Олохтоох бэйэни салайыныы — КлиКра сокуонунан

Share

Бу күннэргэ Ил Түмэн уонна Куорат Дууматын дьокутааттара, өрөспүүбүлүкэ уонна Дьокуускай куорат Уопсастыбаннай балаататын итиэннэ уопсастыбаннас бэрэстэбиитэллэрэ кыттыылаах мунньах буолан ааста. Мунньахха дьокутааттар олохтоох бэйэни салайыныы саҥа федеральнай сокуонун бырайыагар, көҕүлээһин быһыытынан, чуолаан, муниципальнай тэриллии баһылыктарын эрэгийиэн баһылыга туруорбут хандьыдааттарыттан муниципалитет дьокутааттара талыахтаахтар диэн этии киллэрдилэр.

Дьокутааттар көҕүлээһиннэрэ

Дьүүллэһии Судаарыстыбаннай Дуума олохтоох бэйэни салайыныы федеральнай сокуонун бырайыагын көрүүнү саҕалаабытынан ыытылынна. Олохтоох бэйэни салайыныы туһунан саҥа сокуону ылыныы боппуруоһа турбута ыраатта. Сокуон барыла 2020 сыллаахха ылыныллыбыт Арассыыйа Конституциятыгар публичнай былаас биир кэлим систиэмэтин туһунан уларытыыны киллэриигэ олоҕурар. Дьүүллэһии чуолаан, Арассыыйа үгүс кииннэригэр куорат мээрдэрин быһаччы быыбардаан талбакка, эрэгийиэн анаабыт дьонуттан дьокутааттар бэйэлэрэ талар кыахтаналларын туһунан буолла. Мунньахха Дьокуускай бу саҥа систиэмэҕэ киирэ илик дойду түөрт куоратыттан биирдэстэрэ буоларын бэлиэтээтилэр. Бу көҕүлээһин федеральнай таһымҥа ылылыннаҕына, сокуон силигэ ситиэ диэн буолла.

Сайаана Львова хаартыската

Ил Түмэн Судаарыстыбаннай тутулга уонна сокуону оҥорууга сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Афанасий Владимиров куорат баһылыктарын быһаччы быыбардыыртан аккаастанан, эрэгийиэн баһылыга киллэрбит хандьыдааттарыттан талыыга көһүү дойдуга 2020 сыллаахха ылыныллыбыт Арассыыйа Төрүт Сокуонугар сөп түбэһэр диэтэ. Ол курдук, кини Судаарыстыбаннай Дуума билигин федеральнай таһымҥа дойду Бырабыыталыстыбатын тэрийсиигэ кыттыһар, оттон от ыйыгар муниципальнай тэриллиилэр бэрэстэбиитэллээх уорганнара олохтоох дьаһалтаны тэрийиигэ кыттыһар быраабы ылбыттарын тоһоҕолоон бэлиэтээтэ.

Василий Кононов хаартыската, Ил Түмэн саайтыттан.

Оттон Ил Түмэн Олохтоох бэйэни салайыныыга сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Владимир Прокопьев бу көннөрүү киириитэ былаас уорганнарын оруолун үрдэтиэҕин уонна дойду субъектарын баһылыктарын уонна дьокутааттарын иннигэр киин куораттар баһылыктарын эппиэтинэстэрин күүһүрдүөҕүн эттэ. Кини быһаарарынан, дьокутааттар мээри талаллара норуот былааһын бириинсибигэр олоҕуруохтаах, оччоҕо куорат баһылыга дьокутааттар иннилэригэр отчуоттуур буолуоҕа.

Дьокуускай куорат дьокутаата Виктор Федоров бу саҥа сокуон олохтоох бэйэни салайыныы сайдарыгар улахан суолталааҕын этэн туран, өйүүрүн биллэрдэ. Дьокутаат билиҥҥи экэнэмиичэскэй уонна бэлитиичэскэй усулуобуйаҕа көдьүүстээҕин дакаастаабытын уонна кини мээри талыы саҥа көрүҥэр көһөргө өссө 2006 сыллаахха этии киллэрбитин санатта.

Өскөтүн куорат баһылыгын быыбардыыр саҥа көрүҥ олоххо киирэр түгэнигэр, билигин салайа олорор мээр боломуочуйатын болдьоҕо бүттэҕинэ, ол аата 2026 сылтан саҕаланыаҕа. Онуоха диэри Евгений Григорьев урукку сокуонунан, болдьоҕо бүтүөр диэри халбарыйбат мэктиэлээх.

КлиКра сокуона

Бу уларыйыылар «Судаарыстыбаннай былаас биир кэлим систиэмэтигэр олохтоох бэйэни салайыныыны тэрийии уопсай бириинсиптэрин туһунан» сокуон бырайыагар эбэтэр, норуокка биллэринэн, КлиКра диэн ааттаммыт сокуон бырайыагар олоҕураллар. КлиКра диэн тыл үөһэ ыйыллыбыт сокуон барылын ааптардарын — Судаарыстыбаннай Дуума дьокутааттара Андрей Клишас уонна Павел Крашенинников — араспаанньаларын инники буукубаларыттан холбоммут тыл буолар.

2021 сыл ахсынньы 16 күнүгэр Судаарыстыбаннай Дуумаҕа киирбит «Судаарыстыбаннай былаас биир кэлим систиэмэтигэр олохтоох бэйэни салайыныыны тэрийии уопсай бириинсиптэрин туһунан» сокуон бырайыага олохтоох бэйэни салайыныы систиэмэтин төрдүттэн уларытар сокуон буолуоҕа диэн эспиэрдэр бэлиэтииллэр. Бу сокуон бырайыага бэйэтин кэмигэр бары таһымҥа дьүүллэһиллибитэ. Утарар да, өйүүр да дьон элбэҕэ. Өрөспүүбүлүкэҕэ бэйэни салайыныы биир таһымнаах систиэмэтигэр көһүүнү үгүс эспиэрдэр олус «ыарыылаахтык» ылыммыттара. Сокуон барылын түмүктүүр түһүмэҕинэн Ил Түмэн Судаарыстыбаннай тутулга уонна олохтоох бэйэни салайыныыга сис кэмитиэтин киэҥ ыҥырыылаах мунньаҕар дьүүллэһии уонна олунньу 15 күнүгэр уурааҕы ылыныыта буолбута. Онно дьокутааттар бэйэни салайыныы биир таһымнаах систиэмэтигэр көһүү — эрэгийиэн усулуобуйатын учуоттаан, кыһалҕалаах боппуруоһу миэстэтигэр суһаллык быһаарыыга көмөлөһүөҕэ диэн этэн тураллар. Оччолорго Ил Түмэҥҥэ бастакы ааҕыыга 150‑н тахса, иккис ааҕыыга 50 кэриҥэ этии киирбитэ. Дьүүллэһии түмүгүнэн сис кэмитиэт сокуон бырайыагар 9 көннөрүүнү киллэрбитэ.

Ити курдук федеральнай сокуон бырайыагар эрэгийиэннэртэн олус элбэх этии киирэн, бастакы ааҕыы кэнниттэн ситэрэн биэрэргэ ыйыллан cин балай эмэ кэм сытта. Ол кэннэ «Судаарыстыбаннай былаас биир кэлим систиэмэтигэр олохтоох бэйэни салайыныыны тэрийии уопсай бириинсиптэрин туһунан» сокуон бырайыагар көҕүлээһиннэр эмиэ күөрэйдилэр. Сокуон бырайыага олохтоох бэйэни салайыныыны тэрийии биир таһымнаах систиэмэтигэр көһүү, эрэгийиэн үрдүкү дуоһунастаах киһитэ туруорбут хандьыдааттарыттан муниципалитет баһылыктарын талар кыаҕы биэриэ уонна кинилэр эрэгийиэн баһылыгын уонна дьокутааттарын иннигэр эппиэтинэстэрин үрдэтиэ диэн суруллар.

Хаартыска: СИА

Уонунан сылларга — норуот дьүүлүгэр

Хаһан баҕарар, ханна баҕарар уларыйыы киирэрэ «ыарыылаахтык» дьайар үгэстээх. Олохтоох бэйэни салайыныыга көһүү туһунан инньэ 90‑с сыллар бүтүүлэриттэн киэҥ дьүүлгэ тахсар. Эргэ хаһыаттары хаһа олорон көрдөххө, олохтоох салайыныыга киирии туһунан элбэх ыстатыйа тахсыбыт. Үгүстэрэ өйдөммөт, мөккүөрдээх сокуон диэн суруйбуттар. 2002 сыл кулун тутар 29–30 күннэригэр «Олохтоох бэйэни салайыныы — норуот былааһа» өрөспүүбүлүкэтээҕи научнай-практическай кэмпириэнсийэ буолан ааспыт. Бу күннэргэ бүттүүн Саха сирин интэлигиэнсийэтэ, боростуой дьоно-сэргэтэ мустан олохтоох бэйэни салайыныыга киириигэ бэлэмнэнии туһунан кэпсэппиттэр, туох мэһэйдэр баалларын дьүүллэспиттэр, санааларын этиммиттэр.

Ол кэннэ оччолорго Ил Түмэн дьокутаата Филипп Охлопков «Саха сирэ» хаһыат 2002 сыл ыам ыйын 31 күнүнээҕи нүөмэригэр «Моһуоктаах боппуруостары быһаардахха» диэн ыстатыйата тахсыбыт. Онно Саха сирин олохтоохторо, муниципалитеттар дьиксиниилэринэн дьокутаат улуустар мунньахтарын, дьаһалталарын дьылҕалара хайдах буолуой диэн ырытан, быһааран суруйбут. Кини: «Конституциябыт быыһык кэмҥэ аналлаах туспа салаалаах. Онно суруллубутунан, бу бүгүн талыллан үлэлии олорор судаарыстыбаннай былаас уорганнара (улуустар мунньахтара, дьаһалталара) талыллыбыт болдьохторо бүтүөр эбэтэр олохтоох салайыныыга улууһунан киирэр туһунан быһаарыы референдумунан ылыныллыар диэри үлэлиэхтээхтэр… Дьэ арай, сорох улуустар, нэһилиэктэр таһымнарынан, оттон сорохтор улуустар таһымнарынан олохтоох салайыныыга киирдиннэр? Оччоҕо олохтоох салайыныыга киирбит улуустарга муниципальнай бэрэстэбиитэллээх уорганы, муниципалитет баһылыгын дьон-сэргэ бэйэтэ талар. Оттон улуус таһымынан олохтоох салайыныыга киирбэтэх сирдэргэ улуус салалтата ананар буоларыгар тиийэр дии. Эмиэ да моһуоктаах буолууһу дуу, хайдаҕый?» диэн мунаарыытын суруйар.

Оттон 2021 сыллаахха Судаарыстыбаннай Дуумаҕа киирбит «Судаарыстыбаннай былаас биир кэлим систиэмэтигэр олохтоох бэйэни салайыныыны тэрийии уопсай бириинсиптэрин туһунан» сокуон барылын Саха кэнгириэһэ көҕүлээн уопсастыбаннас ырытыспыт. Онно Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Бэйэни салайыныыга департамент салайааччыта Иван Попов уокурук таһымыгар хас да көрүҥ — быһа быыбар, дьокутааттары истэриттэн талыы уонна анааһын баарын, онуоха нэһилиэнньэ быыбардыыр бырааба учуоттаныаҕын эппит.

Саҥа сокуон барыла олохтоох бэйэни салайыныыга туох уларытыылары киллэриэй диэн ыйытыыга уопсастыбаннас күөн туттар дьоно бэйэтин санаатын күүскэ эппит-тыыммыт, ону Ил Түмэн көрөн-көннөрөн бэйэтин этиитигэр киллэрбит буолуохтаах диэн эрэниэххэ. Судаарыстыбаннай Дуума саайтыгар сурулларынан, сокуон иккис ааҕыытыгар киириэхтээх уларытыылары ылыныы алтынньы бүтүүтүгэр түмүктэниэхтээх.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Гороскоп
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Нэдиэлэтээҕи гороскоп (сэтинньи 22-29 күннэрэ)

ХОЙ Дьону кытта тапсар, уопсай тылы булар кэмиҥ. Элбэх соруктары туруо­руммуккун, олоргун ситиһэ сатаа. Сүрэҕэлдьиири…

13 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Бэйэбит дойдубут Ту-214 сөмөлүөтүн бэрэбиэркэлээн көтүттүлэр

Омук сиригэр кэмпилиэктэммит оҥоһуктарын барытын дойдубут киэнигэр уларытан баран, Ту-214 сөмөлүөтү бэрэбиэркэлээн көрүү саҕаланна, диэн…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Уулаах отон доруобуйаҕа туһата

Сэбирдэҕэр гликозид арбутин, виннай, яблочнай, лимоннай органическай кислоталар, С витамин, альдегид о.д.а. иҥэмтэлээх эттиктэр бааллар.…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьокуускайга бастыҥ ювелирнай оҥоһуктар быыстапкалара аһылынна

 Бүгүн киин куоракка Казначейство саалатыгар “Саха сирин бастыҥ ювелирнай оҥоһуктара-2024” быыстапка аһылынна. Тэрээһин “Кыһын Саха…

12 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

«Таптал» испэктээги көрөн баран санааларым

Платон Алексеевич Ойуунускай аатынан Саха тыйаатыра 95 сыла туоларынан, алтынньы 17 күнүгэр Анемподист Иванович Софронов…

12 часов ago
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар

9,8 мөл. солк. тахса суумалаах көмүһүнэн сокуоннайа суохтук эргиммиттэрэ биллибит

Мэҥэ Хаҥалас улууһун борокуратуурата Ростов уобалаһын уонна Хакасия Өрөспүүбүлүкэтин үс олохтооҕор холобунай дьыаланан буруйдааһын түмүгүн…

12 часов ago