Кэнсиэртэргэ, тэрээһиннэргэ дьон буола турар быһыыны-майгыны үгүстүк төлөпүөҥҥэ устар. Кинилэр аны холкутук олорон кэнсиэри көрбөттөр. Оннооҕор аһыыр астарын, оҕолорун, дьиэ кэргэттэрин туһунан кэпсээн барытын социальнай ситимҥэ киэҥник тарҕатар буолбуттара сөхтөрөр.
Бу барыта хаһааҥҥыттан саҕаламмытай? Быһата, социальнай ситим киэҥник сайдан барбытыттан. Быһата ким тус олоҕун аһаҕастык устан киэҥ эйгэҕэ таһаарбыт, ол элбэх сурутааччыламмыта…
Кинилэр эттэригэр-сииннэригэр, сирэйдэригэр-харахтарыгар туох эпэрээссийэ, тупсарыы оҥорторбуттарыттан саҕалаан, бырааһынньыктарга бэлэх-туһах атыыласпыттарын, тугу аһаабыттарын, ханна сынньаммыттарын барытын аһаҕастык таһааран блогер аатын ылбыттара. Олоххо көрүү, ылыныы онтон ыла сыыйа уларыйбыта. Туохтан да кыбыстыбат, тугу да хоҥорууларыгар хоҥнорбот, дьон кыһалҕатын аанньа ахтыбат түгэннэр кытта бэлиэтэнэр буолбуттара. Ол курдук дьон үксэ ханна кимнээх арыгылаан баран охсуспуттарын, кыыһырсыбыттарын, эйэлэспиттэрин барытын социальнай ситим сыанабылыгар таһаарара. Дьон ис эйгэтэ, ис туруга сатарыйбытын манна бэлиэтии көрүөххэ сөп. Эдэр көлүөнэ, ыччат өттө социальнай ситимҥэ маннык дьону кумир оҥостор буолбута. Сыралаһан үлэлээбэккэ чэпчэкитик харчылаһыахха сөп диэн өйдөбүл үөскээбитэ. Ол хайдах уонна туохтан? Мин билэр ыалым оҕолоро унньуктаах уһун күн устата төлөпүөнүгэр хатанар. Төрөппүттэрэ хайдах да хааччахтыыр диэни билбэттэр. Тоҕо диэтэххэ, иллэҥ кэмнэригэр кинилэр эмиэ төлөпүөҥҥэ олороллор. Бу ыалы дьукаахтыы олорор дьон курдук эрэ көрүөххэ сөбүн дьиксинэ көрбүтүм. Кыыстарыттан инникитин туох идэлээх үлэһит буолуоххунуй диэбиппэр, кини чап курдук «блогер буолуом» диэн соһуппута.
Бу соторутааҕыта Жатай бөһүөлэгин таһыгар дьону тиэйэн испит оптуобус уонна «Тойота Раум» массыына харсыспыттара. Охсуу күүһүттэн «Тойота Раум» массыына улаханнык алдьанан-кээһэнэн, суоппар сырдык тыына быстыбыта. Оттон оптуобус түннүгүн тааһа алдьаммыта. Тимир көлө иһигэр баар 50-ча киһиттэн уончата араас эчэйиини ылбыта. Ол эрээри бу саахалы, эчэйбит дьону ааһан иһэр массыыналаах дьон тохтуу-тохтуу төлөпүөннэригэр уста туралларын үгүс киһи бэлиэтии көрбүт. Дьон алдьархайыгар тоҥуй буолуу саха дьонугар-сэргэтигэр ама хаһааҥҥыттан баар буолбутай? Тоҕо дьон үксэ блогер буола сатыырый? Куһаҕаны аан бастакынан билэ охсорго, тарҕатарга дьулуһарый? Маннык хас да түгэни бэлиэтиэххэ сөп. Туораттан дьон иэдээнин устуу, көмөҕө ыксаабат буолуу дьон тоҥ сүрэхтэммитин туоһулуур. Бу өрөспүүбүлүкэ эрэ иһигэр буолбакка, дойду үрдүнэн киэҥник тарҕаммыт көстүү.
Социальнай ситимҥэ бэйэлэрин тус олохторун, хаартыскаларын киэҥник тарҕатар, аһаҕастык сүбэ-ама биэрэр дьон элбэх сурутааччыланар. Уйулҕа үлэһиттэрэ быһаарбыттарынан, оҕо саастарыгар улахан болҕомтону ылбатах, элбэх доҕордоммотох-атастамматах киһи социальнай ситим нөҥүө бэйэтин дакаастыы сатыыр эбит. Кинилэр сурутааччыларыттан хайҕал, махтал тылларын истэргэ дьулуһаллар. Бу кыһалҕа, хомойуох иһин, оҕо саастан төрүттээх. Оҕо сылдьан ситэ тапталы, болҕомтону ылбатах, ардыгар туоратыллыбыт да буолуон сөп, маннык киһи мааны таҥас-сап, бүрүчүөскэ оҥотторон, ол туһугар анаан харчы төлөөн да туран хаартыскаҕа түһэн сыанабыл ыларга кыһаллар. Тус олоҕунан олорбокко төлөпүөн экранын нөҥүө олоҕу көрөр, ылынар буолар. Дьон «лайк» төһө туруорбутуттан олоҕо тутулуктанар. Оттон киһи балаһыанньаттан уонна дьон санаатыттан көҥүл буолуохтаах диэн психологтар этэллэр. Көҥүл эрэ киһи көҥүл дьону иитэн таһаарар кыахтаах.
Кинилэр дьиэлэрин-уоттарын, дьиэ кэргэттэрин таһааран дьону угуйаллар. Күҥҥэ хастыы да сториһы, видеоны устан дьон болҕомтотун тардаллар. Дьиҥнээх олохторо, чугас дьоннорун кытта истиҥ сыһыаннара эмсэҕэлиэн сөп. Сорохтор элбэх сурутааччыланан анал куурустары ыыталлар, дьону да үөрэтэр буолаллар. Элбэх коучтар, эмчиттэр, алгысчыттар, талааны арыйааччылар, үҥкүүгэ-ырыаҕа үөрэтээччилэр бааллар. Кинилэри барыларын бар дьон биһирэбилэ уонна харчы ситимниир. Дьиҥ дьоҥҥо көмөлөһүөн баҕалаах ахсааннаах.
Суруяна Неустроева, Анаабыр улууһун Үрүҥ Хайа оскуолатын дириэктэрэ:
– Социальнай ситимҥэ барытын аһаҕастык таһаарыы билиҥҥи олох ирдэбилэ буолан хаалла. Ардыгар итинник видеоҕа устан буруйу-сэмэни арыйбыт да түгэннэрэ баара буолуо эрээри, ардыгар сиэр-майгы өттүнэн соччото суох көстүү. Дьон тус олоҕор туораттан да орооһор курдуктар. Саамай киһи сөҕөрө, социальнай ситимҥэ туох эмит таҕыстаҕына, дьон санаата, кэмэнтээрийэ быдьара, сиэр-майгы өттүнэн сатарыйбыта хомотор. Ама маннык куһаҕан санаалаах, култуурата суох дьон баар дуу диэн киһи хараастар. Ханнык да түгэҥҥэ киһи сиэрдээх, култууралаах буолуохтаах дии саныыбын.
Любовь Матвеева—Сүүмэх, К.И.Максимова—Сайыына аатынан духуобунас киинин истээччитэ, бэйиэт:
– Хас биирдии киһи айылҕаттан иитиллэр, үөрэнэр буолан, бу сиргэ үөскүү-ууһуу кэлэр. Былыр сахаларга этэрбэс сонуна диэн баара. Кэлин этэрбэс араадьыйатыгар кубулуйбута. Кэлин муҥутаан сайдан бу көстүү блогердааһын диэн омуктуҥу, сутуйуулаах майгыга-сигилигэ кубулуйда. Бүгүҥҥү олохпутугар киһи быстахтык быһыыламмыта эрэ буолбакка, оннооҕор тугу саныыра кытта күөрэйэн тахсан ыстыыр ыас, өйү-санааны сынньар ыарыы буолла. Манна даҕатан эттэххэ, араас буолар-буолбат сыыс санаалары, дьон-сэргэ мөкү өрүттэрин, кыһалҕаларын тарҕатарга тиэтэйии олус ыарахан дьайыылаах. Бастатан туран, куһаҕаны эрэ булан көрө охсон сии-одуу оҥосто идэлэммит дьон ис эйгэлэрэ сүһүрбүтүнэн барар. Кири-хоҕу хомуйуу бөх кутар биэдэрэ курдук хараҥа ньэгири мунньунар буоллаҕа. Иккиһинэн, бу олоххо киһи олоҕор табыллыбата, чугас дьоно-сэргэтэ, оҕолорун олохторо түҥнэстэриттэн ураты туох ыарахан баар буолуой? Туох барыта иэстэбиллээх. Былыр биһиги өбүгэлэрбит куһаҕан сураҕы-садьыгы тарҕаппат этилэрэ. Бу сиэр-туом кэлэр кэскили харыстыыр быһыы буолара саарбаҕа суох. Өй-санаа өттүнэн сиппит, киэҥ толкуйдаах киһи хараҥа быһыыны, куһаҕаны, хобу-сиби тарҕаппат, хооһох хостоспот. Онон оҕолорбут, кэлэр кэнчээри ыччаппыт туһугар сэмэйдик сылдьыахтаахпыт, куһаҕан ньэгири (энергияны) тарҕатыа суохтаахпыт.
2024 сыл ахсынньы 25 күнүгэр "Союз2.1б" аракыата-носитель "Байконур" космодромуттан Саха Өрөспүүбүлүкэтин уонна Бүлүү куоратын гербэлэрэ…
Оскуола агролабораториятыттан репортаж Кыһыҥҥы суол аһыллан, илин эҥээр бастакы командировкабыт Мэҥэ Хаҥалас Сыымаҕар туһаайылынна. Эрэдээксийэ…
“Кимиэхэ эрэ “Сулустаах” дьиэ, кимиэхэ эрэ...” диэн кыһалҕалаах дьиэлээх-уоттаах үс оҕолоох ийэ туһунан суруйбуппут. Бу…
Ахсынньы 13 күнүгэр Дьокуускайга Ю.Гагарин аатынан Култуура киинигэр Дьиэ кэргэн сылын үөрүүлээхтик сабыы тэрээһинэ буолла.…
"ЯТЭК" ПАУо 2024 сылга үп-хаһаайыстыбаннай үлэтин уонна 2025 сыллааҕы былааннарын көрөр мунньахха Айсен Николаев Дьокуускайга…
Дойдубут аҕа баһылыга Владимир Путин бу күннэргэ сылы түмүктүүр мунньахтарын ыыталыыр. Ахсынньы 10 күнүгэр Гражданскай…