«Олохтоох ас» эт бородууксуйатынан күндүлүүр
Саха сиригэр «Уһук Илин гектара» бырагырааманан кэтэх учаастагы ылыыга 3695 дуогабар түһэрсиллибит диэн дьиэ-уот, сир сыһыаннарыгар министиэристибэ иһитиннэрэр.
Ол курдук, бу бырагырааманан сир учаастагын ылбыт Альберт Васильев билигин Ньурба улууһугар ыыһаммыт халбаһыны, сибиинньэ, сылгы этиттэн бородууксуйаны оҥорон таһаарар бырайыагы олоххо киллэрдэ.
Кэргэнниилэр Валентина уонна Альберт Васильевтар производственнай сыаҕы арыйыахтарын баҕарбыттара ыраатта, тоҕо диэтэххэ, кинилэр бэйэ хаһаайыстыбатын сайыннарыыга уопуттаахтар, билигин 60-ча төбө сүөһүлээхтэр. Тыа сиригэр эт аһы астыырга бэйэ дьыалатын арыйан саҕалыырга кинилэр хаһаайыстыбалара көмөлөспүтэ.
Васильевтар дьиэ кэргэттэрэ 2022 сыллаахха бу ылбыт гектардарыгар, эбии грант көмөтүнэн, 90 кв.м. иэннээх дьиэ туттан, халбаһыны оҥорор анал тэриллэри туруоран, “Олохтоох ас” сыаҕы үлэҕэ киллэрдилэр.
— Биһиги ыыһаммыт халбаһы бородууксуйатыттан саҕалаабыппыт, оҥорон таһаарыы кээмэйин кыра-кыралаан улаатыннарбыппыт. Бородууксуйаны олохтоох нэһилиэнньэҕэ эрэ буолбакка, чугастааҕы улуустарга, өрөспүүбүлүкэ киин куоратыгар илдьэн, батарабыт, — диэн кини кэпсиир.
Былырыын 7 туонна эт бородууксуйаны оҥорбут буоллахтарына, быйыл 10 туоннаны оҥорон, батардылар. Билигин, кээмэйин улаатыннаран, Васильевтар олохтоох дьонтон сылгы, ынах этин атыылаһаллар. Сибиинньэ этин Дьокуускайтан аҕалаллар. Маҕаһыыҥҥа билигин 18-тан тахса көрүҥ бородууксуйа атыыланар.
«Олохтоох ас» сыах оҥорон таһаарар үлэтин салгыы сайыннарарыгар АЛРОСА курдук бөдөҥ хампаанньалары кытта бииргэ үлэлэһиитэ төһүү буолла. Ол курдук, быйыл “АЛРОСА-торг” диэн үлэһиттэрин аһатар тэрилтэ Накыын оробуочайдарыгар анаан, «Олохтоох ас» бородууксуйаларын атыыласпыта. Маннык өйөбүл олохтоох оҥорон таһаарыы сайдыытын көҕүлүүр сыаллаах. АЛРОСА үлэһиттэрин аһылыктарыгар ураты болҕомтотун уурар, оттон хампаанньа «АЛРОСА-торг» диэн салаата олохтоох иҥэмтиэлээх аһынан хааччыйар.
Хаартыска: Ил Дархан, бырабыыталыстыба пресс-сулууспата.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: