Арыгы сүрүн уратыта — киһи мэйиитин кылгас кэмҥэ туймаардар, тулалыыр эйгэни атыннык көрөр-билэр оҥорор, холуочук уонна итирик диэн туруктарга киллэрэр.
Наркология өрөспүүбүлүкэтээҕи диспансерын кылаабынай бырааһын тэрээһин-методическай үлэҕэ солбуйааччы Любовь Николаевна Копылова арыгылаах утах содулун туһунан кэпсээбитин билсиэҕиҥ.
Биири өйдөтөн этиэхпин баҕарабын: саха киһитэ соҕурууҥҥу атын омуктар организмнарыттан олох атын тутуллаах буолан, арыгыга кэбэҕэстик ылларар.
Хомойуох иһин, ону билиммэккэ, куруук бу утаҕы иһэр дьон бастаан мэйии өттүнэн психологическай тутулукка киириэхтэрин сөп. Ол аата арыгыта суох буоллахтарына, туохтара эрэ тиийбэт, олохтон соччо үөрбэт-көппөт буолаллар. Ол аата сааныктарыгар этиил испиирэ олохсуйан, наадалаах эттиккэ кубулуйан, көрдүүр организм бэйэтэ көрдүүрүгэр кубулуйар. Маннык дьону бу дьаллыктан эмтиир күчүмэҕэй уонна элбэх үлэни, сыраны киһиттэн бэйэтиттэн да, быраастан да эрэйэр. Киһи соһуйуон иһин, билигин өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 10 тыһыынчаттан тахса киһи наркологияҕа учуокка турар. Бу балыыһаҕа киһи, бастатан туран, бэйэтин баҕатынан киирэр. Ардыгар суут уурааҕынан, күһэлэҥ да өттүнэн киирэн эмтэнэн тахсар түгэннэрэ бааллар. Олоххо тардыһар дьон бэйэлэрэ баҕа өттүнэн кэлэн эмтэнэн учуокка туруулара баар суол. Бу дьону биһиги икки сылга учуокка ылан эмтиибит, психологка сырытыннарабыт. Икки сыл устата хас ый аайы кэлэн, арыгыны испэккэ сылдьарын туоһулаан анаалыс туттарар, бырааска көрдөрөр. Кистэл буолбатах, ону тулуйбакка сылдьыбат, көтүтэр, иһэн кэбиһэр дьон бааллар. Бу киһи оччоҕо икки сылынан учуоттан тахсыбакка, эбиитин өссө иккис сылын туран уһаан биэрэр. Эдэр дьон маны өйдүөхтэрин наада, билигин массыынаны ыытар быраабы, сааланыы көҥүлүгэр учуокка туруулара адаҕа буолан, олоҕор араас моһоллору көрсүөн сөп. Онон ханнык баҕарар ыарыы киһиттэн бэйэтиттэн тутулуктааҕын эмиэ умнумуохха наада. Сорох дьон быһалыы, биллибэтинэн төлөбүрдээх эмтэниини аастахха, учуокка туруорбаттар дииллэрэ сыыһа. Кинилэр учуокка буолбакка, испииһэккэ киирэллэр. Холобур, биллибэккэ төлөөн эмтэнэн баран, бэйэтин туттуммакка иһэр түгэнигэр, иккис биллибэккэ эмтэниитигэр хайаан да учуокка ылыллар. Онон олоххут бэйэҕит илиигитигэр баарын умнумаҥ!
Барыгытын кэлэн иһэр Саҥа дьылынан! Дьолу саргыны, чөл олоҕу!
Ньургуйаана СКРЯБИНА
Байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр психологтар көмөлөрө, өйөбүллэрэ салҕанар. Ааспыт нэдиэлэҕэ, ону сэргэ…
Сорохтор уонунан, сүүһүнэн миэтэрэ үөһэ ытталлар, атыттар саастыылаахтарын кырбыылларын видеоҕа усталлар. Бу барыта биир эрэ…
Ким этэҥҥэ сылдьыан, уһун үйэлэниэн баҕарбат буолуой? Бары да уһуннук, дьоллоохтук олорору сэргиир, сэҥээрэр буоллахпыт.…
Дьааҥы улууhугар Табалаахха оҕо уhуйааныгар "Аҕыйах ахсааннаах хотугу норуоттар үгэстэригэр уhуйуу - төрөөбүт дойдуга бэриниилээх…
Быйылгыттан Саха сиригэр Ил Дархан Айсен Николаев өйөбүлүнэн “Мин бастакы идэм” диэн үрдүкү кылаас үөрэнээччилэрин…
Быйыл балаҕан ыйын 3-6 күннэригэр диэри Владивосток куоракка Уһук Илиҥҥи экэнэмиичэскэй пуорум буолан ааспыта. Онно…