Салгыы
Олохтон үөрэбин, Алампаҕа сүгүрүйэбин…

Олохтон үөрэбин, Алампаҕа сүгүрүйэбин…

06.11.2022, 11:42
Бөлөххө киир:

Бэйиэт Николай Нутчин-Дьуур Өлүөхүмэ, Сунтаар  улуустарыттан силистээх, олоҕун улахан аҥаарын оҕону иитиигэ анаабыт бастыҥ педагог, РФ үөрэҕириитин бочуоттаах үлэһитэ, мэтэлиис учуутал, “Саха-Азия оҕолоро” пуонда стипендиата, СӨ үөрэҕириитин туйгуна, үс оҕо амарах аҕата, хас да сиэн истиҥ эһэтэ. Хоһоон хонуутугар өссө отучча сыллааҕыта үктэммитэ эрээри, аҕыйах сылтан бэттэх Дьуур диэн аатынан киэҥник биллэр. 

 

Күн бүгүҥҥэ диэри Юра

– Николай Николаевич, Дьуур диэн псевдонимы ким, хаһан иҥэрбитэй?

– Ийэм миигин оҕолонон баран балыыһаҕа киирэн хаалбыт. Сэбиэт сэкирэтээрэ дьахтар ийэм балыыһаттан тахсарын кэтэһэн көрөн баран, күн-дьыл ыраатыыһык диэн, итиэннэ ийэбин билэр буолан бэйэтэ толорорго соруммут. Аҕабын аатын эрэ билэр эбит. Онон миитэрэккэбэр Нутчин Николай Николаевич диэн суруйан кэбиспит. Ийэм миигин балыыһаҕа сытан Юра диэн аатынан ыҥырар эбит. Тахсан сибидиэтэлистибэбин арыйа баттаабыта, букатын атын аат сурулла сылдьар үһү. Хайыай, уларыттара барбатах. Ол да буол­лар, ийэм, бииргэ төрөөбүттэрим, бэйэм саастыылаах дьонум бука бары Юранан ыҥыраллар, ким даҕаны Коля диэбэт.

Дьуур диэн псевдонимы кэлин, 2017 сыллаахха, Дьокуускайга көһөн кэлэн баран ийэм таптаан ааттаабыт Юра диэн аатыттан сиэттэрэн таһаарбытым. Хоһоону манна кэлиэхпиттэн, иллэҥ бириэмэ көстүөҕүттэн хото суруйар буолбутум, бассаапка хоһоонньуттар бөлөхтөрүгэр киирбитим. Ол иннинэ дэҥ кэриэтэ суруйарым.

“Саргылаана”, “Таабырыннар”, “Ардахха”…

– Аан бастакы хоһооҥҥун өйдүүгүн дуу?

– 1984-1985-с сылларга устудьуоннуу сылдьан “Саргылаана” диэн хоһоону суруйбутум. СГУ ИФФ саха салаатыгар кэтэхтэн үөрэнэр уолаттар уопсайга олорбуппут. Саргылаана диэн кыыс төрөөбүт күнүгэр барыахтаах этибит. Биир үтүө күн Дьааҥыттан сылдьар Руслан Аммосов гитаратын уларсан, оонньообута буола олордохпуна, “Саргылаана” хо­­һоон тыллара бэйэлэрэ тахсан кэлбиттэрэ. Кумааҕыга сурунан кэбиспиппин Руслан көрөн баран, ырыаҕа табыллыыһы диэн сыаналаабыта.

Онтон дойдубар кэлэн баран утуу-субуу “Таабырыннар”, “Ардахха” диэн хоһооннору суруйталаабытым. Биир дойдулаа­ҕым Спартак Кузьмин мелодиятын айан, нэһилиэк оҕото-ыччата “Хотугу сулус” куонкуруска тиийэ ыллаабыттара. “Саргылаана” ырыаны нэһилиэккэ билбэт киһи суох быһыылаах.

– Төһө элбэх хоһоонуҥ ырыа буолла?

– Ону аахпыт суох, бу диэн билбэппин. Оннооҕор хас хоһоон­ноохпун аахпаппын. Сороҕор, хоһоонньуттар бөлөхтөрүгэр мөҕүллэбин – кумаа­ҕыга тиһэн испэккин, сүтэрэн кэбиһэҕин дииллэр.

– Бэйэҥ матыып таһаарбаккын дуо?

– Биир баар (күлэр, аапт.), “Ыллыахха” диэн ааттаах. Бэйэм көннөрү ыллаан ыыппыппын, мусукаан киһи ырыа оҥорон кэбиспит, эбиитин Дьуур тыллара уонна мелодията диэн суруйбут этэ. Онон алҕас биир ырыаланан хаалбытым.

Санааны түһэрбэккэ, өрүүтүн ыллыахха, ырыанан сүрэҕи үөрдүөххэ, олохтон кэрэни сомсуохха диэн ис хоһоонноох. Букатын ырыаһыта суох киһибин, ол да буоллар, дьиэбэр үлэлиирбэр, массыынанан айанныырбар куруук киҥинэйэн ыллыы сылдьабын. “Саха киһитэ оҕуска олордо да олоҥхоһут” диэн мээнэҕэ эппэтэхтэрэ. Олоҕу баары баарынан ылынан, самнан хаалбакка, үөрэ-көтө сылдьыахха наада, онтон санаа да бөҕөргүүр.

– Ордук ханнык тиэмэҕэ суруйаҕын?

– Ийэ, айылҕа, төрөөбүт дойду, таптал, о.д.а. араас тиэмэҕэ. Хоһооннорум дьону сырдык­ка сирдиир ис хоһоонноохтор. Бэйиэт барыта даҕаны хоһоо­ну тапталтан саҕалаан эрдэҕэ, улуу Пушкины этэ да барбаппын. Кэргэним Дария Георгиевна Нам Хатырыгыттан төрүттээҕэ. Кыыллааҕы иккис дойду оҥостубута, манна көһөн кэлэн баран улаханнык ахтара.

Билигин оҕо, эдэр сааспын санаан, харахпар көрөн ахтылҕан тиэмэтигэр үгүс хоһооннор­доохпун. Ол быыһыгар кэмигэр гыныахтаахпын ситиспэккэ хаалбыппын диэн эмиэ мунчааран ылабын. Күнүскү үөрэххэ үөрэммитим эбитэ буоллар, успуордунан дуу, билиминэн дуу дьарыктаныам хаалбыт. Балыстарым үөрэнэ барбыттара, ийэм дойдутугар соҕотох хаалбыта. Ол иһин кэтэхтэн көспүтүм.

Кэлин патриотическай тыыннаах хоһооннору суруйталыыбын. “Олоҥхо дойдутун уолана” диэн хоһооммор Люция Бандерова-Айыллаана мелодия айан толорбут ырыабыт ба­­йыаннай дьа­­йыыга сылдьар саха уолаттарыгар тиийэн санааларын көтөхпүтүн, махталларын биллэрбиттэрин истэн үөрэн олоробун.

“Сакалааттаһан” баран…

Аны үөрэххэ киириим эмиэ туспа кэпсээннээх. Кыра эрдэхпиттэн тиэхиньиичэскэй үөрэххэ туттарсар баҕа санаалааҕым. Өлүөхмүмэтээҕи тиэхиньикуму бүтэрээри сырыттахпына, преподавателим Иркутскайга  баран инженер идэтигэр туттарыс диэн сүбэлээбитэ. Ахсааҥҥа үчүгэй этим. Биир дойдулааҕым, доҕорум Василий Бекянов онно үөрэнэ сылдьара. Иркутскайга баран иһэн, үөрэҕин быраҕан кэлбитин истибитим. Соҕотоҕун нуучча сиригэр барыахпын баҕарбатаҕым. Онон олох­тоох университекка туттарсарга санаммытым. Урут Саха сиригэр билиҥҥи курдук киһи талар үөрэҕэ элбэҕэ суоҕа. Арай, гаас, ньиэп идэлэрэ бааллара эбитэ буоллар, үөрүүнэн киириэх эбиппин. Ол курдук Дьокуускайга сылдьан кылаабынай куорпус (ГУК) иннигэр абитуриент саха уолаттарын көрсөн кэпсэттим. Өлүөхүмэттэн сылдьарбын истэн: “Ок, Өлүөхүмэ бааһынайа. “Окошканан посмотрилаа”, – диэбиттэриттэн улаханнык өһүргэнним. “Кыыллаах Арыыга нууччалыы билбэт уу сахалар олоробут”, – диэтим. “Дьиҥнээх сахалар, биһиги, саха тылыгар туттарса сылдьабыт” – дэспиттэриттэн кыһыйан, “эһигиттэн улаханнык хаалыам суоҕа” диэн сакалааттастыбыт, докумуоммун укта сылдьар киһи тута киллэрэн биэрдим, үөрэххэ киирэн хааллым. Ити курдук сакалааттаһан үөрэхпин бүтэрэн, идэбинэн, уопсайа, 30-ча сыл учууталлаатым. Ол иннинэ үлэ уруогар, трактороведениеҕа үөрэтэ сылдьыбытым.

Хоһооннор кутуллар кэмнэрэ

– Николай Николаевич, айар абылаҥ дьыл хайа кэмигэр ордук киирэрий? Эбэтэр үлэ курдук оллоонноон олорон суруйаҕын дуу?

– Илиибэр уруучука туттум, олоппоско олордум даҕаны хо­­һоон тыллара өйбүттэн букатын көтөн хаалаллар. Таһырдьа үлэлээн киирэн баран төлөпүөн туттум да, тыллар бэйэлэрэ кутуллан бараллар. Ону түргэн үлүгэрдик төлөпүөммэр сурунан ылабын. Билэр дьонум, арааһа, Үөһэттэн этиттэрэҕин дуу дииллэр. Билбэппин, бэрт соһуччу тыллар сааһыланан киирэллэр. Кэлин бэйэм да дьиктиргиир буолан эрэбин.

Сороҕор үлэлиир-хамсыыр кэммэр толкуйдуубун, төбөбөр сааһылыыбын, дьиэҕэ киирэн сурукка тиһэн кэбиһэбин. Сааһы, от-мас көҕөрөр, ньургуһун тыллар кэмин ордоробун. Бу кэмҥэ иэйии ордук уһуктар. Уонна киһи киһиттэн үөрэнэр. Ким эрэ хо­­һоонун аахтахпына, кыым саҕыллар быһыылаах, салгыы бэйэм хоһооннорум айыллан, тэнийэн тахсаллар.

– Табыллыбыт-табыллы­батах хоһоон диэн баар дуу?

– Хайаан да баар. Хоһоонум туга эрэ сымсах дии санаатахпына, төлөпүөммэр куопуйалаан ылан чочуйан биэрэбин. Кумааҕыга хаһан даҕаны суруммаппын. Биир үксүн ол да иһин төһө элбэх хоһоонноохпун билбэппин.

– Хоһоонуҥ хомуруунньугун таһаарар былааныҥ суох дуо?

– Дьээ, бары итини ыйыталлар. “Ынаҕым суох”, – диэтэхпинэ, – эн хоһооҥҥор ынах туох сыһыаннааҕый, – диэн соһу­йаллар. Сорохтор тута өйдүүллэр. Барыта үптэн-харчыттан тутулуктаах эбээт.

– Поэзияттан ураты жанрга ылсар санаа баар дуо?

– Кыралаан прозаҕа үктэниэх курдукпун да, сүрэҕим улаханнык тэппэт. Син суруйуохпун баҕарталаан ылабын ээ. Аҕыйах хонуктааҕыта “Күһүҥҥү быраактыка” диэн суруйан испит кэпсээммин салҕаа дииллэр да, сүрэх тиийбэт, илии барбат. Проза бүтэн-быс­тан биэрбэт, тахса турар. Бэркэ кэпсии­гин, итилэри кэп­сээн гынан таһаардаргын, ыччакка олус туһалаах буолуо этэ дииллэр. Ол эрээри, уһуну-киэҥи тулуйан-тэһийэн суруйбаппын.

Алампа аатынан судаарыстыбаннай бириэмийэни

– Уһуннук учууталлаабыт уонна суруйар киһи быһыытынан аныгы саха литэрэ­тиирэтин хайдах сыаналыыгын?

– Поэзия олоҕу кытта тэҥҥэ хаамсан иһэр. Урукку суруйаач­чылар айымньылара ааҕааччыны толкуйдатар кыахтаахтар. А.Е.Ку­ла­ковскай-Өксө­күлээх Өлөк­сөй, А.И.Софронов-Алампа айым­ньы­ларын билигин даҕаны хаттаан сөҕө-махтайа ааҕабын. Өксөкүлээх Өлөксөй 1900 сыллар саҥаларыгар хайдах биһиги билиҥҥи кэммитин өтө көрөн суруйбутун кыайан тобулбаппын. “Уу тулалаах дойдулартан” сэрэниҥ диэн бүгүҥҥү олохпутун уот харахха этэр. Ити хайдаҕый?

Алампа ааҕааччы дууһатын кылын таарыйар ураты суруйааччы. Ханнык эмэ тыйаатыр иннигэр өйдөбүнньүгэ дьэндэйиэн баҕарабын. Тыйаатырга аата да бэриллибэтэр, саатар, айымньыларыгар сүгүрүйээччилэр сылга биирдэ кэлэн сибэкки дьөрбөтүн ууран ааһыа этибит. Таһырдьаттан бэйэтин драмаларын даҕаны истэн, кута-сүрэ уоскуйуох этэ диэн санаан ылабын. Аны Алампа аатынан судаарыстыбаннай бириэмийэ баарын истэ иликпин. Итинтэн улаханнык мунчаарабын. Тоҕо? Туох улахан буруйун иһин? “Ойуурдаах куобах охтубат” дииллэр, Алампа ойуура – оҕото-уруута, туга даҕаны суох. Алампа ойуура норуот буолуохтаах. Норуот өйдүөхтээх-өйүөхтээх, туруорсуохтаах этэ. Драма жанрын бастакынан киллэрбитэ. Тоҕо? Оччолорго саха үөрэҕэ-хаа­ра суох, ааҕар киһи букатын аҕыйах. Ол оннугар харах­таах-кулгаахтаах саха элбэх. Драма нөҥүө олоҕу көрдөрөн, дьон өйүн-санаатын уһугуннарарга дьулуспута. Онон кинини улахан өйдөөх, сырдатааччы киһинэн билинэбин. Дьиҥэр, литэрэтиирэ бары жанрыгар үлэлэспитэ даҕаны куоһур буолуох этэ эрээри, аата ситэ ааттана илик.

– Билигин Алампа курдук суруйааччылар бааллар дуо?

– Аныгы литэрэтиирэни эккирэтиһэн туран аахпаппын. Түбэһэ түстэхпинэ, Наталья Харлампьева, Сайа хоһооннорун ааҕабын, ааҕааччыны толкуйдаталлар. Бэҕэһээ Евдокия Иринцеева-Огдо кэпсээнин биир тыынынан бүтэрдим, мэктиэтигэр хараҕым ууланан ылла. Ол эрээри, эрэл санаанан түмүктэнэн, дьэ “һуу” диэн нус-бааччы утуйдум. Биир идэлээҕим учуутал Максим Ксенофонтов бэркэ суруйар. Билиҥҥи эдэрдэр поэзияларын соччо иҥэн-тоҥон аахпаппын, прозаны биһириибин. Кэлиҥҥи сорох ырыалар “кэллим-бардым”, “харахпын симтим” диэбит курдук судургу тыллаах, судургу суолу батыһан эрэллэр. Ханнык баҕарар айымньы киһини иитэр-үөрэтэр, сырдыкка сирдиир аналлаах буолуохтаах дии саныыбын.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
12 декабря
  • -41°C
  • Ощущается: -41°Влажность: 66% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: