Биир сайын куорат таһыгар сир астаан баран сатыы кэлэн испиппит. Биир эмэ массыына тохтууругар улаханнык эрэммэт буоламмыт, ол туһунан санаан да көрбөтөхпүт. Айылҕаҕа сылдьан дуоһуйан, сылайыы да умнуллан, төттөрүтүн, суолбут хоту дьүккүөрдээхтик хааман испиппит. Ол истэхпитинэ, арай, иннибитигэр Тойота Ноах массыына кэлэн тохтообутугар олус соһуйбуппут. Көрө түспүппүт: уруулга хаһан да, ханна да көрбөтөх кэрэ аҥаарбыт мичээрдии олороро. “Кыргыттаар, билигин да дьиэҕит ыраах буолуохтаах. Олоруҥ-олоруҥ!” – диэбитигэр бэл, дьиибэргээбиппит.
Массыынаҕа киирэн айах атан кэпсэтэн билсибиппит – «суоппарбыт» биһиги олорор сирбит диэки учаастак ылан дьиэ туттан олорор эбит. “Туох үтүө санаалаах Далбар хотунай? Биһиги биир да массыынаны тохтото сатаабатахпыт да иһин, бэйэтэ баҕа өттүнэн тохтоон олордулатыыр. Үтүө санаалаах дьоннор билигин да бааллар эбит…” – диэн үөрэ санаабыппын умнубаппын.
“Сир-дойду кыараҕас” диэн мээнэҕэ эппэттэр эбит. Арай, кэлин ол үтүө санаалаах кэрэ киһини балыыһаҕа үлэлии сылдьарын көрөн наһаа үөрбүтүм. Онтон атын дьүөгэлэрбиттэн кини кимин билбитим уонна, этэргэ дылы, тылбыттан маппытым. Бу орто дойдуга Дьылҕа Хаан тыйыс ыйааҕар бэриммэккэ, олоххо тапталларын күүһүнэн дьон тэҥэ олох олорорго дьулуурдаах дьон бааллар.
Чэ, кэпсиир киһибин Рея диэн ааттыахха. Кини сэбиэскэй кэмҥэ элбэх оҕолоох дьиэ кэргэҥҥэ төрөөбүтэ, иитиллибитэ. Төрөппүттэрэ сопхуос туруу үлэһиттэрэ буолан, элбэх оҕону көрөр-харайар бириэмэлэрэ суоҕа таайдаҕа – Рея төрөөбүт дойдутугар баар интэринээккэ олорон оскуолатын бүтэрбитэ. Онон, кыра эрдэҕиттэн бэйэтин бэйэтэ көрүнэр, саҕалаабыт дьыалатын хайаан да тиһэҕэр тириэрдэр, кимиэхэ да атаҕастаппат, кыамматы, мөлтөҕү харыстыыр киһи буоларга «хатарыллыбыта» кэлиҥҥи олоҕор олус наадалаах буолуон оччолорго ким да тымтыктанан да көрбөтөҕө.
Рея оскуолатын ситиһиилээхтик бүтэрэн, Дьокуускайга сиэстэрэ идэтигэр үөрэнэ киирбитэ. Үөрэҕин бүтэрэн, олох киэҥ аартыгар киэҥник хардыылыах буолан истэҕинэ, кини улаханнык ыалдьара биллибитэ. Бүөрүн туруга олус мөлтөөн, үрүҥ халааттаах аанньаллар диализка анаабыттара. Хомойуох иһин, диализтанан доруобуйата тупсан биэрбэтэҕэ. Онон атын киһи бүөрүн көһөрүү эпэрээссийэтин оҥорторорго сүбэлээбиттэрэ.
1989 сыллаахха икки бүөрэ аккаастаан, атын киһи бүөрүн олортоххо эрэ, салгыы олох олорор кыахтаммыта. Элбэх бииргэ төрөөбүттэриттэн 5 оҕолоох улахан убайын бүөрэ эрэ сөп түбэһэрин быһаарбыттара.
Онон Саратов куоракка Саха сириттэн 5 паара донордаах тиийэн, ол иһигэр Рея убайын кытары өр сытан бүөрү көһөрүү эпэрээссийэтин оҥорторбуттара. Онтон кэлэн баран төрөөбүт дойдутугар кэскилин тэринэргэ наһаа улахан дьиэ туттарбыта. Биир дойдулаахтара: «Тоҕо наһаа маннык улахан дьиэни тутуннуҥ?» – диэбиттэригэр Рея: «Син биир сотору өлөр эрээри… улахан дьиэбэр бырааһынньыктыы кэлиэххит дии», – диэбитин кулгааҕа эрэ истэн хаалбыта. Чахчыта да, улахан эпэрээссийэни ааспыт киһи санаата тууйуллар кэмнэрдээҕэ. Тоҕо диэтэххэ, били Саратовка баран бүөрдэрин уларыттарбыт дьонноро үксүлэрэ утуу-субуу олохтон туораабыттарын истибит этэ…
Ол эрэн, Рея дьылҕата инникитин хайдах туох быһаарылларын күүтэ, санаарҕыы сылдьар айылгыта суоҕа.
Эмискэ быһаарынан, куоракка көһөн кэлбитэ уонна кыра хос атыылаһан олорбута. Дьүөгэлэрэ суорумньулаан кэргэн тахсыбыта. Дьиҥэр, бастакы эпэрээссийэтин кэнниттэн быраастар Рея оҕолонуон сөбүн туһунан эппиттэрэ. Ол эрээри, Рея оҕолонор сааһым ааһан эрэр диэбитэ дуу, атын оҕону иитэ ыларга быһаарынан дьүөгэлэрин соһутан да, үөрдэн да турар. Сорох дьүөгэлэрэ, дьиҥэр, ити үлүгэр улахан эпэрээссийэ кэнниттэн туох буолуо биллибэт, олоҕо баҕар уһуо суоҕа диэн куттана санаабыттара кистэл буолбатах. Ол да иһин, оҕо ииттэ ылбытын дьиибэргээбиттэрэ эрээри, хомотумаары аһаҕастык эппэтэхтэрэ.
Ыарыыта бэргээн, 2015 сыллаахха Новосибирскайга эпэрээссийэҕэ иккиһин барарга күһэллибитэ, ол туһунан кимиэхэ да эппэтэҕэ. Онно тиийэн донор (өлбүт киһи бүөрэ) көстөн биэрбэккэ, олус өр кэтэһэн сыппыта. Бу сырыыга уорганы көһөрүү иһин эпэрээссийэ төлөбүрдээх буолан биэрбитэ. Реялара Новосибирскайга эпэрээссийэлэнэ барбытын хойут истэн, оскуолаҕа бииргэ үөрэммит оҕолоро уонна Рея күлэ-үөрэ этэринии, «интэринээтчиттэрэ» биир киһи курдук туруммуттара, үлүгэрдээх үбү хомуйар түбүгэр түспүттэрэ. Өрөспүүбүлүкэ хаһыатыгар үлэлиир дьүөгэтэ сүүрэн-көтөн, Ил Түмэн дьокутаата харчынан көмөлөһөн, сөптөөх суума хомуллан, эпэрээссийэтэ ситиһиилээхтик оҥоһуллубута.
Сыллар-хонуктар ааһан испиттэрэ. Бүөрүн ыарыыта син биир биллэрэрэ, эмп күүһүнэн сылдьыбыта. Алдьархай соҕотоҕун кэлбэт дииллэринии, 2010 сыллаахха кэргэнэ эмискэ ыалдьан өлөн хаалан, огдообо хаалар дьылҕаламмыта. Туох баар инники ыралара күдэҥҥэ көппүт курдук буолбута, Рея улаатан эрэр кыыһынаан соҕотоҕун туран хаалбыта. Соҕотох, өссө эбиитин ыарыһах ийэ аны кэлэн ытаан-ыллаан туһа суоҕун өйдөөбүтэ. Наар дьүөгэлэрин, аймахтарын түбүгүрдүөн, кини олоҕунан олоруохтарын баҕарбатаҕа.
Рея массыына ыытарга үөрэнэн, суоппар быраабын түргэнник ылан сөхтөрбүтэ. Өссө ону-маны таскайдыырбар, тиэйэрбэр наада буолуо диэн, тута улахан «Тойота Ноах» массыынаны атыыласпыта. Массыына атыылаһарыгар сүбэ-ама буолбут дьүөгэтин уола Дьокуускайга массыына ырыынагыттан тахсаат да: «Мин барардаахпын, массыынаҕар бэйэҥ олорон айаннаа», – диир киһи буолан биэрбитэ. «Мин сатаабаппын буо, саатар дьиэбэр илдьэн биэриий» – диэн көрдөһүү-ааттаһыы бу түгэҥҥэ туһата суоҕун өйдөөн, куттаннар да, уруулга олорбута… Куорат аймалҕаннаах уулуссаларынан айаннаан, куорат таһынааҕы дьиэтигэр хайдах кэлбитин өйдөөбөт. Арай билигин: «Төрүөхпүттэн уруулга олорбут курдук этим», – диэн дьонун күллэртиир.
Кэргэнэ тыыннааҕар саҕалаабыт чааһынай дьиэлэрин барытын бэйэтэ ситэрдэ диэтэххэ, күүркэтии буолбатах. Рея туох баар кистэнэ сыппыт талаана уһуктан, учаастагын кэргэннээх үөлээннээхтэриттэн туох да итэҕэһэ суох тутан-хабан олорор. Сибэккилэрин иһиттэрин, уу хаһаанар буочукаларын оһуорун-мандарын көрүө этигит. Кимиэхэ да суох хатыламмат уруһуйдар манна бааллар, олох дьиэ хаһаайкатын майгытын-сигилитин кэрэһилиир курдуктар, ол эбэтэр уруһуйдара эмиэ сырдыгынан сыдьаайаллар, ыалдьыты үөрэ-көтө көрсөллөр.
Кини хаһан да кимиэхэ да ыалдьарын туһунан кэпсээбэт, бэйэтин аһыннаттарарын, дьүөгэлэрэ кэргэттэринээн көмөлөһө кэлэллэрин сөбүлээбэт. Ол оннугар көннөрү сынньана, күлэ-үөрэ, шашлыктыы кэлэллэригэр аана куруук аһаҕас.
Хаһан да кимиэхэ да аккаастаабат, барыларыгар бастакынан көмөлөһөөччү, кыһалҕаттан тахсарга наадалааҕы тобулааччы – кини. Аймах дьонун оҕолорун барыларын дьиэтигэр олордон, астарын-үөллэрин бэлэмнээн тэҥҥэ иитистэ, үрдүк үөрэхтэтэлээтэ.
Соҕотох, эбиитин инбэлиитинэн учуокка турар (Рея ити тылы олох сөбүлээбэт) киһи кыыһын иитэригэр, улаатыннарарыгар хаһан да кыһалҕаны көрсүбэтин бииргэ үөрэммиттэрэ сөҕөн кэпсииллэр.
«Баҕар көрсүбүтэ да буолуо. Ону биһиэхэ кэпсээн бэрт. Киһи үөрүүтүнээҕэр эрэйин ордук кэпсиир дииллэр да, Реяттан кыһалҕа туһунан биир тылы ыга үктээбэккин. Ол оннугар, аныгылыы эттэххэ, «финансовая грамотность» быһа сиэбит киһитэ. Көрдөхпүтүнэ, кини хаһан да кэччэйбэт, харчытын аахпат, баҕарбытын толорор, ол да буоллар, харчытынан тутайбытын билбэппит. Кыыһа улаатан тэҥҥэ күүлэйдииллэр, Дубайга тиийэ сынньанан кэлбиттэрэ. Өссө биһиги, тэрилтэ салайааччылара ааттаах дьон, кирэдьиит оннугар киниттэн бырыһыаҥҥа иэс ылабыт. Аны эмигэр-томугар харчы барар буоллаҕа. Дьүөгэбит олоххо сыһыаныттан хата биһиги киниттэн үөрэнэбит. Хойутаан да буоллар, кэргэн буолар дьолун билбитин, ыалдьа-ыалдьа оҕо иитэ ылан улаатыннарбытын биһиги дьиҥнээх дьоруойдуу быһыынан ааҕабыт. Билигин күнэ-ыйа сиэниттэн тахсар.
Аны кини сатаабата суох: баайар, минньигэстик астыыр, ыалдьыан иннинэ гимнастиканан дьарыктана сылдьыбыта.
Дьүөгэбит Рея олоҕу үтүө эрэ хараҕынан көрөр, наар дьоҥҥо-сэргэҕэ көмөлөһө сылдьар майгылаах буолан, билиҥҥэ диэри үлэ, олох үөһүгэр сылдьарыттан олус үөрэбит», – диэн бииргэ үөрэммит оҕолоро (билигин 60 саастаахтар) дьүөгэлэриттэн олохторун тухары үөрэнэллэрин, оҕолоругар, сиэннэригэр үтүө холобур быһыытынан кэпсии-ипсии сылдьалларын туһунан киэн тутта этэллэр.
... Кини математикаҕа Биир кэлим эксээмэнин (ЕГЭ) кыайан туттарбакка, күһүн кэлэн туттарарга мэктиэлэммит. Ол эрээри…
Елена устудьуоннуу сылдьан, 18 сааһыгар кэргэн тахсан, ыарахан буолан, төрүүр дьиэҕэ киирбитэ. Хантан билиэй, аан…
Эдьиий Дора сүбэтэ. Эккэ-хааҥҥа иҥэмтэлээх, ыраас, туһалаах эбиликтээх ас сүмэтэ биһиэхэ баарын сотору аан дойду…
Дьуһуурунай борокуруор иһитиннэрбитинэн, суукка устата буруйу оҥоруу туһунан 12 иһитиннэрии бэлиэтэммит. Ол курдук, Нерюнгри куоракка…
Бу күннэргэ биир дойдулааҕым, Учууталым диэн улахан буукубаттан суруйар, ытыктыыр-сүгүрүйэр киһим Баһылай Сэмэнэбис Сүөдэрэп-Сэмээр Баһылай…
Ахсынньы 13 күнүнээҕи туругунан сымыыт былырыыҥҥы кээмэйин -- 97,7 мөл устууканы ыллылар. Сыл бүтүөр диэри…