥ дии?

– Бириэмэбин сүтэрбэт наадаттан орто анал үөрэххэ киирбитим. Тыа хаһаайыстыбатын тиэхиньукумун сир уонна баай сыһыаннаһыыларын салаатын (отделение земельно-имущественных отношений) бүтэрбитим. Билигин докумуону кытта үлэҕэ тустаах үөрэхтээҕим олус туһалыыр. Ол курдук, сир боппуруостарыгар ыарырҕаппаппын.

Харчы – үүккэ

– Тыа хаһаайыстыбатын салаатыгар уопут­таах урбаанньыт буола үүммүт киһи санааҕар, сылгыны иитэр ордук дуу, ынах сүөһүнү дуу?

– Балыктаахтан 20 км тэ­­йиччи Алаҕар диэн учаас­такпытыгар сылгы баазалаах­пыт. Онно аҕабынаан түөрт үөрү тутабыт. Аҕабар махтанабын – сылгыны кини көрөр-истэр. Ахсаанынан ынах сүөһүм элбэх. Уопсайынан, сүөһүнү иитэр быдан барыстаах эбит дии санаатым. Ол иһин ынах сүөһү ахсаанын элбэтэр соруктаахпын. Билигин 30-тан тахса ынах сүөһүлээхпин. Онтон ыанара – 14 төбө. “Харчы үүккэ эбит” диэн түмүккэ кэлэн, эһиил­гиттэн Балыктаах кытыытыгар 50 төбө сүөһү турар хотонун туттуом.

Хайа боруода ордугуй?

– Уопуттаах пиэрмэр киһи толкуйгар, ынах хайа боруодата ордугуй?

– Кэтээн көрүүбүнэн үүттээҕинэн “голштинскай” боруо­да ордук эбит. “Сэмэнтээл” тыа сиригэр эмиэ үчүгэй. “Холмогор” боруодаттан эмиэ иитэбин. “Голштинскай” боруо­даны Чурапчы Чыаппаратын сис ыалыттан Лыткиннартан атыыласпытым. Кинилэр министиэристибэ граныгар тиксэн баран, анаан ыйыталаһан Ол боруода тэнийэн, Балыктааҕы буллаҕа. Дьоҕус биисинэс салаатыгар атаҕар туран эрэр урбаанньыт буоларым быһыытынан, үүттээх боруодаҕа “охтобун”.

Сытыы боппуруос үгүс

– Тыа сиригэр бэйэ дьыалатынан дьарыктанарга туох уустуктар баалларый?

– Бастатан туран, уматыкка, саппаас чааска уонна сүөһү эбии аһылыгар сыана үрдүү турар. Сүрүн кыһалҕа – үлэһит илии тиийбэтэ. Ыанньыксыт, сүөһү көрөөччү, от киллэрээччи дьон үлэлии-үлэлии баран иһэллэр. Төрүөтэ – хамнастарын мыыналлар.

Саха сирин үрдүнэн тыа сирин өссө биир кыһалҕата – ходуһа тиийбэт. Билигин дьон үксэ оттообот алаастарын “эккэ оттотобут” дииллэр. Урбаанньыттарга, пиэрмэрдэргэ ол охсуулаах дьыала. Сокуонунан чааһынайга киирбит төһөлөөх хаарыан­наах сирдэр оттоммокко хаалан, көннөрү эрбэһининэн бүрүллэн тураахтыыллара буолуой?! Маныаха өрөспүүбүлүкэҕэ Сир сокуонугар оттоммокко турар алаастары хайаан да туһаҕа таһаарар гына пуун наада. Ил Түмэн дьокутааттара бу сытыы боппуруоска иҥэн-тоҥон үлэлэһэллэрэ буоллар.

Олохтоох салалта өйүүр

– Улуускутугар үс сылы быһа Тыа хаһаайыстыбатын сыллара биллэриллэн тураллар. Бу эһиэхэ, урбаанньыт-пиэрмэрдэргэ, төһө өйөбүллээҕий?

– Тыа хаһаайыстыбатын сыллара биллэриллиэҕиттэн улуус да, тыа хаһаайыстыбатын управлениетыттан да, нэһи­лиэк да салалталарыттан тустаах болҕомто күүскэ ууруллар буолла. Сотору-сотору араас сүбэ-мунньахтарга ыҥыраллар, санаабытын истэллэр, туох өйөбүлү оҥоруохтарын сөбүн ыйыталаһаллар, көмөҕө илиилэрин утары ууналлар. Бу атахпытыгар туран, сайдыыга дьулуһар дьоҥҥо олус улахан өйөбүл.

Төрөөбүт дойдуга бэриниилээх ыччат

– Дьулус, эн тыа хаһаа­йыстыбатын салаатыгар оскуолаттан куорсун анньыммыт урбаанньыккын. Оттон бэйэҥ эн курдук төрөппүттэригэр көмөлөһө сылдьан, тыа сирин олоҕор чугаһыы сатыыр оҕону бэлиэтии көрөн, кинини өйүүгүн дуо?

–  Мин уол оҕо быһыытынан обургу сааспар успуорка уонна хара үлэҕэ Дорҕоон Дохсуҥҥа уһуйуллан тахсыбытым. Ол иһин билигин кини иитээччилэрин эмиэ өйүүбүн. Сайын аайы Дорҕоон Дохсун  куорат 10 обургу уолун илдьэ тахсан, миэхэ Алаҕарга кэлэн илиинэн от охсоллор. Биир өттүнэн, миэхэ да көмөлөөх, иккиһинэн, уолаттары иитии­гэ да мин усулуобуйа тэри­йэн өйүүбүн. Балыктаах оскуолатын дириэктэрэ Егор Иванов оскуо­ла оҕолоругар үлэ лааҕырын тэрийэн үлэлэтэр, олох­тоох хаһаайыстыбаларга сыһыаран көмөлөһүннэрэр. Холобура, Ньургун Габышевка оҕолор идэһэ өлөрүүтүгэр сылдьаллар.

… Дьулус Говоров урбаан­ньыт доҕотторун – Ньургун Габышевы, Илья Мохна­чевскайы кытта “Үс пиэрмэр” диэн түмсүү тэринэн, бэ­­йэ-бэйэлэригэр көмөлөһөллөрүн ааһан, биир дойду­лаахтарын эмиэ өйүүллэр эбит. Ол курдук,  Саҥа дьылга элбэх оҕо­лоох ыалларга 45 медовай торт оҥорторон бэлэх ууммуттар, ыһыахха матасыыкыл би­­риис туруорбуттар. Онон эдэр урбаанньыт Дьулус Говоров тыа сиригэр ыччат тус олоҕун олохтоохтук оҥостон, сайдыы саҕахтарыгар сонун сүүрээннэри киллэриэн сөп диэн са­­наанан салайтаран, айар-тутар, төрөөбүт дойдутун сайыннарар.

+1
48
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
2
+1
2
Бары сонуннар
Салгыы
22 ноября
  • -25°C
  • Ощущается: -32°Влажность: 77% Скорость ветра: 3 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: