«Олохпун ырыаҕа анаабыппыттан кэмсиммэппин»
Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх артыыһа Варя Аманатоваҕа 2023 сыл бэйэтин үбүлүөйдээх сааһын, Саха эстрадата тэриллибитэ 55 сылын уонна айар үлэтин 30 сылын кытары дьүөрэлэстэ.
Варя Аманатова-Алаас Кыыһа — 55 сыл анараа өттүгэр саха эстрадата сайдар суолун түстээбит, эстрада бастакы идэлээх артыыстара: СӨ уонна РФ үтүөлээх артыыһа, кэлин СӨ норуодунай артыыһа буолбут Юрий Платонов уонна СӨ үтүөлээх артыыската Наталья Трапезникова махталлаах үөрэнээччилэрэ.
Варя Уус Алдан улууһун Бороҕон орто оскуолатын бүтэрээт да, 1990 сыллаахха Улан Удэ куоракка култуура институтугар тыйаатыр отделениетыгар үөрэххэ туттарса барбыта. Ол эрээри, туттарсааччы кыргыттар-уолаттар бары улахан уҥуохтаахтарын, төрөлкөйдөрүн уонна култуурунай-сырдатар училище кэнниттэн кэлбиттэрин көрөн: «Дырааама тыйаатырын артыыһа буоллахпына, сүрүн оруолларга тиксиэм суох. Кыра уҥуохтаахтар наар Пистолет курдук, травести-оруолларга эрэ тиксэллэр» дии санаан ылбыта. Оччолортон да наар соҕотоҕун ыллыы, сүрүн героиня буола сылдьыбыт кыыс сыанаҕа бэйэтин ырыаһыт эрэ быһыытынан көрөр баҕата баһыйбыта уонна хоровой отделениеҕа саамай улахан баалы ылан, үөрэххэ киирбитэ. Дьалхааннаах 90-с сылларга үрдүк үөрэххэ киирии да уустуктардаах кэмэ буолан, кылааһыттан бастакынан үрдүк үөрэххэ киирбититтэн бары үөрбүттэрэ, эҕэрдэлээбиттэрэ.
Варя Улан Удэҕэ бастакы кууруска үөрэнэ сылдьар кэмигэр Дьокуускайга Эстрада ускуустубатын айар мастарыскыайа аһыллыбыта. Сүүмэрдээһин хайыы үйэ бүппүтүн кэннэ, каникулун кмигэр бэйэтин холонон көрбүтэ. Владимир Заболоцкай, Владимир Татаринов, Иван Бурцев, Марфа Колесова, Сергей Расторгуев састааптаах дьүүллүүр сүбэ кыыс дьоҕурун үрдүктүк сыаналаан, тута үөрэххэ ылбыттара. Онон, Варя төрөппүттэригэр, дойдутугар чугаһаан, иккис сылыгар кэтэхтэн үөрэххэ көспүтэ. Дьиҥэр, Улан Удэҕэ Илин Сибиирдээҕи култуура институтун иһинэн баар «Сибирский сувенир» диэн улахан ансаамбылга бастакы куурустан солистканан ылыллан, аан бастаан Францияны, Испанияны, Бельгияны, Польшаны, Германияны, Алясканы илэ хараҕынан көрөр дьолломмута, саха ырыатын омуктарга билиһиннэрбитэ.
Варя үрдүк үөрэххэ бииргэ үөрэммиттэрэ бары култуура, ускуустуба үтүөлээх үлэһиттэрэ, туйгуннара, саха дьоно билинэр, ытыктыыр дьоно буоллулар.
Улахан сыанаҕа аан бастаан тахсыы
Оччолорго Варя «Кэнчээри» оҕо норуодунай ансаамбылыгар солисткалыы сылдьара. Ити кэмҥэ «Бэлэм буол» оҕо хаһыата тэрийбит улахан кэнсиэригэр Опера уонна балет тыйаатырыгар кылыһахтаах тойугунан кыттыбыта.
Итинтэн саҕалаан, кырачаан бэйэтигэр дьүөрэлэспэт күүстээх куоластаах оҕо Москваҕа, Санкт-Петербурга, Хабаровскай кыраайга, Амурскай уобаласка култуура улахан тэрээһиннэригэр кыттыыта ырыаһыт буолар аартыгар ааны арыйбыта саарбаҕа суох.
Варя Аманатова айар үлэтин 30 сылын «Эдэр саас» хаһыат 30 сылын кытары киэн тутта ситимниир. «Эдэр саас» хаһыат аан бастаан тэриллэр сылларыгар хаһыат айар бөлөҕөр киирсэн, Тааттаҕа, Уус Алдаҥҥа тиийэн, ылбаҕай ырыаларынан ««Эдэр саас» күннэрин» киэргэппитэ.
Ити кэнниттэн Уус Алдан улууһун Бороҕонугар уонна дойдутугар Тандаҕа кэнсиэртээбитэ. Уус-уран салайааччы Иван Бурцев оҥорбут бырагырааматынан сольнай кэнсиэригэр Юрий Платонов, Петр Пестряков курдук норуот тапталлаах артыыстара кыыстарын арыаллаан тиийэн, Варя дойдутугар бастакы кэнсиэригэр алгыс тылларын анаан тураллар.
1997 сыллаахха «Алаас кыыһа» ырыа күн сирин көрбүтэ, бу ырыатынан «Дьокуускай-97» ырыа куонкуруһугар кыттан, лауреат аатын ылбыта. Көрөөччү алаас «сыттаах» ырыаны да, толорооччуну да таптаан, Варя Аманатованы «Алаас кыыһынан» билиммитэ.
Алгыс буолбут кэнсиэртэр
«Талаан ньүөл кырыстан тахсар» диэн мээнэҕэ эппэттэр. Варя ийэтэ, норуот эмчитэ, култуура бэтэрээнэ Роза Васильевна Аманатова «Ырыа -– олоҕум аргыһа» диэн дьиэлэригэр баар кырачаан кинигэҕэ киирбит ырыалары барытын билэрэ уонна ыллыыра Онон, Варя кыра эрдэҕиттэн наар ийэтэ ыллыырын истэн уонна «Кэнчээри» оҕо норуодунай ансаамбылыгар дьарыктанан, олоҕун ырыаҕа анаабытын кэрэһилээн, ахсынньы 10 күнүгэр буолаары турар айар үбүлүөйдээх киэһэтин «Ырыа» диэн мээнэҕэ ааттаабата (айар үлэтин 25 сылыгар анаабыт кэнсиэрэ «Үс кутум» диэн ааттааҕа).
Ийэтэ ордук Христофор Максимов, Валерий Ноев, Аркадий Алексеев ырыаларын ис-иһиттэн иэйэн туран ыллыыра. Ийэтин кытары сайын алаастарынан, сайылыктарынан агитбириигэдэҕэ сылдьан соҕотоҕун ыллыыра. Баҕар, ол да иһин, улахан оҕото Варята эмиэ норуот ырыаларыттан саҕалаан сыанаҕа таҕыстаҕа.
Горнай улууһугар аан бастакы гостуруолун кэнсиэрэ «Ырыам миэнэ кэлэр кэммин түстээриий» диэн этэ. Бу кэнсиэр кэнниттэн итинник алгыс тыллардаах хас да ыстатыйа хаһыаттарга тахсыбытын ийэтэ кырыйан ылан ууран кэбиспитэ.
Кырдьыга да, Варя ылбаҕай ырыата кэлэр кэмин түстээн, саха норуотун биир тапталлаах ырыаһыта буолан, үбүлүөйдээх сааһыгар өссө биир улахан үлэтин бар дьонугар бэлэхтиир дьоллоох түгэнэ тиийэн кэллэҕэ!
«Тыйаатырбар бэриниилээхпин»
Варя Аманатова:
«Убаастыыр учууталым Юрий Платонов: «Эстрада ускуустубата -– биир артыыс тыйаатыра» диэн үөрэтэрэ. Ол аата биир артыыс бүтүн сыананы хабан, бэйэтин куолаһын, ырыатын нөҥүө көрөөччүнү абылыыр. Кэнсиэри бэйэтэ ыытар, ыллыыр, үҥкүүлүүр, барытын биир киһи толорор.
Бары билэргит курдук, кэлиҥҥи сылларга тыйаатыр үлэтэ-хамнаһа уларыйда, репертуарга киирэн үлэлиибит. Элбэх артыыс тыйаатыртан барда, бастакы сылларга хас биирдиибитигэр тосту уларыйыы барбыта. Урут «мин» диэн өйдөбүл күүстээх, сыанаҕа соҕотоҕун тахсар буоллахпытына, билигин испэктээктэргэ, мюзиклларга бүтүн хамаанданан үлэлиибит. Ол эбэтэр бэйэбитин эмиэ уларыттыбыт. Ити уларыйыылары мин ыараханнык ылымматаҕым. Тоҕо диэтэххэ, уруккуттан тыйаатыр артыыһа буолар баҕабын кыратык да олоххо киллэрэр кэм тиийэн кэлэн дуу уонна билигин даҕаны Саха тыйаатырыгар куппунан-сүппүнэн чугас буоламмын, хайдах эрэ тута ылыммытым, ис туругум атын өттүнэн аһыллыбыта. Билигин да биир да премьераны көтүппэппин, эдэр сылдьан «Хаарыан хампа күөх кытылым» аатырбыт испэктээги сэттэтэ көрбүтүм! Ол курдук абылатабын, артыыстарга сүгүрүйэбин, кинилэри сырдык сулус курдук көрөбүн. Тыйаатырбар кыра, улахан оруол диэбэккэ, биэрбит оруолларыгар ис сүрэхпиттэн баҕаран туран оонньуубун.
Урут кылыһахтаах ырыанан тахсыбыт Алаас кыыһа буоллахпына, билигин ырыаһыт Далбар Хотун уобараһыгар чугаһаатаҕым. Сыанаҕа наар хобулук үрдүгэр сылдьарбын көрөн эбитэ дуу, сорох дьон көннөрү көрсөн: «Алаас кыыһа» кырачаан бэйэлээх эбиккин диэччилэр. Кырдьыгынан эттэххэ, кыра уҥуохтаахпыттан кыбыстыы, харгыстаныы син биир баара. Ханнык да атын эйгэҕэ сөп түбэһиэм суох эбитэ буолуо, онон ырыанан таҕыстаҕым дии (күлэр). Үөһээ Дьааҥы уола Андрей Слепцовка кэргэн тахсан, Дьааҥы сыалаах этинэн аһаан, «уойа-тото», 64 киилэ ыйааһыннана сылдьыбыт кэмнэрдээҕим. Кийииппит хатыҥыра бэрт диэннэр, куулунан эти ыыталлара», -– диэн тус олоҕун сэгэтин ылар.
Варя кэргэнинээн үс оҕоҕо күн сирин көрдөрбүттэрэ. Улахан оҕолоро Кристина — 16, орто оҕо Андрей — 14, кыралара Семен 9 саастаахтар. Улахан уол Андрей спортсмен, Саха сирин тустууга сүүмэрдэммит хамаандатыгар киирсэн, «Азия оҕолоро» аан дойдутааҕы успуорт оонньууларыгар бэлэмнэнэ сылдьар. Дагестаҥҥа, Киргизияҕа, Казахстаҥҥа икки ый курдук хомуурга сылдьан саҥа кэллэ. Кыра быраата Семен эмиэ кини курдук спортсмен буолар баҕалаах.
«Кэргэммэр олус махтанабын. Мин курдук биир сиргэ олорбот үлэлээх киһини өйдөөн- өйөөн, оҕолорун улаатыннарда. Мин, бэл, оннооҕор ханна туох, төһө төлөнөрүн да билбэт киһи этим. Ону сэргэ ийэбэр Роза Васильевнаҕа махталым муҥура суох. Күн бүгүҥҥэ диэри оҕолорбун көрсөн олорор.
Ийэм биһиги кыра эрдэхпитинэ, дьиэтин-уотун хомуйар кэмигэр «Дьулуруйар Ньургун Боотур» грампластинканы холбоон кэбиһэрэ. Онон, сахалыы тыл сүмэтэ куппар-сүппэр дириҥниҥ иҥмит буолан эбитэ дуу, оҕолорум көрдөһөннөр, арыт бииргэ олорон эрэ кинигэ ааҕабыт. Билиҥҥитэ ким да ырыаҕа чугаһа биллибэт. Чэ, буоллун. Ырыаҕа баран хаалан, дьолгун ыллаан кэбиһэҕин быһыылаах. Тугу ыллыырыҥ эмиэ олоххор хайдах эрэ кэлэр курдук, ол иһин, ырыа тиэмэтигэр эмиэ болҕомто ууруохха баар эбит. Кыыһым дьиҥэр, миигиннэээҕэр үчүгэйдик ыллыыр, суруналыыстыка өттүгэр тардыһыылаах. Кыра уол фокусниктары үтүктэр, ол эрэн, бэйэтэ толкуйдаан сатаан оҥорор буоллаҕына эрэ көрдөрөр. Кылгас да кэмҥэ бардахпына, дьиэ кэргэммин наһаа ахтабын, дьиэбэр курдаттыы талаһабын.
Олохпун ырыаҕа анаабыппын хаһан да кэмсиммэппин. Баҕар, иккистээн да төрөөтөхпүнэ, эмиэ ырыа туһугар олоруом эбитэ буолуо. Эстрадам тыйаатырыгар бэриниилээхпин, Юрий Платонов аатынан тыйаатырга үлэлиирбинэн, кини үөрэҕин салҕааччынан ааҕынабын. Тыйаатырга убаастыыр учууталым аата иҥэриллибититтэн олус үөрэбин.
Тыйаатырбар, тыйаатырым салалтатыгар, биир идэлээхтэрбэр улахан махталлаахпын. Үөрэр да, хомойор да түгэммэр куруук аттыбар бааллар. Дьиэбит умайбыт ыарахан кэмигэр бары харчынан көмөлөһөн, улаханнык өйөөбүттэрэ. Тулалыыр эйгэм, дьонум олус үчүгэйдэр, онон кынаттанан, күүс ылан инним диэки эрэллээхтик хардыылыыбын.
Олох оскуолатын ааһарбар бииргэ алтыспыт дьоммун үрдүктүк тутабын. Доҕотторбор дьоһун олоҕу, саха дьонугар иллээх, эйэлээх олоҕу баҕарабын.
Айыы Тойон таҥарам, айыыларым, өбүгэлэрим көҥүллүүллэрин, ыллаталларынан тухары олохпун ырыаҕа аныаҕым», -– диэн олоҕун кэпсээнин түмүктүүр.
ххх
В.Аманатова үлэтин киниискэтигэр В.В.Филиппов дириэктэрдээх «Сахаконцертка» үлэҕэ ылыллыбытын туһунан биир эрэ суруктаах
Варя — Бурятияҕа ыытыллар «Белый месяц» ырыа аан дойдутааҕы куонкуруһугар сахалартан бастакы кыайыылаах, саха ырыаһыттара бу куонкуруска кытталларыгар суолу арыйааччы.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: